Сатабыллаах буола улаатыҥ
(Пушкинтан — тылбааска)
Оҕолор, сарсын XIX үйэҕэ нуучча литературатын төрүттээччи улуу поэт, драматург уонна прозаик Александр Сергеевич Пушкин төрөөбүтэ 219 сылын туолар. Ол аата эһиил баччаҕа улуу поэт үбүлүөйдээх төгүрүк сылын бэлиэтиэхпит.
Үгүс көлүөнэ оҕото аан бастаан А.С. Пушкин остуоруйаларын төрөппүттэриттэн истэн, кэлин хоһооннорун ааҕан улааттаҕа. Олор ортолоругар Сунтаар Түбэйин оччолорго аҕыс кылаастаах оскуолатын үөрэнээччитэ Наташа Михалева эмиэ баара.
Ким туһунан этиллэрин сэрэйдигит? Саамай сөп, саха билиҥҥи литературатыгар, чуолаан поэзияҕа, ааспыт үйэ 90-с сылларын бүтүүлэригэр ураты иэйиилээх, дьиҥ сахалыы ыраас тыллаах-өстөөх, нарын иэйиигэ куустарбыт дьикти лирикалаах хоһоонньут Наталья Михалева-Сайа. Кини хоһоонноро дьоҥҥо-сэргэҕэ тута сөбүлэппиттэрэ, үгүстэрэ ырыа буолан ылламмыттара.
Оттон 1999 сылтан ыла, Сайа чараас уйулҕатын туоһута буолбут сытыы бөрүөтүнэн, нуучча биллэр классик-поэттара сахалыы ис-киирбэхтик саҥарар кыахтаммыттара.
Бүгүн, А.С. Пушкин төрөөбүт күнүн баттаһа, «Кэскил» хаһыат эрэдээксийэтигэр кэлэн, нуучча улуу поэтыгар тус сыһыанын үллэһиннэ.
Оҕо эрдэхпиттэн Пушкинныын
– Үтүө күнүнэн! Сарсын аан дойду литературатыгар кэрэ-бэлиэ күн. Аҕа саастаах уонна билиҥҥи көлүөнэ дьон А. Пушкин хоһоонноругар бары да иитиллэн улааттахпыт. Эн кини поэзиятын киэҥ аанын аан бастаан хаһан, ханна арыйбыккыный?
– Биһиги кэм оҕолоро Александр Пушкины аан бастаан сахалыы аахпыт буолуохтаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, мин оҕо сааһым биир чаҕылхай өйдөбүлүнэн күөх байҕал кытыытыгар олохтоох балыксыт оҕонньор кыһыл көмүс хатырыктаах балыкчааны хаптарбытын туһунан остуоруйалаах кинигэ буолар. Билигин санаатахха, олус табыллыбыт тылбаас эбит, мэктиэтигэр, остуоруйа олох саха дьонун кэпсиир курдуга. Будьурхай баттахтаах Пушкин диэн киһи ити кэмтэн мин сүрэхпэр наһаа истиҥник олохсуйбута.
Биһиги дьиэбитигэр кинигэни бары таптаан, былдьасыһа сылдьан ааҕарбыт. Эдьиийим Тамара, барыбытын олордуталаан баран, ханнык эмэ нууччалыы кинигэни ааҕа-ааҕа, сахалыы тылбаастаан кэпсиир түгэнэ хаһан үүнэрин кэтэһэр да буоларбыт. Дьоммут эмиэ кинигэни доргуччу аахтаран истэр этилэр. Бэйэм оскуолаҕа киириэм быдан иннинэ ааҕар буолбутум, Бүөтүр Тобуруокап «Чыычаахтар күнү көрсөллөр» диэн кинигэтин өйбүттэн толору ааҕар киһи маҥнайгы кылааска киирбитим.
Өйгө үөрэтии – дьикти
– Оскуолаҕа хоһоону өйгө үөрэтэргэ уустуктары төһө көрсөр этигиний?
