Олунньу 25 күнүгэр Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгэр «Учуутал — эр киһи идэтэ» диэн бүтүн республикатааҕы күрэх финала үрдүк таһымҥа ыытылынна. Манна республика араас улуустарыттан эр дьон учууталлар курэхтэһэ, күөн көрсө кэлбиттэр.
Олортон биир чаҕылхайдарынан И.Л. Кондаков аатынан Бүлүүтээҕи гимназиябытыгар география уруогун өрүү интэриэһинэйдик үөрэтэр-такайар, дириҥ билиилээх-көрүүлээх учууталбыт Айал Борисович Семенов «Педагог-новатор» номинация хаһаайынынан буолла. Киниттэн ыйытыыларга хоруйдууругар көрдөстүбүт.
1.Хантан хааннааххыный, кимтэн кииннээххиний?
Мин Бүлүү улууһун Халбаакы нэһилиэгэр күн сирин көрбүтүм.Бүлүүтээҕи гимназияҕа алтыс сылбын география учууталынан үлэлиибин.
2. Ханнык үөрэх кыһатын бүтэрбиккиний?
Северо-Восточнай Федеральнай институт географическай отделениетын 2014 с. үөрэнэн бүтэрбитим.
3. Аныгы учуутал хайдах буолуохтаа5ый?
Мин саныахпар, аныгы учуутал оҕолору кытта наһаа “кытаанахтык сыһыаннаспакка”, ол эрэн ирдэбиллээхтик сыһыаннаһыахтаах. Оҕолору кытта уопсай тылы булар, оҕолорго киһилии сыһыаннаах буолуохтаах. Аныгы учуутал уруоктарыгар араас саҥа технологиялары, ньымалары толору туттара ирдэнэр.
4.Бу ыытыллыбыт күрэххэ «Учуутал — эр киһи идэтэ» төһө өр бэлэмнэннигит?
Биир ыйтан ордук диэххэ сөп.
5. Күрэххэ төһө кыттааччы баар этэй?
Барыта 16 улуустан 20 -чэ кыттааччы. Түгэнинэн туһанан бииргэ үлэлиир коллегаларбар көмөҕүт, өйөбүлгүт, араас сонун идеяларгыт, кэккэ сүбэлэргит иһин барҕа махталбын тиэрдэбин.
Күндү учууталбытын үрдүк ситиһиигинэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит түбүктээх үлэҕитигэр, үтүө түмүктэри баҕарабыт.
Сардаана Сыромятникова,
И.Л.Кондаков аатынан Бүлүүтээҕи гимназия 10 кылааһын үөрэнээччитэ