В.П. Ларионов аатынан «Инникигэ хардыы» үөрэнээччилэргэ аналлаах билим ааҕыыларыгар быйыл уопсайа 50 оҕо кыттыыны ылла. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ саха филологиятын хайысхатыгар итиччэ элбэх оҕо кыттыбыта, төрөөбүт тылбыт-өспүт инники өттүгэр күүскэ сайдыа, чэчириэ диэн эрэл санааны үөскэтэр. Бүлүү улууһун өрүс уҥуор сытар кытыы нэһилиэгиттэн Лилиана Николаева, И.В. Яковлев аатынан Үгүлээт орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ «Ангелина Кузьмина «Мас тоҕо үүнэрий?» кинигэтинэн оҕону ааҕыы абылаҥар умсугутар ньымалара» диэн чинчийэр үлэтинэн көхтөөхтүк кытынна.
Лилиана «Инникигэ хардыы» кэмпириэнсийэҕэ кыттыбытын туһунан бу курдук кэпсиир:
— Мин урут хаһан да маннык улахан кэмпириэнсийэҕэ кытта илик этим. Ол иһин кыратык долгуйдум да буоллар, «Инникигэ хардыы» научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыппыттан олус үөрэбин. Оҕолору кытары билистим, саҥаны, сонуну, элбэҕи биллим. Мин үлэм тоҕоостооҕо диэн — билиҥҥи оҕо сахалыы уус-уран кинигэни аахпат буолбуттарыттан, тылбыт-өспүт лаппа мөлтөөтөбүтүттэн сиэттэрэн үлэм сурулунна.
Биир дойдулаахпыт, Үгүлээттэн төрүттээх Ангелина Кузьмина «Мас тоҕо үүнэрий?» кэпсээннэринэн хомуруунньуга оҕону ааҕыы абылаҥар умсугутар ньымаларын чинчийдибит. Ангелина Кузьмина оҕо суруйааччытын быһыытынан суруйар истиилин уратытын буллубут. Ол курдук, Ангелина Афанасьевна бу кинигэтин оҕо сааһынан наардаан суруйбута олус кэрэхсэбиллээх. Ону тэҥэ, ааптар кэпсээннэригэр саха хомоҕой тылын-өһүн, уус-уран истиил араас дэгэтин туттубутун булан ырыттыбыт. Ангелина Кузьмина ордук оҕо өйдүүрүн курдук, судургу сомоҕо домохтору, өс хоһооннору, тэҥнээһиннэри туттар эбит диэн быһаарбыппыт. Бырактыычаскай үлэһитигэр, Ангелина Кузьмина оҕолорго аналлаах кэпсээннэринэн сэргэх дьарыктары чөмчүүк, саһарҕа уонна тымтык саастаах оҕолорго ыыттыбыт, тэттик «Киһиргиэҥ кирсиҥ быстаарай» диэн киинэни уһулбуппут. Инники өттүгэр өссө да үлэбин сайыннарар былааннаахпын.
Кырдьык да, ыраах сиртэн манна кэлэн кыттыы диэн улахан ситиһии буолар. Оҕолор сахалыы уус-уран кинигэни ааҕыахтара, сэргиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Ангелина Кузьмина «Мас тоҕо үүнэрий?» кэпсээннэринэн хомуурунньугун ааҕыҥ, сэргээҥ, оҕолорбут сахалыы оҕолорго аналлаах кинигэлэри аахтахтарына, тыллара-өстөрө сайдыа, сиэр-майгы өттүгэр иитиллиэхтэрэ, суруйар кэпсиир дьоҕурдара сайдыаҕа!
А.А. Кузьмина «Мас тоҕо үүнэрий?» оҕолорго аналлаах кинигэтин бу сигэнэн: https://new.nlrs.ru/open/59977 киирэн ааҕыҥ.
Хаарчаана Семенова, Бүлүү улууһун И.В. Яковлев аатынан Үгүлээт орто оскуолата.