Биһиги күннэтэ оскуолаҕа араас учууталлары кытары алтыһабыт. Кинилэр үөрэх араас эйгэтигэр үөрэтэллэр-такайаллар, сиэрдээх дьон буола улаатарбытыгар кыһаллаллар. Кинилэр эмиэ хаһан эрэ биһиги курдук үөрэнээччи, онтон устудьуон этилэр.
Мин бүгүн нуучча тылын уонна литературатын учуутала Мартынова Дарья Николаевнаттан устудуьуоннаабыт сылларын умнуллубат түгэннэрин кэпсииригэр көрдөстүм.
Дарья Николаевна: «Мин Иркутскайдааҕы Хо Ши Мин аатынан омук тылын педагогическай институтун үөрэнэн бүтэрбитим. Оҕо эрдэхтэн ханна, туохха үөрэниэхтээхпин билэр этим, онон оскуола кэнниттэн биир сыл производствоҕа үлэлээн баран, баҕарбыт идэбэр үөрэнэ киирбитим. Үөрэнэ сылдьан араас тэрээһиннэргэ, общественнай үлэҕэ барытыгар кыах баарынан кыттарым, үксүн спордунан дьарыктанарым: баскетбол, хайыһар. Баскетболга институт иһинэн күрэххэ биһиги факультет куруук бириистээх миэстэлэргэ тиксэрэ. Онтон хайыһарынан үс сыл дьарыктаммытым.
Биир саас Иркутскайга үөрэнэр үрдүк үөрэх кыһаларын күрэҕэ буолбута, 15 км сүүрүү. Урут оннук уһун дистанцияҕа сүүрэ илик этим, онон куттаныы, долгуйуу бөҕө. Инньэ гынан бэрт эрэйинэн сүүрэн кэлбитим. Ол өйбөр хатанан хаалбыт.
Онтон үөрэхпэр үчүгэйдик үөрэммитим, романскай отделенияҕа. Бу отделение французскай, немецкэй, испанскай тылы үөрэтэрэ, ону таһынан икки сыл латинскай тылы. Икки сыл үөрэнээт, холкутук французскайдыы кэпсэтэр буолбуппут. Автобуска, үөннэнэн, французскайдыы кэпсэтэрбит. Ону таһынан институкка военнай кафедра диэн баара, онно кыргыттар бастакы көмөнү оҥорор сиэстирэ идэтигэр үөрэппиттэрэ. Онон бары байыаннай билиэттээхпит.
Ыраах сиргэ үөрэнэр буолан, Саха сириттэн үөрэнэр устудьуоннары кытта көрсөр олус интэриэһинэй буолааччы. Күһүн землячество, сайын ыһыах тэриллэрэ. Ол түгэннэр кэрэ өйдөбүл буолан сүрэхпитигэр сөҥөн хаалбыт. Билигин ол кэмҥэ бииргэ үөрэммит доҕотторбутун кытта куруук билсэбит, устудьуоннаабыт сылларбытын олус күндүтүк ахтабыт, саныыбыт».
Кэпсэттэ Айна АРГУНОВА, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.