Ааспыт 2022 сыл устата Уус Алдан улууһун Чараҥ орто оскуолатыгар Василий Николаевич Мигалкин төрөөбүтэ 110 сылыгар анаммыт үгүс элбэх тэрээһиннэр ыытыллыбыттара.
Ону түмэ тардан түмүктүүр улахан тэрээһин Россияҕа педагог уонна настаабынньык сылын чэрчитинэн ситимнэнэн, Чараҥ орто оскуолатыгар соторутааҕыта умнуллубат көрсүһүүлэр буолан аастылар. Учуутал үрдүк аналынан бу орто дойдуга үйэлээҕи, үтүөнү айан-тутан хаалларбыт Василий Николаевич Мигалкин аатын Чараҥ орто оскуолата 2005 сылтан сүгэр.
Таптал аат
Василий Николаевич 1912 сыллаахха ахсынньы 23 күнүгэр Бороҕон улууһун I Лөгөй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Норуокка биллибит аата — Кыаллар Бааска. Эдэр сылдьан ыһыахтарга тустан, кылыйан уонна сүүрэн, тэтиэнэҕинэн чугас эргин тэҥнээҕин булбакка, Кыанар диэн таптал аатын сүкпүт.
1929-31 сылларга сельхозрабфак иккис куурсун үөрэнэн бүтэрбит, кэнники үлэлии сылдьан, Дьокуускайдааҕы педучилищены бүтэрэн, учуутал идэтин ылбыт. 1932 сылтан 1951 сыллаахха диэри Хоро, Мүрү начальнай оскуолаларыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит. Кылгас кэмҥэ 1941-1942 сылларга Уус Алданнааҕы МТС дириэктэрин солбуйааччынан, 1951-1954 сылларга Хоро нэһилиэгэр бөдөҥсүйбүт Маленков аатынан колхуоска бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. 1954 сылтан оройуоннааҕы сэбиэт исполкомун колхознай тутууга отделын начальнигынан, тутуу инженеринэн, коммунальнай тутуу, суол отделын сэбиэдиссэйинэн үтүө суобастаахтык үлэлээбит.
Киһи буолан үүнэн-үрдээн иһэр “тыыппалаах” уолларын дьоно-сэргэтэ бэлиэтии көрөн “Кыаллар Бааска” диэн ааттаабыттара Василий Николаевич Мигалкиҥҥа олоҕун суолугар тирэх буолбута саарбаҕа суох. Эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн ураты чаҕылхай киһи буолан ситэн-хотон тахсыбыта. Таптал аат киһиэхэ биэрэр күүһүн, кыаҕын холобурун биир киһи олоҕор көрөбүт.
“Оскуолам, дорообо!”
1981 сыллаахха “Бэлэм буол!” хаһыат от ыйын 30, атырдьах ыйын 2, 6 уонна 9 күннэригэр “Оскуолам, дорообо!” диэн ахтыы-ыстатыйа бэчээттэмиттэр. Ааптар М. Ущницкай. Кини маннык диэн суруйбут:
“… Оҕо сааһым ааспыт Мүрүм, хатыҥ Чараҥым, дорообо! Дорообо, оскуолам! Оскуолам баар сирэ, биһиги Чараҥмыт – Мүрү эбэ биир саамай кэрэ миэстэтэ. Киэҥ эбэбитигэр хатыҥ чараҥа бу манна эрэ баар. Хатыҥнар таптаан үүммүт сирдэрэ туспа ааттаах – Нэлээн диэн. Түөрт кыра көлүччэлээх: Кымыс күөл, Дьэрээ Күөлэ, Буочара уонна Нэлээн бэйэтин күөлэ. Итиэннэ – остуол ньуурун курдук хонуу, сыыр тэллэҕиттэн саҕалаан тиит мас хойуутук үүммүт тыата.
