«Кэскил» хаһыат эрэллээх доҕотторуттан биирдэстэринэн Чурапчы улууһун Мугудай оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ Анна Федоровна Ноговицына буолар. Кини тэрийбит «Дьүкээбил» эдкорпоһуттан тыл үөрэхтээхтэрэ, суруналыыстар, учууталлар үүнэн-сайдан тахсыбыттара. Соторутааҕыта бу куруһуок оҕолорун айымньылара «Ийэ тыл кэрэһитэ» диэн кинигэ буолан күн сирин көрдө.
Дайаана Пермякова, ХИФУ математика уонна информатика салаатын устудьуона:
— «Төрөөбүт тыл — дэгиттэр сайдыы төрдө» диэн мээнэҕэ бэлиэтээбэттэр. Кыра кылаастан Анна Федоровна салайар «Дьүкээбил» куруһуогар сөбүлээн дьарыктаммытым. Оҕо төрөөбүт тылы билэригэр, бодоруһарыгар, сиэри-туому тутуһарыгар билии-көрүү аптаах хонуутугар сиэтэн киллэрэр учуутал оруола улахан.
Куруһуокпутугар «Саҥа олох», «Кэскил» хаһыат тула түмсэн, тахсыбыт сонуну үллэстэрбит. Үөрэнээччилэрбит ситиһиилэрин, оскуола олоҕун араас өрүттэрин сырдатар тэттик ыстатыйалары суруйан, фоторепортажтары оҥорон бэчээттэтэрбит. Араас куонкурустарга кыттарбыт, чинчийэр үлэнэн эмиэ дьарыктанарбыт, ону таһынан дьоҥҥо санаабытын тиэрдэргэ, интервью ыларга, оннооҕор хайдах сөпкө тыынарга үөрэнэр этибит. Мин «Кэскил» хаһыакка ««Маралаайыга» доруобуйаны тупсара» интервьюм уонна «Сэрэниҥ, көмпүүтэр вируһа» үлэм тахсыбытыттан наһаа үөрбүтүм.
«Кэскил» хаһыат куруһуокка анаабыт путевкатын учууталым миэхэ биэрэн, биир саамай умнуллубат түгэни бэлэхтээбитэ. Ол курдук, ахсыс кылааска сылдьан, «Кэскил» хаһыат эдэр кэрэспэндьиэннэрин сүлүөтүгэр сылдьар чиэскэ тиксибитим. «Сосновый бор» лааҕырга өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан айар талааннаах оҕолор бары биир дьиэ кэргэн курдук сомоҕолоһон, олус эйэлээхтик, көхтөөхтүк умнуллубат кэмнэри атаарбыппыт. «Кэскил» хаһыат үлэһиттэрэ биһиэхэ күн аайы сайыннарар, биллэрэр дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэри, араас трениннэри, биллиилээх дьону кытта көрсүһүүлэри тэрийэн ыыталлара. Элбэх оҕону кытта билсиһэн, кинилэртэн мотивацияланан, өссө айыах-тутуох санааланан кэлбитим.
Анна Федоровна иэйиилээхтик, дьоҥҥо тиийэр гына хоһоон ааҕарга үөрэппитэ. С.А.Новгородовка аналлаах “Аман өскө”, уус уран ааҕыыларга кэккэ ситиһиилэрдээхпин.
Үрдүкү кылаастарга дьаныһан туран, саха тылын уонна литературатын олимпиадаларыгар кыттар буолбутум, миэстэлэстэхпинэ, учууталбыныын иккиэн наһаа үөрэрбит, туох сыыһалаахпын ырытарбытын наһаа күүтэрим. Бу ситиһиилэрим 2015 сыл түмүгүнэн улууска “Сыл бастың үөрэнээччитэ” номинацияны ыларбар олук буолбуттара.
