Төрөөбүт тыл күнүн көрсө, Сунтаар улууһугар Төрүт тыл сылын үөрүүлээх арыллыытыгар аналлаах, Бордоҥ орто оскуолатын сүнньүнэн нэһилиэк тэрилтэлэрин кытта кыттыгас олус сэргэх, сонун тэрээһин ыытылынна. Ол курдук, нэһилиэкпитигэр олорор хоһоон айааччы Н.В.Федотов-Дабаан хоһооннорун киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр соруктаах, уһуйаан кырачаан уолаттарыттан саҕалаан оскуола уолаттара, тэрилтэ, түөлбэ эр дьоно, салайааччылар бүттүүн турунан «Хоһууннар хоһоон хонуутугар» диэн бырайыакка кыттыһан хоһооннору доргуччу ааҕан биир сомоҕо буоллубут.
Маны таһынан, “Олоҕум ыллыга” диэн ааттаах хомуурунньук сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэ аныгы олох ирдэбилигэр сөп түбэһэр куйаар кодтаах. Николай Васильевич хоһоонноро дириҥ ис хоһоонноохтор, истиҥ иэйиилээхтэр, уол оҕоҕо, эр киһиэхэ ордук чугастар. Төрөөбүт дойдуну, саха омугун, төрүт үгэһи, булт абылаҥын, айылҕа кэрэ көстүүлэрин хомоҕойдук хоһоонноругар хоһуйар.
Бу бырайыакка барыта 90-ча эр дьон, уолаттар кыттыыны ылбыттара хайҕабыллаах.
Бу курдук түмсэн, биир сомоҕо буолан үүнүөххэ-сайдыахха, саха буолан сандаарыахха!
Черепанов Тимур, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Сардаҥа кыымнара» медиакиин, Сунтаар.
#кэскиллээхолоххобэлэмбуол