Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн олунньу 2 күнүгэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Сталинград куората ньиэмэс талабырдьыттарыттан босхоломмута, Сэбиэскэй Аармыйа кыайыыны ситиспитэ 80 сылын туолар күнүн бэлиэтиибит.
1942 сыл от ыйыгар саҕаламмыт Аан дойдуну сөхтөрбүт Сталинград кыргыһыыта улуу сэрии хаамыытыгар ураты суолтаны ылбыта. Өстөөх сэриилэрэ дойдубут соҕуруу өттүн өҥ сирдээх , ньиэбинэн баай Дону, Кубаньы, Аллараа Волганы баһылаары күүстэрин түмэн кимэн киириини оҥорбуттара. Кинилэр кимиилэрин бастакынан Сталинград куораты көмүскээччилэр көрсүбүттэрин, тохтоппуттарын уонна өстөөҕү урусхаллаабыттарын, биир дойдулаахтарбыт дьоруойдуу кыргыспыттарын туһунан ааҕан көрөн билэбит.
Бу кыргыһыы аан дойду иккис сэриитин саамай алдьатыылаах, саамай элбэх өлүүлээх, саамай бөдөҥ кыргыһыытынан буолар. Сталинград кыргыһыытын иһин 1942 сыл от ыйын 17 күнүттэн 1943 сыл олунньу 2 күнүгэр диэри биир да күн тохтоло суох, биир да чаас тохтоло суох 200 хонук уонна түүн устата барбыта. Штаб главнокомандующайа кимэн киирии чулуукан былаанын толорон Соҕуруулуу-арҕаа, Донскай уонна Сталинград фроннарынан 800 км уһуннаах күөйүүлэри оҥорбута.
1942 с. от ыйын 28 күнүгэр главнрокомандующай Сталин 227 нүөмэрдээх “Уллуҥах да сири-чугуйумаҥ” диэн бирикээһэ тахсыбыта. 1943 сыл тохсунньу 31 күнүгэр генерал-фельдмаршал Паулюс салайар Соҕурууҥҥу сэриилэр билиэҥҥэ бэриммиттэрэ, сарсыныгар Хотугу сэриилэр кинилэр холобурдарын ылыммыттара. Онон ол түмүгэр Сталинград куорат босхоломмута.
Биһиги Тиэлигибит сириттэн-уотуттан Сталинградтааҕы кыргыһыыга 7 киһи сылдьыбытын былырыын тахсыбыт “Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан Сталинград кыргыһыытыгар” кинигэттэн нэһилиэк бибилэтиэкэрэ Сардана Николаевна Сергеева иһитиннэрии оҥордо. Ол хорсун дьоруойдартан 3 буойун дойдутугар төннөн дойду чөлүгэр түһэригэр күүстэрин-уохтарын биэрэн туран үлэлээбиттэрэ уонна оҕо–уруу төрөппүттэрэ: Александров Иннокентий Николаевич, Тимофеев Ион Петрович, Григорьев Петр Иванович. Сэрии толоонугар хаалбыт эдэркээн уолаттар Игнатьев Дмитрий Тимофеевич-2, Петров Николай Самсонович-2,Лебедев Леонтий Григорьевич уонна Ильин Михаил Тимофеевич сырдык ааттарын ахтан аастыбыт.
“Сталинград кыргыһыыта үйэлэргэ умнуллубат!” диэн ааттаах оскуола оҕолоругар хоһоон ааҕыытын куонкуруһа С.И. Борисова аатынан норуот айымньытын дьиэтигэр ыытылынна.
Куонкуруһу «Ааҕымта» I Наахара нэһилиэгин модельнай бибилэтиэкэ салайааччыта Сергеева Сардана Николаевна тэрийэн ыытта.
Куонкурус түмүгүнэн, алын сүһүөх үөрэнээччилэригэр бастакы миэстэ IV кылаас үөрэнээччилэрэ, иккис миэстэ II кылаас үөрэнээччилэрэ, үһүс миэстэ V кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар. Онтон орто сүһүөх үөрэнээччилэригэр бастакы миэстэ VI кылаас үөрэнээччилэрэ, иккис миэстэ VIII кылаас үөрэнээччилэрэ, үһүс миэстэ VII кылаас үөрэнээччилэрэ буоллулар.
Бу улуу Сэриигэ кыттан, кырамталара онно хаалбыт уонна бэрт аҕыйах ордон кэлбит Мэҥэ чулуу уолаттарын хорсун быһыылара умнуллубатын! Биһиги билигин тыыннаах дьон Улуу Кыайыыны уһансыбыттарга ис сүрэхпититтэн махтанабыт! Киэн туттабыт! Ким да умнуллубатын, туох да умнуллубатын!
Розанна Сергеева.
А.А Пахомов аатынан
Тиэлиги орто оскуолатын пресс – киинэ.