Чараҥ бүтүннүүтэ – өссө историческай паамытынньык. Уус-Алдаҥҥа пионерскай лааҕыр 1932 сыллаахха маҥнай манна аһыллыбыта. Ол түбэспиччэ буолбатаҕа чахчы. Айылҕата, ото-маһа кэрэтин иһин оҕолор сынньалаҥнарыгар саамай бэрт сир диэн таллахтара. Лааҕыры маҥнайгы учууталым Василий Николаевич Мигалкин сүүрэн-көтөн астарбыта уонна хас да сыл начальниктаабыта. Пионердары көҕүлээн, салайан, Василий Николаевич Нэлээн арҕаа саҕатыгар буору томточчу куттаран, сибэкки клумбатын ол ортотугар сир кырсынан улахан биэс салаалаах сулуһу оҥорбута. Онто билигин да сытар – долгуйа көрдүм. Тулатыгар киһи сөҕүөн, үөрүөн курдук, хахыйахтар хойуутук силигилээн тураллар. Лааҕырга сынньаммыт сайыммытыгар биһиги ити сулус тула түмсэн оонньуурбут, сборбутун ыытарбыт…
Чараҥмыт биир историческай паамытынньык диирим биирэ ити. Иккиһинэн, манна Уус-Алдан оройуонун маҥнайгы ыһыахтара буолбуттара. Эмиэ миэстэтэ кэрэтин иһин таллахтара. 1936 сыллаахха буолбут ыһыахха саха чулуу уола П.А. Ойуунускай саха суруйааччыларын Амма Аччыгыйын, Күннүк Уурастыырабы кытары күндү ыалдьытынан сылдьыбыттара. Ойуунускай Чараҥы бэркэ таптыы көрбүтэ үһү. Кини Чараҥ дэхси хонуутуар төбүрүөннээбит тыһыынчанан дьон иннилэригэр, трибунаҕа туран, тыл эппитэ (В.Н. Мигалкин сулуһа ити трибуна аттыгар баара). Улуу ыһыах ыһыллыбыт сирин, Ойуунускай тыл эппит сирин кэриэстээннэр, трибуна турбут сиригэр кини кинигэтин томун цеменынан кутан оҥорбуттара, ол аттыгар цемент сэргэни туруорбуттара…”
“Биһиги үтүө үгэспитин салҕаан…”
В.Н. Мигалкин төрөөбүтэ 110 сылыгар анаан Чараҥ орто оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччитэ Диана Бурцева дакылаатыгар, оскуола музейын, В.М. Бурцева, К.А. Неустроева архыыптарын матырыйаалларыгар тирэҕирэн “Көлүөнэлэри ситимниир сулус” буклет 2022 сыллаахха күн сирин көрбүт. Маны түмэн, таҥан Т.А. Крылова, С.М. Атастырова, М.А. Ханчаева оҥорбуттар.
Бу тэттик эрээри баай ис хоһоонноох буклет. Василий Николаевич Мигалкин Нэлээн арҕаа саҕатыгар буору томточчу куттаран, сир кырсынан оҥорбут улахан биэс салаалаах сулуһа көлүөнэлэри ситимниир, оҕо аймах таптаан мустар сирэ буолбут.
В.Н. Мигалкин пионерскай лааҕырын 5 сулустаах сиригэр 1972 сыллаахха ыам ыйын 19 күнүгэр Пионерия 50 сылыгар улахан дружина сбора буолбут. Тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ оччолорго Чараҥ оскуолатын старшай пионер баһаатайа, алын кылаас учуутала, кэлин педагогическай үлэ ветерана, СР үөрэҕириитин туйгуна, СР үөрэхтээһин систиэмэтин Бочуоттаах ветерана, Уус Алдан оройуонугар пионерскай хамсааһын ветерана Клара Афанасьевна Неустроева ахтыыта баар: “1972 сыллаахха Пионерия 50 сылыгар аналлаах үлэбит түмүгүнэн аан бастаан оройуоҥҥа уҥа флангаҕа тахсыбыппыт. Дружина Советын председателя Оксана Бурцева этэ. Оччотооҕу дружинабыт Павлик Морозов аатын сүгэрэ. 5 этэрээттээх этэ уонна 2 октябрятскай группалааҕа. Үөрүүлээх линейкабытыгар үлэ, сэрии ветерана, Крылов Николай Михайлович, педагогическай үлэ, сэрии ветерана Крылов Еремей Гаврильевич уонна тапталлаах баһаатайбыт, наставникпыт, учууталбыт Мигалкин Василий Николаевич буолбуттара.
Наһаа да үчүгэй күн этэ. Бөһүөлэк дьоно бары тахсыбыттара. Этэрээттэртэн, дружина Советын председателиттэн рапорт ылан баран Василий Николаевичка рапорт биэрбитим. Кини наһаа үөрбүт көрүҥнээҕэ уонна мичэрдээт “Рапорт принят!“ диэбитигэр долгуйуум ааспыта. Маҥнайгы пионердарын көрсөн наһаа үөрбүтэ. Ол күн кырдьык да үтүө күн этэ. Оҕолорго туһаайан наһаа элбэх үтүө санаалар этиллибиттэрэ. Васлий Николаевич кэриэс курдук лааҕырда сайын аайы үлэлэтин, биһиги үтүө үгэспитин салҕаан диэбитэ. Кэриэһин толорон хас да сайын пионерскай лааҕыр диэни үлэлэппитим, кэлин атын форманан лааҕырдар үлэлиир этилэр. Ол сыл Василий Николаевич ыарахан ыарыыттан суох буолбута. Кутурҕаннаах атаарар миитиҥҥэ бастыҥ этэрээппин илдьэ тахсан тиһэх суолугар атаарбытым. Ол миитиҥҥэ Уус Алданнааҕы райкомол аатыттан биһиги дружинабытыгар Василий Николаевич Мигалкин аата иҥэриллибитэ”.