– Сунтаар улууһун Түбэй аҕыс кылаастаах, онтон Сиэйэ орто оскуолатын бүтэрбитим. Өйтөн ааҕыыны мин сорудах ылаат да ол уруок ортотугар тута үөрэтэн кэбиһэр этим. Эбэтэр аара суолга. Бэһис кылааска биһиэхэ кылаас салайааччытынан университеты саҥа бүтэрбит нуучча тылын учуутала Надежда Софроновна Николаева үлэлии кэлбитэ. Кини биһиэхэ бастаан Пушкин, Есенин айымньыларын билиһиннэрэрин бу баар курдук өйдүүбүн. Кыргыттар «Татьяна суругун» үөрэтэр кэммитигэр «кыыс бэйэтэ уолу таптыырын бастакынан билиниэхтээх дуо?» диэн ырытыһарбыт, мөккүһэрбит.
Остуоруйа иитэр
– Кини айымньылара оҕону иитиигэ суолтата?
– Кини ньээнньэтэ Арина Родионовнаны бэйэтин айымньыларыгар киллэрбитэ уонна үгүс остуоруйалары киниттэн истибитин суруйбута диэн буолар. Остуоруйалара оҕо оҥорон көрөр дьоҕурун сайыннараллар, үтүө санаа, сырдык күүс хотуутун туругурдаллар. Онон бу остуоруйалар оҕону иитиигэ суолталара олус улахан. Хомойуох иһин, билиҥҥи төрөппүт атын кинигэлэри талар буолла быһыылаах.
Тылбаас төрүөтэ
– Наталья Владимировна, кистэл буолбатах буоллаҕына, улуу Пушкины саҥардар санаа эйиэхэ хаһааҥҥыттан киирбитэй?
– Тылбааска ылсыым – мин төрөөбүт тылым күүһүгэр эрэлбиттэн, кинини тургутан көрөр баҕабыттан үөскээбитэ диэхпин сөп. Онно төрүөт быһыытынан 1999 с. Александр Пушкин төрөөбүтэ 200 сылыгар аналлаах кини лирикатын чыпчаал айымньытын – Анна Керҥҥэ анаммыт хоһоону тылбаастааһыҥҥа биллэриллибит күрэх буолбута. Суох, мин онно бэйэм кыттар санаам суоҕа – Пушкин оннук үрдүк, ыра да санаам тиийбэт чыпчаалыгар олохтооҕун билинэрим, сүгүрүйэрим эрэ. Арай долгуйа кэтэспитим: кини улуукан айымньытын хайдахтаах курдук күүскэ уонна дьоллоохтук сахалыы саҥардыахтарын. Ол эрээри күрэх түмүгүнэн тахсыбыт чараас кинигэни ааҕан баран, Пушкин алыба сүтэн хаалбыт, ама, саха тыла нуучча улуу айымньытын уран иэйиитин, кэрэ дэгэтин барытын кыайан биэрбэт дуо диэн айманар санааҕа баһыйтарбытым.
Онтон эмискэ бэйэм холонон көрөргө санаа киирэн кэлбитэ. Онон Александр Пушкин миигин тылбаас умсулҕаннаах суолугар үктэннэрбитэ диир кыахтаахпын. «Өйдүүбүн ол күлүм түгэни…» кэнниттэн санаам хотон, умсулҕан уһуктан өссө биир таптыыр хоһооммун: Сергей Есенин «Не жалею, не зову, не плачу…» тылбаастаабытым.
Итинник хас да хоһоону тылбаастаан, 2000 с. тахсыбыт «Бүгүн түүн» диэн кинигэбэр сүрдээҕин долгуйан туран, «Холонуу» диэн төбөлөөн, киллэрбитим. Пушкин уонна Есенин тута сахалыы романс, ырыа буолан ылланан барбыттарыгар сэмэйдик үөрбүтүм. Пушкиммын ырыа гыммыт композитор Алексей Егоров, миигин көрсөөт, эҕэрдэлэһэрин оннугар: «Үҥэрбэр, иэйэрбэр, таптыырбар/Айыы да, аанньал да суох этэ…» – диэбитэ. Ол кини ити тыллары сүрэҕэр-быарыгар киллэрэн чахчы сөбүлээбитин бэлиэтэ буоллаҕа.
