Оҕону сахалыы ааттааhынҥа дьон тардыhыыта биллэ күүhүрэн эрэр.
Үһүс кылаас үөрэнээччитэ: «Төрөпүттэрим миигин сахалыы Сандаара диэн аатаабыттарыттан олус үөрэбин.
Дьиэ кэргэммитигэр бары сахалыы ааттаахпыт. Ийэм Туйаара Григорьевна, оскуолаҕа үлэлиир, аҕам Семен. Кинилэр биһигини барыбытын сахалыы ааттаабыттара. Убайым Сарыал, билигин сулууспалыы сылдьар. Улахан эдьиийим Сардаана үрдүк үөрэххэ уйулҕа идэтигэр үөрэнэр. Иккис эдьиийим Сайаана финансовай кэллиэс иккис куурус устудьуона.
Биһиги сахалыы ааттаахпыт мин саныахпар наһаа үчүгэй.»
Сандаара Стручкова,
гражданскай сэрии Дьоруойа Кеша Алексеев аатынан
Хаптаҕай орто оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччитэ.
Мэҥэ-Хаҥалас улууһа.