Чараҥ орто оскуолатын музейын иилээн-саҕалаан үлэлэтэр Тамара Афанасьвна Крылова оччолорго төрдүс кылааска үөрэнэрэ. 1972 сыллааҕы пионерскай сбору өйдөөн хаалбыт түгэннэрин олус күндүтүк саныыр: “Оскуолаттан парадтаан Нэлээҥҥэ Ойуунускай паамытынньыгар сулуска барбыппыт.Бороҕгнтон ыҥырыылаах ыалдьыттар бааллара. Василий Николаевич Мигалкин парадтаан баран истэхпитинэ, тохтобулларга колхозтар тэриллиилэрин туһунан кэпсиирин өйдүүбүн. Колхозтар ааттарын “Маленков”, “Кыһыл Маяк”, “Нэлим” диирин эрэ өйдөөн хаалбыппын”.
Билиҥҥи кэмҥэ үлэлии-хамсыы сылдьар Чараҥ орто оскуолатын коллектива Василий Николаевич Мигалкин “биһиги үтүө үгэспитин салҕаан” диэн 50 сыл аннараа өттүгэр кэриэс кэриэтэ эппит тылларын умнубат. Иитии, үөрэтии эйгэтигэр киирэр уларыйыылары кытта ааспыт олох историятын тэҥҥэ тутан, ситими быспакка научнай-практическай конференциялары, пионерскай сүлүөттэри тэрийэн ыыталлар, Василий Николаевич Мигалкин пионерскай лааҕырын сулуһугар оҕо аймах син биир тардыһа турар. Үйэлээҕи, үтүөнү айан-тутан хаалларбыт учуутал аатын бүгүҥҥү ыччат умнубат, кэрэ кэпсээн оҥостон илдьэ сылдьар.
Василий Мигалкин үтүө үгэһэ
Чараҥ орто оскуолатыгар билигин 90-тан тахса оҕо үөрэнэр. Манна бастакы оскуола 1931 сыллаахха Митрофан Бурцев дьиэтигэр арыллыбыт. 1932 сыллаахха Дьөгүөһэ кулаак (Бурцев Егор Васильевич) дьиэтин Бэрт Ууһуттан көһөрөн аҕалбыттара билигин мастарыскыай буолан турар. Онтон Василий Николаевич Мигалкин, холкуостаахтар көмөлөрүнэн, 1935 сыллаахха лааҕырга анаан дьиэ туттарбыт. Ити оскуола илин өттө, онтон 1969 сыллаахтан саҕалаан арҕаа өттүн салҕаан туппуттар. 1971 сыллаахха үлэҕэ киирэн, оскуола аҕыс кылаастаах буолбут. Ааспыт сылга Чараҥ орто оскуолатыгар капитальнай өрөмүөн ыытыллан, бу эргэ тутуу саҥардыллан, “сирэйэ-хараҕа” тупсан, сырдаан турар. Килэйбит-халайбыт, киэҥ-куоҥ да буолбатар, барыта уурбут-туппут орун оннугар, илии, сүрэх сылааһа иҥпит оскуолата. Нэһилиэк историятын кытта тэҥҥэ оскуола үүнэн-сайдан кэлбит үктэллэрин кэпсиир, көрдөрөр музейга оҕолор сөбүлээн сылдьаллар.
Төһө да үгүс сыллар ааспыттарын иһин Чараҥ оскуолатыгар Василий Николаевич Мигалкин хаалларбыт суола-ииһэ баар. 2022-2023 үөрэх дьылыттан Россия бары оскуолаларыгар үөрэх нэдиэлэтэ Россия өрөгөйүн ырыатынан толоруутуттан саҕалыыр буолбут эбит буоллахтарына, Чараҥ орто оскуолатыгар бу үтүө үгэс олохсуйбута балайда өр буолла: “Үгүс көлүөнэ үөрэнээччилэрбит Россия, Саха өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыаларын ыллаан, бэйэлэригэр иҥэринэн оскуоланы бүтэрэн олох суолугар үктэммитттэрэ”, — диэн кэпсиир оскуола музыкальнай салайааччыта Надежда Николаевна Свинобоева.