Сатыыр буолларбыт…
– Айымньылаах үлэҕиттэн быыс-арыт булан, «Кэскил» хаһыат ааҕааччыларыгар суолта ууран кэлбиккэр, айар үлэҥ туһунан сырдаппыккар махтанабыт. Хаһыаппыт ааҕааччыларын киэҥ араҥатыгар уонна оҕону үтүөҕэ-кэрэҕэ уһуйар учууталларга анаан ыллыктаах баҕа санааҕын тиэрдиэҥ буолаарай?
– Саха тэлэбиидэнньэтигэр «Саха санаата» диэн биэриини ыыта сылдьыбытым. Онно хас биирдии кэлбит ыалдьыттан үгэс курдук: «Биһиги, сахалар, XXI үйэҕэ тугу гыннахпытына омук быһыытынан салгыы сайдыахпытый, онно бастакы сорукпут туох буолуохтааҕый?» – диэн ыйытааччыбын. Онуоха этэллэрэ элбэх буолааччы: “тылбытын сүтэриэ суохтаахпыт”, “ахсааммыт элбиэхтээх”, “түмсүүлээх буолуохтаахпыт”, «итэҕэлбитин тилиннэриэхтээхпит», о.д.а. диэн, кырдьык, биһиги кэскилбитин оҥосторбутугар сүрдээх суолталаах этиилэр. Онно биир уһулуччу өйдөөх киһи эппитин бастаан көннөрү аһарбытым, онтон толкуйдаан истэҕим аайы улам сөбүлээн иһэбин: «ХХI үйэ сахаҕа Сатабыл үйэтэ буолуохтаах. Биһиги сатыырбыт элбиэхтээх», – диэн.
Оҕолор, кытаатыҥ!
«Саха тугу сатаабатаҕай…» – диибит эрээри, өбүгэбит сатабылын сүтэрэн эрэбит: «Билигин хантан да, туох да тиэллэн кэлбэт буоллаҕына тыыннаах хаалыахпыт дуо, олохпутун сатаан хааччыныахпыт дуо?» – диэн саарбахтыыр санаа үөскүүр.
Ону таһынан, аныгы кэм тосхойорунан, саҥа идэлэри баһылаан, саҥа сатабыллары үөскэтэн иһэрбитин олохпут ирдиир. «Биһиги маны сатыыбыт» диэн буолуохтаах. Алмааһы кырыылыыры, тааһы уһаарары, массыынаны оҥорору, күндү баайы хостууру, көмпүүтэри сайыннарары, мультфильмы оҥорору… онтон да атыны элбэҕи саха сатыырынан киэн туттар кэмэ кэлиэхтээх.
Ол туһугар оҕо дьон бэрт кыратыттан тугу эрэ сатыыр буола улаатарын ситиһиэхтээхпит. Быһаҕы сытыылыыртан, алаадьы буһарартан, атаҕын таҥаһын сатаан куурдартан саҕалаан. Кини хаһан эрэ улааттаҕына буолбакка, субу билиҥҥиттэн тугу эрэ сатаан барыахтааҕын өйдөтүөхтээх эбиппит.
– Махтанабын. Инники өттүгэр абылаҥнаах айар эйгэҥ киэҥ куйаара өссө чэлгийэ сириэдийдин, үгүс элбэх ырыа эн хоһооҥҥор дьону-сэргэни үөрдэ турдун!
Василий ИВАНОВ.
ХААРТЫСКАЛАРГА: 1. Наталья Михалева-Сайа. 2. Таптал угуттаах дьиэ кэргэнэ.