Аҕа дойду көмүскээччилэрин күннэринэн, биһиги Танда орто оскуолабытыгар элбэх, интириэһинэй тэрээһиннэр буоллулар.
Ол курдук, олунньу 20 күнүгэр ОФП (уопсай физическай бэлэм) күрэҕэ буолбута. Манна тардыныыга, анньыыныга, пресс хачайдааһыныгар уонна автоматы ыһыыга, хомуйууга 1-11 кылаас оголоро күөн көрүстүлэр. Олунньу 22 күнүгэр хаамыы күрэҕэ буолан ааспыта. Ону таһынан, кылаас чаастара уонна музейнай уруоктар ыытылыннылар.
Кристина Бурнашева, Танда орто оскуолатын 8 кылаас үөрэнээччитэ, Уус Алдан.