Соторутааҕыта «Арыгыта суох чөл олох – дьоллоох оҕо саас тускута» куонкурус түмүктэннэ. Кыттааччылар үлэлэригэр аһыы утах аан дойдуну аймыырын, алдьархайы эрэ аҕаларын, “арыгы”, “оҕо” диэн икки өйдөбүл дьүөрэлэспэтин дакаастаан, дириҥник хорутан суруйбуттар.
Горнайтан, Намтан, Хаҥаластан, Чурапчыттан, Сунтаартан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Бүлүүттэн, Уус Маайаттан, оннооҕор Эбээн Бытантай, Муома, Булуҥ курдук ыраах улуустартан үгүс үлэ киирдэ. Кыайыылаахтары кытта билсиэҕиҥ.
Кэхтиигэ тиэрдэр
Дьокуускай куорат 12 №-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ Айсен ЛУГИНОВ, III миэстэни ылан, өйдөбүнньүк бэлэҕи тутта, үөрүүтэ үксээтэ. Кини үлэтигэр айымньылары, “Кыым” хаһыакка тахсыбыт бэлиэтээһиннэри ырыппыт. Өссө арыгы куһаҕанын туһунан саха суруйааччыларын бэргэн этиилэрин холобурдаабыт.
– Киһи барыта арыгы куһаҕанын туһунан билэр. Ол эрээри, араас бырааһынньыктарга арыгы мааны ас курдук кэчигирээн турар буолар. Үөрүүлээх түгэн тосхойдоҕуна, үксүгэр арыгылаах бэлиэтииллэр.
Билигин доруобуйатын көрүнэр, чөл олоҕу тутуһар, спордунан дьарыктанар ыччат элбээтэ. Киэҥ билиилээх, чаҕылхай үөрэхтээх, үчүгэй доруобуйалаах эрэ дьон олоххо миэстэлэрин булар кыахтаннылар. Онон арыгы сайдыыга сирдээбэтин, кэхтиигэ тиэрдэрин ыччат өйдөөн эрэр, – диэн тус санаалаах.
Урусхаллыыр, эһэр
Александрина БУРНАШЕВА, XI кылаас (Мугудай, Чурапчы):
– Арыгы киһиэхэ үөрүүлээх да, хомолтолоох да кэмҥэ биирдик дьайар, урусхаллыыр. Эти-хааны, өйү-санааны, чугас дьон сыһыанын, үлэҕэ, үөрэххэ ситиһиини, дьолу, тапталы – маны барытын эһэр кыахтаах, – диэн санаатын суругунан үлэтигэр тиэрдэр.
Александрина II миэстэ буолбута. Кини арыгыһыт доруобуйата атарахсыйарын, медицина чахчыларыгар олоҕуран, дириҥник ырыппыт. Ол киһи “алдьархайдаах ыарыыга ылларан сытан, күн сырдыга төһөлөөх күндүтүн биирдэ өйдүүрүн, чөл олоҕу тутуспатаҕын кэмсиннэр-кэмириннэр даҕаны, хайыыр да кыаҕа суоҕун” бэлиэтиир.
Сарбыйар, матарар
“Калейдоскоп” оҕо телеустуудьуйатын иитиллээччитэ (Ньурба куорат) Эсланда АЛАННЫРОВА үлэтин дьүүллүүр сүбэ үрдүктүк сыаналаата. Эсланда үгүс үлэни ыыппыт, статистиканы үөрэппит, илэ хараҕынан көрбүтүн киһи дууһатын кылын долгутар курдук итэҕэтиилээхтик суруйбут. Оннооҕор сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолор дьыалаларынан дьарыктанар тустаах тэрилтэҕэ тиийэ сылдьыбыт.
Дьэ, бу дьиҥнээх эссе! Маладьыас! Бастыҥ суруйууну аныгыскыга таһаарыахпыт.
– Аҕыйах хонуктааҕыта, Бүлүү эбэбит ырааһырбытын көрө таарыйа, учууталбын кытта өрүс үрдүнэн дьиэлээбиппит. Ол онно, олус кэрэ көстүүгэ, кэлээскэҕэ оҕолордоох эп-эдэр ийэлэр, ыскамыайкаҕа аһыы утаҕы иһэ-иһэ, табахтыылларын көрөн, олус да абарбыппыт… Эчи, сүрүн!
Эчи, саатын! Оҕолор барахсаттары аһыммыппыт, чэбдик көй салгыҥҥа наһаа минньигэстик утуйан буккуруу сыталлар этэ. Бу маннык ийэлэр оҕолорун дьоллоох оҕо саастарын сарбыйалларын, олох туох баар кэрэтиттэн матаралларын өйдүүллэрэ буолуо дуо?.. диэн Эсланда толкуйдатар суруйуутун уйадыйа ааҕаҕын.
Куонкурус кыайыылаахтара сыаналаах бириистэринэн, грамотанан наҕараадаланнылар. Бастыҥ үлэлэри “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттарга ааҕаарыҥ.
Айыына КСЕНОФОНТОВА.