Оскуолабытыгар хас бэнидиэнньик аайы «Разговоры о важном» — «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» ыытыллар. Бу туһунан Амма улууһун Соморсун орто оскуолатын учууталларын кытта көрсөн кэпсэттим. Кинилэр санааларын иһиттим. Ханнык матырыйааллары туһаналларын, инникитин өссө ханнык тиэмэлэр киириэхтэрин баҕаралларын туһунан ыйыталастым.
Светлана Афанасьевна Дьячковская, нуучча тылын уонна литературатын учуутала, XI кылаас салайааччыта:
– Мин санаабар, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» киирбитэ үчүгэй. Кылаас салайааччыларыгар улахан көмө буолар. Сценарий, презентация, викториналар барыта бииргэ түмүллэн сылдьаллара табыгастаах. Оҕолор интэриэһиргииллэр. Тиэмэтэ араас, оҕолорго тиийимтиэ. «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» кэнниттэн оҕолор элбэҕи билэллэр. Keskil14.ru саайка https://keskil14.ru/do-unnaa-y-kepsetii/ сахалыы тылынан тахсар матырыйааллары саҥа туттан эрэбин. Сахалыы тылынан суруллубут сценарий, онуоха сөптөөх бэлэм дидактическай матырыйааллар оҕо ылынарыгар туһалаах. «Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ» инникитин моральнай-этическай хайысхалаах матырыйаал элбэхтик киириэн баҕарабын.
Марианна Валерьевна Тараховская, музыка,эбии үөрэхтээһин учутала, IX кылаас салайааччыта:
– «Дьоһуннаах кэпсэтиини» тус бэйэм сэҥээрдим. Оҕолорго маннык уруогу ыытар улахан суолталаах. Россия историятын, билигин туох буола турарын билэллэригэр олус туһалаах. Оскуолабытыгар «Дьоһуннааҕы кэпсэтиини» балаҕан ыйын бастакы күнүттэн саҕалаан ыытабыт. Оҕолор сэҥээрэллэр, элбэх боппуруос биэрэллэр. Бэнидиэнньик аайы ыытыллар уруок курдук чугастык ылынар буоллулар. Саҥа дьыл кэнниттэн Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын keskil14.ru саайтыгар https://keskil14.ru/do-unnaa-y-kepsetii/ сахалыы тылынан тахсар бэлэм матырыйаалларын туһанар буоллубут. Мин санаабар, бу төрөөбүт тылга суолтаны биэрэр, оҕо сааһыланар, Россия историятын ийэ тылынан чугастык ылынан сыаналыыр. Кэлэр өттүгэр «Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ» өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммит күнүн, төрүттээччилэрин, саха суруйааччыларын туһунан баар буолуон баҕарабын.
Игорь Заборовскай, алын кылаас учуутала, III кылаас салайааччыта:
– «Дьоһуннаах кэпсэтии» олус наадалаах уруок дии саныыбын. Ис иһигэр киирдэххэ, Россия историятын кытта Саха сирин историятын тэҥҥэ тутан кэпсиир, оҕоҕо, учууталга даҕаны дойдубутунан киэн туттабын, өйүүбүн диэн санааны иҥэрэр уруок буолуон сөп. Аныгы кэмҥэ сүрдээх наадалаах. Оҕолор сөбүлээн истэллэр, сэҥээрэллэр. Тоҕо диэтэххэ, үөрэх быыһыгар атын, саҥа хайысха киирэн учуутала кинилэргэ остуоруйа дойдутун курдук кэпсиирэ наһаа үчүгэй. Оҕо өйдүүрүгэр судургутук бэлэмнэммит, матырыйааллаах буолан, оҕо саҥаны билэн-көрөн иһэр. Саамай үчүгэйэ диэн норуоппут историятын билэр. Онон наадалаах уруок диибин. keskil14.ru саайтыгар https://keskil14.ru/do-unnaa-y-kepsetii/ тахсар матырыйааллары кэтээн олорон туттабын. Манна кэпсэтии бэриллэр тиэмэтин судургутук өйдөнөр, интэриэһинэй, Саха сирин историятыгар чугас гына оҥорон таһаараллар. Инникитин улуустарбыт, алаастарбыт, ытык сирдэрбит туһунан кэпсиир тиэмэлэр киирэллэрэ буоллар диэн санаалаахпын.
Кэпсэттэ Ангелина КОНОНОВА, VIII кылаас, Соморсун, Амма.