Биһиги төрөөбүт дойдубут — Саха сирэ. Төрөөбүт тылбыт сахалыы. Дьиэбитигэр, оскуолаҕа сахалыы тылынан кэпсэтэбит. Хас биирдии омук төрөөбүт тылын таптыахтаах, харыстыахтаах.
Оҕолору кыра эрдэхтэриттэн төрөөбүт тылы үөрэтиэхтээхтэр. Оччоҕо биирдэ Саха омуга төрөөбүт тылын сүтэрбэт.
Биһиэхэ оскуолаҕа саха тылын уонна литературатын уруогун таһынан ситимнээх саҥаны сайыннарар куруһуоктар бааллар. Чабырҕах, олоҥхо үөрэтэллэр.
Маны таһынан, оҕо тылын-өһүн, уус-ураннык суруйар дьоҕурун сайыннарар «Дьоҕур» пресс-киин, «Нуклеус» научнай түмсүү, «Тэгэлик» куруһуок үлэлиир.
Мин баҕа санаам диэн, биһиги ийэ тылбыт хаһан да сүппэтин, төрөөбүт тылбытын харыстыаҕыҥ уонна өрө тутуоҕуҥ!
Терехова Сайаана , 8 кылаас
“Дьоҕур” пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата