XXVII төгүлүн ыытылла турар “Инникигэ хардыы” научнай-практическай конференцияҕа быйылгы үөрэх дьылыгар киирбит уларыйыылар дьэҥкэтик көстөллөр. История, кыраайы үөрэтии, музейнай дьыала секцияларыгар оҕолор кыттыылара ордук көхтөөх.
Хааччахтыыр миэрэлэринэн сибээстээн, эдэр чинчийээччилэр икки сыл устата кэтэхтэн олорон кыттыбыт эбит буоллахтарына, быйыл кинилэргэ барыта ураты, саҥа, сонун.
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын IX кылааһын үөрэнээччитэ Артем Дьячковскай: “НПК-ҕа бэйэтигэр кэлэн кыттар астык баҕайы эбит. Киһитэ элбэҕэ, экспердэри кытта утары туран кэпсэтэрин, санаа атастаһарын наһаа үчүгэй, сөбүлээтим аҕай”, – диэн этэр. Бу иннинээҕи сылларга “Инникигэ хардыыга” кэтэхтэн олорон кыттыбыт оҕо сүргэтэ олус көтөҕүллүбүт. Киһи киһини кытта утары туран кэпсэтэрэ наадалаах, суолталаах буоларын 15 саастаах эдэр чинчийээччи бүгүн дьэҥкэтик өйдөөтө.
Артем эһэлээх эбэтэ Иван Иванович, Христина Исаковна Степановтар 2015 сыллаахха Чурапчы улууһун Одьулуун нэһилиэгэр дьиэ кэргэн этническэй музейын тэрийбиттэр.
– Уһаайбаларыгар баар балаҕаннарын музей гынарга санаммыттарын аймахтарбыт бары үөрүүнэн ылыммыттара. Эбэм убайа көмүлүөк оһох оҥорон биэрбитэ. Дьиэ кэргэммит былыргы малларын барытын хомуйан, түмэн, көрдөрүүгэ таһаарбыппыт. Билиҥҥи туругунан, музейбыт 200-кэ экспонаттаах. Саамай былыргы экпонаттарынан хос хос эһэбиттэн, эбэбиттэн кэлбит чорооннор, былыргы ыскаап, алтан сылабаар буолаллар. Манна баар хас биирдии мал ааспыт олох историятын кэпсиир, былыргы төрүппүтүн-ууспутун кытта ситимниир аналлаахтар, – диэн кэпсиир эдэр чинчийээччи Артем Дьячковскай.
Дьиэ кэргэн музейыгар дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар. Кэлбит ыалдьыттарга сиэн оҕолор эһэлээх эбэлэрин кытта экскурсия тэрийэллэр. “Аныгы технологиялар кыахтарын туһанан, виртуальнай экскурсиялары эмиэ оҥоробут. Дьиэ кэргэн сыаннастарын сэргиир, сэҥээрэр дьон Белоруссияттан, Санкт-Петербургтан, Нью-Йорктан кытта холбонон ыалдьыттаабыттара. Тыа сирин социальнай-култуурунай эйгэтин сайыннарыыга дьиэ кэргэн музейдарын тэрийэр наадалаах, туһалаах диэн бу чинчийэр үлэбэр быһааран кэпсээтим, көрдөрдүм”, – диэн этэр Артем Дьячковскай.
Эдэр чинчийээччи эһэлээх эбэтин музейдарыгар киирэн кэллэҕинэ, аан бастаан ылынара – көмүлүөк оһох. “Сырыы аайы саҥа сылдьар курдук сананабын. Көмүлүөк оһох умайар тыаһа, кини суоһа, былыргы иһит-хомуос ураты баҕайы. Билигин олорор олохпутуттан олох атын эйгэҕэ киирэн хаалабын. Уу-чуумпу, сып-сылаас, ким да ханна ыксаабат, ыксаппат”, – диэн Артем музейы төрүттээбит эһэлээх эбэтигэр махтанар.
Эһиги эмиэ, күндү ааҕааччылар, Одьулууҥҥа сырыттаххытына, Степановтар музейдарыгар киирэн, көмүлүөк оһох сылааһыгар бигэнэр, ураты эйгэни кытта алтыһар түгэни мүлчү тутаайаххыт! Дьиэ кэргэн музейыгар хайаан да ыалдьыттаан ааһаарыҥ!
Сардаана МАТВЕЕВА