Чараҥ оскуолатыгар кэлбит ыалдьыт уолаттарга барыларыгар кэриэтэ футбольнай бампы, бутсы баарын тута бэлиэтии көрөр. Чараҥ – футбол сайдыбыт сирэ. Спорт бу көрүҥэр тренер – Алексей Иннокентьевич Тарскай. Улуус кииниттэн Бороҕонтон, чугас сытар нэһилиэктэртэн кэлэн дьарыктаналлар. Ыраах нэһилиэктэртэн кэлбит оҕолор оскуола интернатыгар олороллор. Манна футбол баар буолан, интернаппыт баар. Оҕолор үөрэх кэнниттэн дьарыктаах буолууларыгар, эт-хаан өттүнэн сайдалларыгар спорт бу көрүҥэ туһалаах, суолталаах буоларын оскуола коллектива бэлиэтээн этэр.
Биир дьиэ кэргэнтэн тирэҕирэн
Аҕалара Василий Николаевич аатын сүгэр Чараҥ орто оскуолатыгар кини оҕолоро норуодунай поэт Иван Васильевич, М.К. Аммосов аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Афанасий Васильевич, СР үөрэҕириитин туйгуна Мария Васильевна Мигалкиннар, ССРС Бэчээтин туйгуна Зоя Васильевна Кривогорницына, РФ и СР доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна, СР култуураҕа туйгуна, тиис бырааһа Михаил Васильевич Мигалкин уола, Мүрү 1 №-дээх орто оскуолатын дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Алексей Михайлович Мигалкин ыалдьыттаатылар. Аҕаларын, эһэтин туһунан истиҥник ахтан-санаан аастылар.
Афанасий Васильевич оскуола, нэһилиэк олоҕун историятын көрдөрөр архыып докумуоннарын бэлэх уунна. “Аны үс сылынан 95 сылын бэлиэтиир үөрэх, билии кыһатын историятын саҥа кэм хараҕынан көрөн үөрэтиигэ бу докумуоннара олус наадалаахтар”, — диэн оскуола музейын салайааччыта Тамара Афанасьевна Крылова Афанасий Васильевичка махтанар.
Василий Николаевич Мигалкин төрөөбүтэ 110 сылыгар кини оҕолорун иитэр-үөрэтэр идэлэригэр сөп түбэһиннэрэн араас хайысхалаах куонкурустар ыытыллыбыттар. Ол курдук В.Н. Мигалкин оҕолоругар аналлаах викторина, норуодунай поэт Иван Мигалкин хоһооннорунан “Оҕо этим – отон этим” уус-уран ааҕыылар, үрдүкү кылаастарга космофизик, техническэй наука кандидата Василий Мигалкиҥҥа аналлаах роботехника, сахалартан бастакы Россия генеральнай консулунан үлэлээбит, философскай наука кандидата Александр Мигалкин сырдык кэриэһигэр “Будущий дипломат”куонкурустар буолан ааспыттар. Бу күн күрэх бастыҥнарын наҕараадалааһын үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна.
“Василий Николаевич Мигалкин учуутал, ыал аҕатын быһыытынан улахан олоҕу олорон ааспыт киһи. Кинилэр оҕолоро биһиги оскуолабытыгар биир саамай тирэх буолар дьоммут. Биир дьиэ кэргэн олоҕор, үлэтигэр тирэҕирэн бүгүҥҥү көлүөнэ ыччаттарбытын иитэбит”, — диэн этэр Чараҥ орто оскуолатын дириэктэрэ Егор Егорович Филиппов.
Сыал-сорук – “Артек”!
Василий Николаевич Мигалкин төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах тэрээһин биир ураты түгэнинэн кини оҕолорун кытта истиҥ көрсүһүү буолла. Оскуола бары үөрэнээччилэрин хабан, В.Н. Мигалкин оҕолоро кылаас чааһын ыыттылар. Норуоднуай поэт, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин алын кылаас үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүүтүгэр үтүө санаа, хорсун быһыы, оҕо саас туһунан олус истиҥ кэпсэтии буолла.
Суруйаачччы “Артек” лааҕырга сынньана сылдьан космонавт Юрий Гагарины кытта көрсүһүүтүн түгэннэриттэн кэпсээбитин оҕолор олус сэргээтилэр. Оскуола бүгүҥҥү үөрэнээччилэрин ортолоругар “Артек” лааҕырга тиийэр чопчу сыаллаах-соруктаах оҕолор баалларын истэн суруйааччы үөрэ иһиттэ, ситииһилэри баҕарда.
Бу күн оскуола алын сүһүөх үөрэнээччилэрэ Иван Мигалкин айымньыларынан уруһуйдарын хомуурунньугун суруйааччыга бэлэх ууннулар.
Сардаана МАТВЕЕВА.