Сахалыы сурук-бичик күнүн көрсө биһиги оскуолабытыгар араас тэрээһиннэрдээх нэдиэлэ ыытылла турар. Ол курдук, биһиги биир дойдулаахпыт, Арыылаахтан төрүттээх хоһоонньут, кэпсээнньит, суруналыыс, СӨ суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ – Бурнашова Ульяна — Уйана, аныгы үйэ тэтиминэн, куйаар ситиминэн, Уус Алдан Кэптэнититтэн олорон, биһигини кытта көрүстэ.
Ульяна Ивановна олус сэргэх кэпсээннээх, дьиҥ сахалыы уус-уран тыллаах, бэһиэлэй киһи буолан биэрдэ. Көрсүһүүбүт Ийэ тыл күнүнэн эҕэрдэлээһииттэн саҕаланна. Уйана биһиги нэһилиэкпитигэр Мария Егоровна, Иван Иванович дьиэ кэргэттэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүт.
Кини хас да кинигэлээх: үксэ хоһоон хомуурунньуктара, оҕолорго аналлаах “Кустук өҥнөөх кулунчук” диэн олоҥхо. Биһиэхэ “Ийэбэр”, “Аҕабар”, “Кыһын”, “Таҥарабыт дьиэтэ”, “Кутурҕан алааһа” “Көмньө”, онтон да атын хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдэ. Хоһоонньут Далбар Хотун тыла ууһун, баайын, ойуулуура уратытын сэҥээрэ, сөҕө иһиттибит.
Ульяна Ивановна Арыылаах аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрбит уонна култуура эйгэтигэр үөрэнэ киирбит.
—Оҕолоор, төрөөбүт тылгытын таптааҥ, харыстааҥ, ытыктааҥ. Киһи төрөөбүт тылын билиэхтээх, онно тирэҕирэн, атын омук тылларын үөрэтиэхтээх. Тыл күүһэ диэн кырдьык баар. Оҕо эрдэхпинэ, мин суруйааччы уонна артыыс буолуом диир этим. Ону ким да итэҕэйбэт этэ. “Артыыстар диэн улуу, суруйааччылар диэн киһиттэн таһыччы өйдөөх дьон эрэ буолаллар”, дииллэрэ. Мин үйэм тухары сценаттан түспэппин, “кыра” да буоллар, артыыспын, ону таһынан суруйааччы үрдүк аатын сүктүм. Онон оҕолоор, киһи хайаан да баҕа санаалаах буолуохтаах. Уонна тугу барытын интириэһиргээн, билэн-көрөн, үөрэтэн иһиҥ, эдэр дьон инникилээххит. Төрөөбүт дойдугутун таптааҥ, ытыктааҥ, ханна да буолларгыт төрөөбүт дойдугутун уонна Ийэ тылгытын сүрэххитигэр илдьэ сылдьыҥ,– диэн баҕа санаатынан көрсүһүүбүтүн түмүктээтибит.
Биир дойдулаах хоһоонньуппутугар Бурнашева Ульяна -Уйанаҕа дириҥ махталбытын биллэрэн, айар үлэтигэр өссө да үрдүк ситиһиилэри баҕаран алгыспытын этэ хааллыбыт.
Сыромятникова Нарыйа , Сивцева Алина , Демьянова Сандаара , Т.М.Каженкин аатынан Арыылаах орто оскуолатын “Айар аартык” эдэр кэрэспэдьиэннэр постара, Чурапчы.