Билиҥҥи кэмҥэ оҕону кыра сааһыттан ийэ тыл эйгэтигэр киллэрэр, уран тылга умсугутан үөрэтии учууталтан үгүс сыраны, элбэх үлэни эрэйэр.
Сахалыы оскуола программатытын ис хоһоонунан үөрэнээччи алын сүһүөх оскуоланы бүтэрэригэр ситиһэр үөрүйэҕин уонна сатабылын сүрүн көрүҥнэриттэн биирдэстэринэн ситимнээн саҥарыы, айар дьоҕуру сайыннарыы буолар. Төрөөбүт төрүт тылга тапталы, киэҥ туттууну иитии биир сүрүн сыал-сорук буолар.
Оҕону төрөөбүт тылынан саҥарарга, айар толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарга араас хайысхалаах үлэ эрэйиллэр. Оҕо бэйэтин санаатын, тугу билбитин-көрбүтүн симиттибэккэ, холкутук саҥарарга, суруйарга үөрэтиини ситиһии оҕо айар дьоҕуругар үлэлэһэн, оҕо ис уйулҕатын, дууһатын арыйан, бэйэлэрин санааларын аһаҕастык кэпсэтиннэрэн, интириэстэрин көбүтэн элбэҕи ситиһиэххэ сөп. Бастакы кылаастан саҕалаан кыра кыралаан кыра тэтэрээккэ бэлиэ күннэрин, үөрүүтүн хомолтотун, тугу саныырын суруйан иһэр.
Айар дьоҕуругар аан бастаан оҕо болҕомтолоох буолуута оруннаах. Оччоҕо эрэ сатаан истэр буолуоҕа. Истэ үөрэммит оҕо толкуйдуур, кэтээн көрөр дьоҕура сайдар. Ол инниттэн уруок быыстарыгар болҕомтоҕо араас сынньалаҥ-оонньуу ыытабын. Ардыгар тиэмэ биэрэн, өйүгэр фантазиялаан көрбүтүн кэпсиир. Маннык тылынан уруһуйдааһыны оҕо олус сэргиир, интириэһиргиир. Элбэхтик кыра кылгас хоһооннору үөрэтэбит. Бырааһынньык, каникул кэннэ санаа атастаһыыта буолар. Онно оҕолор ордук элбэҕи кэпсииллэр. Аахпыт айымньыларыгар көрсөр кыылларын, көтөрдөрүн тустарынан дьиҥ чахчылары булан суруйан, уруһуйдаан кылаас иннигэр кэпсииллэр.
Оҕо кэрэни өйдүүрүгэр уонна киниэххэ дьулуһарыгар айар үлэ иитэр-үөрэтэр суолталаах. Айар иэйиигэ ылларбыт оҕо кэрэни өйүгэр-санаатыгар иҥэриниитэ түргэтиир, айылҕаттан билиэн-көрүөн баҕатын таба уһугуннарар, сайыннарар, кэрэҕэ-дьиктигэ тардыһары көҕүлүүр.
Үөрэнээччи айар талаанын уһугуннарыыга остуоруйа айдарыы улахан суолталаах. Остуоруйа оҕоҕо ордук чугас, өйдөнүмтүө. Үгүс оҕоҕо бастакы холонуу табыллыбат. Онно оҕо санаатын түһэрбэккэ, кыратык сирдэтэр санаа угар ордук. Сорох арыт атын табыгастаах күҥҥэ салгыы айдарыахха сөп. Бэйэтин остуоруйатын оҕо кэбэҕэстик үөрэтэр, астынар. Остуоруйаларбыт кустук араас өҥүн курдук араас тиэмэлээх буоланнар кинигэбит «Кустук» диэн ааттаабыппыт. «Кустукпут» үс кинигэтин бэйэбит бэчээттээн 2013, 2017, 2021сылларга оҥорбуппут.
Үөрэнээччилэрим алын сүһүөҕү бүтэриилэригэр, ордук табыллыбыт остуоруйаларын мунньан, бэчээттээн, кыра кинигэ оҥорон бэйэлэригэр бэлэх оҥорон туттартыыбын. Биһиги остуоруйаларбытынан кинигэ оҥорбуттар диэн оҕолор да, төрөппүттэр да наһаа үөрэллэр. Бу кинигэлэрин ааҕа, көрө сылдьан маҥнайгы улахан үлэлэрин саныахтара уонна өссө да айар санаалара күүһүрүө, дьоҕурдара сайдыа.
Алевтина Дмитриевна Юмшанова
алын кылаас учуутала
Арыылаах нэһилиэгэ Үөһээ Дьааҥы