Мин билигин ХИФУ математика уонна информатика салаатын магистратуратын иккис кууруһугар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьабын. «Дьүкээбил» куруһуокка ылбыт сатабылым туһалыыр уонна олоҕум устата туһалыа диэн бигэ эрэллээхпин.
Ийэ тылбыт дьиктилээхэй сүмэһинин дуоһута уймахтаппыт, киэҥ билиилээх, үөрэтии-иитии маастарыстыбатын эҥкилэ суох баһылаабыт күндү учууталбар, Анна Федоровнаҕа, муҥура суох махтанабын.
Анна Павлова (Тарабукина):
— Билиҥҥи оскуола оҕолоругар бары кыах барыта баар. Репетитор, куруһуок арааһа уонна, саамай сүрүнэ, профориентационнай үлэ күүскэ ыытыллар буолла. Биһиги оскуолаҕа үөрэнэр кэммитигэр профориентационнай үлэ ыытыллыбат этэ. Олох хойукка диэри туох үөрэххэ туттарсарбын быһаарыммакка сылдьыбытым. Инники идэбин баһылыырбар Анна Федоровна куруһуога олук уурбута диэххэ сөп. Үрдүкү кылааска тахсарбар Анна Федоровна ыытар суруналыыстыка, ол эбэтэр юнкор куруһуогар суруттарбытым. Суруналыыстыка эйгэтигэр сыһыаннаах араас сорудахтары биэрэн, билигин киэҥник тарҕаммыт терминнии, « комфорт зонатыттан» таһаарара. Ол курдук, аан бастакыбын Мугудай ыһыаҕар Мексикаттан ыалдьыттыы кэлбит омуктартан интервью ылан, нэһилиэкпит олоҕун сырдатан, суруналыыс идэтигэр улахан интэриэс үөскээбитэ. Ону таһынан, араас таһымнаах оратордар куонкурустарыгар, научнай-практическэй кэмпириэнсийэлэргэ иилээн-саҕалаан, илдьэ сылдьааччы.
Үөрэнээччи туохха талааннааҕын, инникитин ханнык эйгэҕэ барсыан сөбүн көрөн сүбэлиир, уһуйар учуутал ахсааннаах. Анна Федоровна оннук уһуйааччы. Кини тула куруутун айар-тутар талааннаах, имигэс тыллаах, сахалыы куттаах оҕолор тоҕуоруһаллар. Күндү салайааччыбытын саҥа кинигэҥ сүрэхтэммитинэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Мария Гуляева, Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия алын сүһүөҕүн учуутала:
— Ханнык баҕар киһиэхэ үөрэммит оскуолата, үөрэппит учууталлара кини инники олоҕор улахан оруоллаах дии саныыбын. Оскуола дьиэттэн саҕаланар билии киэҥ аартыга.
Учуутал — олох тутаах киһитэ. «Учуутал күүһэ — кини билиитигэр”, — диэн этэн турар СССР норуодунай учуутала Михаил Андреевич Алексеев.
Оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрбин олус истиҥник саныыбын. Миигин олоҕум суолугар сирдээбит, учуутал идэтин баһылыырбар сүдү кылааттаах, Ийэ тылга тапталы иҥэрбит, төрөөбүт тылы уонна литератураны кэрэхсииргэ угуйбут уһуйааччыбынан Анна Федоровна Ноговицынаны ааттыыбын. Ол курдук, биир сөбүлээн сылдьыбыт куруһуокпунан «Юнкор» эдкорпост буолар. Харахпар хатанан хаалбыт түгэнинэн араас хаһыаты, сурунаалы ырытыыбыт буолар. Ыстатыйабыт тылын — өһүн ырытан, ойуутугар — бичигэр болҕомто ууран, ис хоһоонун анаалыстыырбыт. Ыстатыйаны суруйарга үөрэнэн баран, улуус хаһыаттарыгар, «Кэскилгэ» Мугудайбыт тэрээһиннэрин сырдатар буолбуппут. Хас биирдии суруйуубутун Анна Фёдоровна сыныйан көрөрө, сыыһаны-халтыны тута көннөрөн, ыраастаан биэрэрэ.
