2023 сыл Россияҕа Педагог уонна уһуйааччы сылынан биллэриллибитэ. Сыл сүрүн сыалынан наставник уонна педагог хардарыта методическай көмөнү оҥорсуохтаахтар.
Бу сыл чэрчитинэн биһиги оскуолаҕа элбэх тэрээһин ыытыллара былааннаммыта. Ол курдук, олунньу 2-с күнүгэр наставник учууталлар «Кылаас салайааччытыгар көмө» диэн эдэр учууталларга анаан төгүрүк остуолу тэрийэн ыыттыбыт.
Кылаас салайааччыта диэн оҕону личность быһыытынан үөрэтэн, кэтээн, олоххо табатык үктэнэригэр хайысхалаан биэрэр киһи. Кини хас биирдии оҕо тус бэйэтин уратытын арыйарыгар, ону сайыннарар суолу булунарыгар көмөлөһүөхтээх, хайысхалаан биэриэхтээх.
“Эдэр кылаас салайааччылара ордук туохха ыарахаттары көрсөллөрүй?” диэн толкуйдаан көрөн баран кинилэргэ документацияны кытта үлэҕэ, кылаас салайааччытын дневнигын хайдах оҥостуон сөбүн уонна төрөппүттэри кытта үлэҕэ көмө онорорго быһаарбыппыт. Бу тэрээһиммит икки түһүмэхтээх этэ: бастакы чааһыгар Ирина Михайловна Аммосова, Дария Николаевна Катанова, Юлия Романовна Петрова ити ааттаммыт тиэмэлэргэ олус өйдөнүмтүөтүк, ылыннарыылаахтык кэпсээтилэр, иккис чааһыгар релаксация буолла. Зинаида Нестеровна Иванова эдэр учууталларга интэриэһинэй оонньууну ыытта. Кыайыылааҕынан информатика учуутала Петр Михайлович Поскачин буолла. Маны сэргэ бэйэбит кылаастарбытыгар ыытыллыбыт үлэлэри көрдөрөр паапкаларбытын, оҕолорбут үлэлэрин, альбомнары аҕалан көрдөрүүгэ уурбуппутун эдэр учууталлар сэргээн көрдүлэр.
Бу тэрээһин бэрт сэргэхтик ааспытын сылдьыбыт дьон бэлиэтээтэ. Эдэр кэллиэгэлэрбит бэйэлэригэр туһалааҕы ылыммыттара, элбэҕи билбиттэрэ буолуо диэн эрэнэбит. Кинилэргэ инники өттугэр үлэлэригэр ситиһиини, өрүү үүнэ-сайда туралларыгар баҕарабыт!
Марианна Федорова, английскай тылын учуутала,
Г.И. Чиряев аатынан Бүлүү 1 №-дээх оскуолата.