Билиҥҥи олох-дьаhах ирдэбилэ, бэйэни салайыныы саҥа усулуобуйата күүhүрбүт кэмигэр тыа сирин оскуолаларыттан саҥа хайысхалары ирдиир. Сахалар төрүт дьарыкпытын сүөһү, сылгы иитиитин оҕолорго үөрэтэн, эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайдарыгар, бу дьарыктан дьон дохуоттаах буоларыгар, нэhилиэк кыаҕын, сирин-уотун көрөн сөптөөх хайысханы талан, биир санаанан оскуола үлэтин национальнай концепция соруктарын салгыы сайыннарыыга, тыа сирин оҕотун үлэнэн иитиигэ туhулаан Сэбиэскэй Сойуус Геройа Ф.М. Охлопков атын сүгэр Кириэс-Халдьаайы орто оскуолатын коллектива «Агроэкотуризм көмөтүнэн үөрэнээччилэри үлэҕэ уонна олоххо бэлэмнээх буолууга бэлэмнээhин» диэн бырайыагы көмүскээн, СӨ үөрэҕин уонна билимин миниистирин 2012 сыл алтынньы 22 күнүнээҕи 01-16/4727 нүөмэрдээх бирикээhинэн агрохайысхалаах оскуола статуhун ылбыта, уонна 2012 сыл муус устар 9 күнүттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи экспериментальнай былассаакка быһыытынан үлэтин саҕалаабыта.
Сэбиэскэй Сойуус Геройа Ф.М. Охлопков аатын сүгэр Кириэс-Халдьаайы орто оскуолата өрөспүүбүлүкэҕэ биир кырдьаҕас оскуоланан биллэр. Оскуолаҕа өр сылларга үлэлээбит уопуттаах, үрдүк категориялаах учууталлар, педүлэһиттэр үлэлииллэр. Улахан кэллэктииби өр сылларга 20-тэн тахса сыл дириэктэринэн Охлопков Александр Федорович салайбыта. Билигин дириэктэринэн Слепцов Святослав Артурович, агроүөрэхтээһинҥэ дириэктэри солбуйааччы Бысыина Матрена Егоровна, үөрэх салаатыгар дириэктэри солбуйааччы Мегинова Аграфена Ивановна уонна иитэр-үөрэтэр үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы Габышева Мария Петровна үлэлии сылдьаллар.
Үөрэхпит былаана агрохайысхалаах оскуолаларга, тус үөрэхтээһин былааныгар сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллубута. 2012 сыллаахха үөрэх салаатыгар дириэктэри солбуйааччы Омукчанова Раиса Петровна кеҕүлээн, иилээн-саҕалаан бу үөрэх былааныгар оҕолору профессиональнай үөрэхтээһиҥҥэ уонна эбии агрочаастар эбиллибиттэрэ. V-XI кыл. диэри эбии агрочаастарга үөрэнэн, V кыл. «Цветоводсво», VI кыл. «Лечебные травы», VII кыл. «Основы овощеводства», VIII кыл. «Птицеводство», IX кыл. «Кролиководство», X-XI кыл. «Основы предпринимательской деятельности», «Животноводство», уонна «Трактороведание» чаастарын уруок таһынан үөрэнэллэр. XI кылаас оҕолоро оскуоланы бүтэрэллэригэр «Кассир-продавец» уонна «Повар-кондитер» идэтин баһылаан тахсаллар.
2019 сыллаахха «Идэни баһылааччылар» диэн бырайыакка наукаҕа оҕолору сыһыаран салайааччы Местникова Мира Николаевна үлэлэтэр. Оҕону кыра кылаастан саҕалаан тыа хаһаайстыбатын араас хайысхалаах идэлэригэр уонна үлэтигэр сыһыарыы бу бырайыак сыала буолар.
Алын кылаастан III кылааһын үөрэнээччитэ Атаков Яша (иккис сылын сылдьар) кыра эрдэҕиттэн массыынаны уонна тракторы өрөмүөннүүллэрин көрөрүн сөбүлүүр буолан, билигин дакылаатын тиэмэтинэн «Механик идэтэ» диэн улуустааҕы «Алдан — Ситим» научнай – практическай кэмпириэнсийэҕэ III миэстэни ыларга ситиспитэ. Заболоцкая Тапталлана IV кылаас үөрэнээччитэ эмиэ улуустааҕы «Алдан — Ситим» научнай – практическай кэмпириэнсийэҕэ III миэстэни ылбыта, уонна быйыл бастакы конкурска кыттыбыт, Яковлева София IV кылааһын үерэнээччитэ, быраас буолуон баҕаран, сылын аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кидсскилсс» конкуруска ситиһилээхтик кытынна. V кылаас оҕолоруттан Румянцева Настя «Оскуола таһыгар араас көрүҥнээх подсолнуҕу үүннэрии» дакылаатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ Хардыы» научнай – практическай кэмпириэнсийэҕэ III миэстэни ылла,онтон VI кылаас үерэнээччитэ Потапова Айлана 3 сылын сылдьан араас норуоттар икки ардыларынааҕы, арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи I, II, III миэстэлээх научнай- практическай кэмпириэнсийэлэр конкурустар кыайылааҕа буолар. VII кылааска үөрэнэр Неустроева Сахая уонна Неустроева Катя, сайын аайы үлэ-сынньалаҥ лааҕырыгар сылдьар буоланнар, быйыл дакылаат ааҕан, арассыыйатааҕы НПК-ҕа I миэстэни ыларга ситистилэр. Оҕуруоту сөбүлээн үүннэрэр кыргыттарым, IX кылааһын үерэнээччилэрэ Артемьева Вилена уонна Охлопкова Айна норуоттар икки ардыларынааҕы НПК-ҕа кыттан I миэстэни ылбыттара.
Бу бырайыагым тэриллиэн инниттэн, саамай элбэх дакылааты аахпыт Неустроева Дая, X кылааһын үерэнээччитэ буолар. Кини араас таһымнаах норуоттар икки ардыларынааҕы, арассыыйатааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай- практическай кэмпириэнсийэлэргэ, куонкурустарга I, II, III миэстэни ылбыта. Мярин Артем X кылааска быйыл саҥа кыттан, арассыыйатааҕы НПКаҕа III бочуоттаах миэстэни ылан үөрүүтэ муҥура суох. Быйыл саҥа киирбит оҕолорум Егорова Эйэлиинэ, Мегинова Ксения, Охлопкова Даша V кылааска, Бурцев Вова уонна Охлопков Айсар VI кылааска, Сивцев Дамир VII кылааска үөрэнэллэр, кинилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Ларионовскай уонна арассыыйатааҕы Чугуновскай ааҕыыларыгар бэлэмнэнэллэр. Саҥаттан саҥа оҕолор киирэр буоланнар, бу бырайыагым сылтан сыл аайы сайдар, ол онно бары дьулуһабыт.
Оҕолорбор барыларыгар баҕарыам этэ саҥа сылга доруобуйаны, үөрэхтэригэр өссө үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, баҕа санаалара туоларыгар!
Местникова Мира Николаевна,
Сэбиэскэй Сойуус Геройа
Ф.М. Охлопков аатын сүгэр
Кириэс-Халдьаайы орто оскуолатын
животноводстваҕа учуутала