Нэһилиэк, оскуола, дьиэ-кэргэн тирэхтээх кэскилэ кини – оҕото. Арай хас биирдии оҕо сатабылын, талаанын таба тайанара буоллар төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй?
Бүгүн, Уус Алдан улууһун И. В. Пухов аатынан Окоемовка сүрүн оскуолатын биир чаҕылхай үөрэнээччитин Петя Протопопов туһунан билиһиннэриэхпит. Петя 2015 сыллаахха Окоемовка оскуолатын боруогун атыллаат үөрэҕэр, оскуола олоҕор көхтөөҕүн көрдөрбүтэ. Бэйэтин баҕатынан, учууталлара өйдөөн көрөн, кини билигин тугу сатыырын билэр. Инникитин былаанныыр.
— Үтүө күнүнэн, Петя! Бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
— Үтүө күнүнэн! Мин 2007 сыллаахха Протопоповтар дьиэ кэргэҥҥэ төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтүм. 2015 сыллаахха Окоемовка сүрүн оскуолатыгар үөрэнэ киирбитим. Кылааhым салайааччыта Ньургуйаана Анатольевна Местникова. Аан бастаан миигин нэhилиэкпит иһинэн ыытыллар хоһоон күрэҕэр кытыннарбыта. Онно үһүс бочуоттаах миэстэҕэ тиксибитим. Бу түгэн өйбөр хатанан хаалбыт. Онтон ыла нэһилиэгим, оскуолам иһинэн көхтөөх олоҕум саҕаламмыта.
— Үөрэҕиҥ таһынан тугунан дьарыктанаргын сөбүлүүгүнүй?
— Быйыл иккис сылын оскуола бэрэссэдээтэлинэн талыллан, араас тэрээһиннэри ыытарга күүс-көмө буолабын. Футбол, сүүрүү курдук спорт көрүҥнэринэн сөбүлээн дьарыктанабын. Ону таһынан, наукаҕа интэриэстээхпин. Дакылааттары суруйан конференцияларга кыттабын.
— Быйыл туох улахан ситиһиилэрдэнниҥ?
— 2022 сыл түмүгүнэн улууспут «Баһылыгын харыйатыгар» ыҥырыллан «Сыл бастыҥ актыбыыһа», Курбуһах нэһилиэгин иһинэн «Сыл лауреата» тэрээһиҥҥэ «Бастыҥ үөрэнээччи» номинацияҕа тигистим. Бу ситиһиилэрим миэхэ олус күндүлэр. Сыллааҕы үөрэҕим, ситиспит баҕа санаам түмүгэ диэхпин сөп.
— Эҕэрдэ буолуохтун! Саҥа 2023 сылтан тугу күүтэҕин, саҥа сыл хайдах көрүстэ?
— 2023 сыл миэхэ ситиһиилээхтик саҕаланна. Ол курдук, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» наукатын конференциятыгар, история сиэксийэтигэр «Гриф секретности еще не раскрыт…» тиэмэнэн кытынным. I степеннээх дипломунан наҕараадаланан, салгыы Москва куоракка кытта барар чиэскэ тигистибит. Манна бэлэмнэнэ таарыйа, Чурапчы улууһугар ыытыллар «Павловскай ааҕыыларыгар» кытта бараары бэлэмнэнэ сылдьабыт. Онон салайааччыбар, Геннадий Дмитриевичка махталым муҥура суох.
— Ситиһиин итинэн эрэ бүппэт. Бэҕэһээ, олунньу 7 күнүгэр, туох күрэҕэр кыттан кэллиҥ?
— Уус Алдан улууһун Бороҕонугар Николай Николаевич Окоемовка аналлаах квест-оонньууга кыттан кэллибит. Квестпытын Сэһэн Ардьакыап аатынан улуус музейын үлэһиттэрэ тэрийэн ыыттылар. Уопсайа улуус оскуолаларыттан 8 хамаанда (биир хамаандаҕа 3 оҕо) кытта кэлбит. Тэрээһин үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Биһиги хамаанда иккис миэстэҕэ тиксэн үөрүүбүт үксээтэ. Ситиһиибит биир улахан чыпчаала буолар.
— Эн санааҕар ситиһиилээх оҕо, ыччат диэн кимий?
— Мин санаабар, ситиһии — диэн хас биирдии киһи ис туругар саныыр санаата. Ол аата туруоруммут сыалын ситиһэн киһи ситиһиилээх диэн буолар. Холобур, ханнык эрэ куонкуруска кыттабын диэн баран, сыалын ситистэҕинэ ол ситиһии. Кини онно миэстэлэспэтин даҕаны. Киһи бэйэтигэр суол арыйар. Инникитин ситиһии өссө кэлэрин туһугар хамсанар.
— Бэйэҥ саастыылаахтаргар, чугас доҕотторгор тугу баҕарыаҥ этэй?
— Баҕарыам этэ үөрэххитигэр ситиһиилэри, учууталгыт тылын истиҥ, дьону-сэргэни кытта элбэхтэ алтыһан саҥаны билиҥ-көрүҥ. Тэрээһиннэргэ, күрэхтэргэ көхтөөхтүк кыттан иһин. Төһө да миэстэлэспэтэргит, ыһыктынан кэбиһимэн. Туох барыта кыраттан саҕаланар. Дьоҥҥут, дойдугут аатын ааттатарга дьулуһуҥ!
— Петя сэһэргэһиин иһин махтал. Өссө да ситиһиилэр кэлэ турдуннар!
Сайдыы- ситиһииттэн кынаттанар. Билигин биһиги олох тэтимиттэн хаалыа суохтаахпыт, чэпчэкитик үктэнэн, барыны бары үчүгэй эрэ өттүнэн ылынан баҕа санаабытыгар дьулуһуохтаах эбиппит. Хас биирдии үөрэнээччи бу Петя курдук толкуйдуура буоллар, оскуолатааҕы кэмнэрэ сүрдээх тэтимнээх, олохтоох буолуо этилэр. Онон, оҕолоор, үчүгэйгэ тардыһын, сайдыы суолугар кыра да ситиһиилэргититтэн кынаттанан иһиҥ!
Валя Бурнашева, Саша Колодезникова, Снежанна Аммосова,
И. В. Пухов аатынан Окоемовка сүрүн оскуолатын VII кылааһын үөрэнээччилэрэ,
Уус Алдан улууһа.
#кэскиллээхолоххобэлэмбуол