Намнааҕы «Түөлбэ»оҕо киинигэр Саха тылыгар уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах нэдиэлэ буолан ааста.
— Мин аатым Женя Бубякин, III «А»кылааска уерэнэбин. Бугун Түөлбэҕэ» дьыссаат оҕолоро «Олоҥхону олук оҥостон»диэн улуустааҕы курэххэ кытыннылар. Мин, Харысхан, Карина, Айыына буолан, хомуска оонньоотубут. Мин манна хомуска уонна «Төрөөбүт кыраайы үөрэтэр»куруһуокка дьарыктанабын. Мин нууччалыы, сахалыы саҥарабын уонна кыратык ангылычаан, араб тылларын билэбин. Киһи төрөөбүт тылын билиэхтээх дии саныыбын. Атын омук тылын билэр киһи элбэҕи билэр, сайдыылаах буолар.
— Мин Эрхан Стручков IV «Б»кылааска үөрэнэбин.»Түөлбэҕэ»уруокпун ааҕабын уонна «Төрөөбүт кыраайы үөрэтэр»куруһуокка сылдьабын. Саха тылын уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах нэдиэлэҕэ араас куонкурустар буоллулар. Мин хоһоон аахтым,остуоруйа айан кытынным. «Төрөөбүт тыл»диэн викторина буолла. Мин иллэҥ кэммэр пластилинтан ону-маны оҥорорбун сөбүлүүбүн.