Тохсунньу ый 27 күнэ — Ленинградскай блокада күнэ. Ленинград куораты 1941сылтан балаҕан ыйын 8күнүттэн 1944 сыл тохсунньу ый 27 күнүгэр диэри 872 күнү быһа хаайан сытыарбыттара, литератураларга төгүрүтэн 900 күнүнэн ааҕыллар. Ладога күөлүнэн «Дорога Жизни» суолунан дьон күрээн истэхтэринэ, өстөөхтөр буомбанан ытыалаан киһи бөҕөтүн өлөрбүттэрэ, үксүгэр оҕолор тыыннара быстара. Блокада бириэмэтигэр тыйаатырдар, фабрикалар онтон даҕаны атын тэрилтэлэр тохтообокко үлэлии турбуттара.
Биһиги оскуолабытыгар бу сүҥкэн суолталаах күҥҥэ, тохсунньу 27 күнүгэр «Ленинград куорат блокадаттан босхолонуута» диэн тиэмэлээх аһаҕас кылаас чааһа ыытылынна. «Ленинград блокадатын оҕолоро» документальнай киинэни көрдүбүт. Ольга Бергольц «Ленинград салюта» хоһоонун хас биирдии оҕо аҕыйахтыы устуруоканан үллэстэн өйтөн аахтыбыт.
«Ытык Өйдөбүл чүмэчитэ» акцияҕа кыттан оскуолабыт хас биирдии үөрэнээччитэ дьиэтин түннүгэр Ленинград блокадаҕа олорбут күннэрин суруйан, чүмэчи уматан хаартыскаҕа түһэн үйэтиттибит.
Нарыйа Иннокентьева,
Үөһээ Дьааҥы Боронук орто оскуолатын
8 кылааһын үөрэнээччитэ