Бүлүү улууhун Баппаҕаайы нэhилиэгэр XIX үйэҕэ улахан уҥуохтаах, бөдөҥ-садаҥ, күүстээх-уохтаах, убайдыы-быраат Моруот уонна Аҥкыр үөскээн-төрөөн ааспыт дьоннор ааттарын үйэтитэн «Анкыр уонна Моруот» бирииhигэр сэттис төгүлүн хапсаҕай аhаҕас күрэҕэ буолан ааспыта.
Уопсайа 110 хапсаҕайдьыт Дьокуускайтан, Бүлүүттэн, Өлүөхүмэттэн, Үөһээ Бүлүү Тамалакааныттан, Бүлүү, Горнай улуустарын Хампа, Дьөккөн, Үгүлээт, Кыргыдай, Тыымпы, Бороҕон, Лөкөчөөн, Илбэҥэ, Бэрдьигэстээх, Орто Сурт, Кэптин нэhилиэктэриттэн кыттыыны ылбыттара. Күрэх балаhыанньатыгар ыйыллыбытынан 2014-15 сыллааҕы уолаттар ыйааhыннарынан: 22 кг, 24 кг, 26 кг, 32 кг уонна 32 кг үрдүк; 2011-13 сыллааҕы уолаттар: 32 кг, 35 кг, 40 кг уонна онтон улахаттар; 2005-2007 сыллааҕы уолаттар: 55 кг, 62 кг, 70 кг, 80 кг уонна 80 кг үрдүк ыйааhыннаахтар кытталлар. Уолаттар бары күүстээх дьарыктаахтар, санаалаахтар, кыайыыга дьулуурдаахтар.
Бу улахан күрэхтэhиини тустуу тренерэ Прокопий Семенович Огудов, Анкыр уонна Моруот аҕа уустарынан аймахтара Ирина Николаевна Жиркова, Баппаҕаайы олохтоох дьаhалтата иилээн-саҕалаан тэрийдилэр. Күрэхтэhиини биллиилээх спортивнай комментатор Александр Васильев-Көрдүгэн хас биирдии кыттааччыны ааттаан-суоллаан, санаатын көтөҕөн, киhи эрэ сэргиир гына этэн-тыынан биллэрэн ыытта.
Күрэхтэhээччилэртэн санааларын истээри интервью ыллыбыт.
Кэскил Корякин, Баппаҕаайы орто оскуолатын 9 кылаас үөрэнээччитэ: — Хапсаҕайынан 2019 сыллаахтан дьарыктанан саҕалаабытым. Саамай ыраах күрэхтэспит сирим Дьокуускай куорат буолар. Кыттааччыларга баҕарыам этэ ситиhиини.
Костя Осипов, 6 кылаас үөрэнээччитэ, Бүлүү Хампатыттан сылдьар:
— Хас сыллаахтан хапсаҕайынан дьарыктанан саҕалаабыккыный?
— Хапсаҕайынан бу саҥа дьарыктанан саҕалаатым, биир нэдиэлэ буолла.
— Саамай ыраах ханна күрэхтэhэ барбыккыный?
— Грозный куоракка күрэхтэhэн кэлбитим.
— Саамай улахан ситиhииҥ?
— Саамай улахан ситиhиим Дагестаҥҥа 4 миэстэ буолбутум.
Сарыал Шестаков, Кыргыдай оскуолата, 10 кылаас: — Хапсаҕайынан 2010 сылтан дьарыктанабын. Монгологияҕа кыттан иккис миэстэ буолбутум. Кыайыыга бэлэммин, бастакы миэстэни ылыам диэн эрэнэбин.
Алик Павлов, 10 кылаас үөрэнээччитэ, Хампа:
— Хапсаҕайынан дьарыктаммытым биир сыл буолла. «Азия оҕолоро» күрэххэ кыттан иккис миэстэ буолбутум, ол мин саамай улахан ситиhиим буолар. Кыттааччыларга баҕарыам этэ кыайыыны-хотууну.
Дьулусхан Иванов, Баппаҕаайы орто оскуолата, 9 кылаас:
— Хапсаҕайынан дьарыктаммытым биир сыл буолла. Кыайыыга син бэлэммин диэххэ сөп. Кыттааччыларга ситиhиини, кыайыыны-хотууну баҕарабын.
«Анкыр уонна Моруот» бирииhигэр хапсаҕай күрэх кыайыылааҕа Игорь Корнилов, ЯЭПИ 1 куурус устудьуона (9 кылаас кэннэ):
— Бэйэм төрдүм Өлүөхүмэ. Полиция үөрэҕэр үөрэнэбин. Алта сааспыттан хапсаҕайынан дьарыктанабын. Улахан ситиhиим диэн элбэх, онтон биирдэстэрэ бүгүн манна кыттыбытым буолар.
Бу күнү нэhилиэк дьоно-сэргэтэ олус сэргэхтик, бары таhаарыылаахтык атаардылар. Кыайыылаахтар араас бириистэринэн уонна анал аатынан наҕараадаланнылар. Муҥуутуур кыайыылаахтар Өлүөхүмэттэн Корнилов Игорь, Горнай Кэптиниттэн Григорьев Егор Моруот уонна Анкыр балтылара Сымаҕыйаан Аана сыдьааннара орто уонна улахан ыйааhыҥҥа туруорбут кубоктарын уонна 35-тии тыhыынча сууманы уу харчынан илдьэ бардылар. Бастакы «Моруот уонна Анкыр» күрэҕи ыытарга сыратын уурбут Никифоров Конон Егорович аатын үйэтитэр анал бирииhин кэргэнэ Людмила Михайловна Баппаҕаайы оскуолатын 11 кылааhын үөрэнээччитигэр Николаев Коляҕа туттарда. Иккис анал бирииhи Лөкөчөөн хапсаҕайдьыт уолугар Кондаков Лаврентийга туттардылар. Огудов П.С. иитэн — үөрэтэн таhаарбыт үөрэнээччилэрэ, билигин араас эйгэҕэ үлэhит дьоннор араас бириистэри спонсордаан туруордулар. Александр Никитич Васильев 1983 сылларга Баппаҕаайы совхозка прорабынан ситиhиилээхтик үлэлээбит. Үлэлээбит сиригэр — уотугар кэлэн кэскиллээх хапсаҕайдьыт, спорду өрө тутар оҕолорго харчынан анал бириистэри туттартаабытын олохтоохтор биhирээтилэр.
Нарыйаана Антонова, 10 кылаас,
«Көмүс бөрүө» пресс-киин
Илбэҥэ, Бүлүү.