Томороон тымныылар ааһан, сааһы санатар чаҕылхай күн тыган, киһи эрэ сүргэтэ өрө көтөҕүллэр күнэ үүннэ. Маннык үтүө күҥҥэ биһиги оскуолабытыгар «Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ” улуустааҕы күрэх ыытылынна. Бу күрэх номнуо ахсыс сылын улуус бастыҥ 4 кылааһын үөрэнээччилэрин түмэр. Бу тэрээһин өрөспүүбүлүкэҕэ Үлэ, улууска Төрөөбүт тыл сылыгар, оскуолабыт бастакы учууталыгар Парфений Никитич Самсонов төрөөбүтэ 125 сылын, бастакы директорбыт Анатолий Константинович Акимов төрөөбүтэ 70 сылыгар ананна. Күрэххэ кэтэхтэн 32 үөрэнээччи ситиһиитин түмүгүнэн 15 уһулуччу үчүгэй ситиһиилээхтэр талыллан, Күүкэй оскуолатын Самсоновтар педагогическай династияларын духуобунас уонна үөрэхтээһин киинигэр киэҥ түһүлгэҕэ ыытылынна.
Куонкурус түөрт түһүмэҕинэн барда. Кыттааччылар бэйэни билиһиннэрэн, ситиһиилэрин сырдаттылар. Онтон киэҥ билиини, өркөн өйү тургутар түһүмэҕи аастылар. Маныаха оҕолор таһымнара арааһа биллэн таҕыста.
Билиҥҥи кэмҥэ олох сайдыы хайысхаларыгар дакылаат, бырайыак көмүскээһинэ олус сэргэхтик ааста. Кыттыбыт эрэ барыта талбыт тиэмэтин кыайа-хото, лоп-бааччы кэпсээн сөхтөрдүлэр.
Ордук Никитин Никита “Уникальные песни и голоса птиц”, Никифорова Камилла “Якутские серьги”, Чойнова Злата “Влияние газированных напитков” диэн дакылааттар чорбойдулар. Сунтаар В.Г. Павлов аатынан алын сүһүөх оскуолатын 4 В кылааһын үөрэнээччитэ Емельянов Саша (кылаас салайааччыта Герасимова Т.И) ”Сунтаарга — Үлэ дьоруойдара” тиэмэнэн дакылааттаата.
Маны сэргэ кыттааччылар оҥоһуктарынан быыстапка турда,
бэлэх быһыытынан мусуойга хаалла.
“Ийэ тылым – мин киэн туттуум” диэн уус-уран ааҕыы түһүмэҕэ төрөөбүт тылбыт уостан устан тахсарыныы ылбаҕайдык, өрө көтөҕүллүүлээхтик, киэн туттуулаахтык ааҕан истээччилэр дохсун ытыстарын тыаһынан биһирэннилэр. Сынньалаҥҥа нэһилиэк историятын, Самсоновтар педагогическай династияларын кэпсиир мусуой хостору көрдүлэр, оонньуу-биктэриинэлэргэ көхтөөхтүк кытыннылар.
Олохтоох сельскай библиотека ыытан, тыл нэдиэлэтигэр аналлаах Новгородов алпабыытынан суруллубут кинигэни ааҕыы акциятыгар кытыннылар. Маны таһынан, сахалыы тыын өрө көтөҕүллүүтүнэн оһуокайдаатылар.
Никитин Никита Элгээйи орто оскуолатын үөрэнээччитэ олус дьикти дьарыктаах оҕо эбит. Ол курдук, араас көтөрдөр саҥаларын үтүктэн саҥарар. Бэйэтэ этэринэн, көтөрдөрү кытта өйдөһөр эбит. Никита бастаан суор саҥатын үтүктэ үөрэммит. Кини маннык диэн санаатын үллэстэр: “Улаханнык долгуйбаппын, маннык күрэхтэргэ, тэрээһиннэргэ сылдьа үөрүйэхпин. Араас чыычаахтар куоластарын, саҥарар саҥаларын, ылыылларын сэргээн үөрэтэбин. “Уникальные голоса птиц” диэн дакылааппын кэпсээтим». Маны таһынан Никита олус үчүгэйдик уруһуйдуур, көтөрдөр чуучалаларын олус маарыннатан оҥорор дьарыктаах эбит. Онуоха эбэлээх эһэтэ күүс-көмө, сүбэ-ама буолаллар. Быйыл Ытык Күөлгэ сүтэн эрэр көтөрдөрү үөрэтэр экспедицияҕа Шмякин Е.В. диэн учуонайы кытта бараары бэлэмнэнэр. Улааттаҕына, орнитолог буолар былааннаах. Никитаҕа инникитин үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Тута оскуола ”Кустук” пресс-киинэ үлэлээн өйдөбүнньүк анал хаһыаттары түҥэтэлээтэ, хас биирдии кыттааччы сойбот сонуннаах, хаһыат кэһиилээх бардылар. Үрдүк таһымнаах куонкурус түмүгүнэн кыайыылаахтар ааттаннылар:
ГРАН-ПРИ «Аныгы көлүөнэ бастыҥ үөрэнээччитэ — 2023» Никитин Никита, Элгээйи.
ЛАУРЕАТТАР
1. Саввинова Алима, Күүкэй
2. Емельянов Саша, СНОШ
3. Рожин Даниил, ССОШ № 2
ДИПЛОМАННАР
1. Чойнова Злата, Хадан
2. Петров Максим, СНОШ
3. Петров Ариан, Бордоҥ
Атын ситиһиилээхтэргэ анал ааттар бэрилиннилэр. Үөрэҕирии салалтатын методиһа Попова Маргарита Иннокентьевна тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын, кыттааччылар бэлэмнэрэ үчүгэйин бэлиэтээтэ. Инники сылларга кылаан кыайыы аатын ылбыт үөрэнээччилэр билигин да ситиһиилээхтэр кэккэлэриттэн түспэккэ сылдьалларын киэн тутта билиһиннэрдэ. Бу күрэх хас биирдии оҕоҕо аартыгын аһан, ситиһиилээх суолу кэҥэтэрэ итэҕэтилиннэ. Маннык кыайыылаах саҕахтар арылла турдуннар!
Вадим Прокопьев, Виолетта Григорьева
“Кустук” пресс-киин, Күүкэй