Саҥа сылтан өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн 150-тан тахса оскуола анал техническэй сорудаҕынан Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын кытары үлэлээн саҕалыахтара.
Бу оҕо төрөөбүт тылынан саҥара, төрөөбүт тылын харыстыы, таптыы, төрөөбүт дойдутун, нэһилиэгин, дьонун-сэргэтин историятын билэ, үөрэтэ, ону сөпкө кэпсии-тарҕата үөрэнэригэр, оҕону дойдуга бэриниилээх буола сайдарыгар, патриотическай тыыннаах үүнэригэр туһуланар.
Ааспыт 2022 сыл сэтинньи-ахсынньы ыйдарыгар өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын иитэр үлэҕэ дириэктэр сүбэһиттэригэр, уопсайа 600-тан тахса киһиэхэ, практическай семинар-үөрэх тэриллэн, медиа-оскуолалар сүүмэрдээһиннэрэ ыытыллыбыта. Ол түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэбит 150-тан тахса оскуолалара «Кэскил» медиа-оскуолаларын ситимигэр киирэн, саҥа сылтан араас хайысхаҕа үлэлиэхтэрэ, ол курдук, «Бастыҥнар хамсааһыннара» Россиятааҕы оҕо уонна ыччат хамсааһынын үлэтин сырдатыахтара, «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» эрэгийиэннээҕи компоненын оҥорсуохтара, бэчээт уонна сайт таһаарыыларыгар матырыйааллары бэлэмниэхтэрэ, история, география, саха тыла уонна литературата о.д.а. үөрэх предметтэригэр видеороликтары устуохтара, «Төрүччү» уонна атын научнай бырайыактарга кыттыыны ылыахтара.
150-тан тахса «Кэскил» медиа-оскуолатын иһигэр Нам улууһун 2-Хомустаах орто оскуолата эмиэ баар. Оҕолор уонна учууталлар номнуо бэйэлэрин нэһилиэктэрин историятын туһунан видеороликтары устан бэлэмнээн ыыппыттарын билиһиннэрэбит.
«Мурчуку»
Сценарийы суруйдулар: Варвара Ширяева, педагог-библиотекарь, Евгения Новгородова, история учуутала.
Матырыйаалы хомуйдулар: В.И. Ширяева, педагог-библиотекарь, Е.П. Новгородова, история учуутала, В.В. Старкова, омук тылын учуутала.
Оператор: Виктория Старкова, омук тылын учуутала.
Монтаж: Алина Сивцева, омук тылын учуутала.
Ыытааччы: Виктория Захарова, 9 кыл. үөрэнээччитэ.
«Ленский острог»
Сценарийы суруйда: Мария Охлопкова, нуучча тылын уонна литературатын учуутала.
Матырыйаалы хомуйдулар: В.И. Ширяева, педагог- библиотекарь, А.Р. Слепцова, уруһуй уонна черчение учуутала.
Оператор: Мария Охлопкова, нуучча тылын уонна литературатын учуутала.
Монтаж: А.Р. Слепцова, уруһуй уонна черчение учуутала, В.В. Старкова, омук тылын учуутала.
Ыытааччы: Иванна Быскасова, 10 кыл. үөрэнээчитэ.
keskil14.ru