Учууталбар Анна Федоровнаҕа махталым муҥура суох. Өссө да айар-тутар дьоҕурун сайда турдун, этэҥҥэ буол!
Анна Жиркова, урбаанньыт:
— Оҕо кыра сааһыттан үтүөҕэ талаһан, саҥаҕа үөрэнэн улаатара, киһи быһыытынан сайдарыгар олук уурар. Киэҥ көрүү, элбэҕи билии, сатабыллаах буолуу олох устун айанныырга сүдү олук буолар.
Анна Фёдоровна оскуола кэмнэрбэр күүс-көмө буолбут, саҥаттан саҥаҕа үөрэппит сылаастык саныыр учууталым буолар. Алын кылаастан ис талааммын көрөн сайыннаран, дьарыктаан, элбэх куонкурустарга өрүү бастыҥ аат ыларым. Бу баарга дылы, учууталым мичээрдээн оскуола көрүдүөрүн устун мин диэки иһэрэ: «Дакылааккын үөрэттиҥ дуо?». »Аман өс» күрэххэ бастакы холонуум этэ. Кыттааччылар бары улахаттар, мин соҕотох төрдүм кылаас оҕото, кыратык толло санаабытым. Онуоха Анна Федоровна: «Долгуйума, ис сүрэххиттэн кэпсээ, кими да көрүмэ”, — диэн турардааҕа. Бу күрэххэ мин I миэстэ буолбутум. Дьэ, ол кэннэ ааҕар, ыллыыр, суруйар дьоҕурбун барытын чөмчүлээн, сөптөөх суолу ыйан, оскуола кэмнэрбин учууталбын кытта атаарбытым. Улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи кэспириэнсийэлэргэ сыл аайы кыттыбытым. 2007 сыллаахха маҥнай ыытыллыбыт »Кут-сүр» олоҥхону толорон, дипломант буолбутум. »Норуот ырыата» секцияҕа бэйэм тылларбар уонна мелодиябар норуот ырыатын ыллаан, лауреат аатын сүкпүтүм. Бу күрэххэ учууталбын кытта бастакы холонуубут этэ. Олоҥхо үөрэтэ охсон, дьарыктанан. »Олоҥхо хайдах ылланарый? — диэн эмиэ толлобун, ону учууталым: «»Долгуйума, бэйэҥ хайдах көрөргүнэн эт».
Анна Федоровна »Эдэр корреспондент» куруһуогу үлэлэтэрэ. Араас күрэхтэргэ кыттарбыт, бэйэбит санаабытын, хоһоону хаһыакка суруйан ыытарбыт. Microsoft Publisher бырагырааманы баһылаан, оскуолатааҕы хаһыаппытын сиэдэрэй көрүҥнүүрбүтүгэр улаханнык туһалаабыта. Суруйууларбыт оскуола эрэ иһинэн буолбакка, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ таһаарарбыт. 2008 с.улуустааҕы »Дьоҕус пресса» бэстибээлгэ дипломант, лауреат буолан, учууталым киэн туттубута билиҥҥэ диэри баар. 2009 . »Кэскил», »Юность Севера» хаһыаттартан грамота туттаран, соһуччу үөрдүбүтэ. Итинник, оҥорбут үлэҥ түмүктээҕэ, сыаналанара салгыы дьулуһарга кынат буолар.
Түмүкпэр оҕолорго «саҥаҕа үөрэнэртэн толлумаҥ” диэн этиэм этэ. Анна Федоровна, өрүү өйөбүл буолан, арылларбар ыллык тэлгээбиккэр махталым муҥура суох. Оҕо сааспыттан киэҥ көрүүлээх буоларга үөрэнэн, билигин туохтан да толлубат толору киһи буолабын.