Сааскылаах нэһилиэгин баһылыга Алексей Петрович Николаев сурутууга үтүө холобуру көрдөрдө.
– Кырдьык, эһиги саамай сөпкө бэлиэтээн эттигит. Оҕо өйө-санаата сайдан, туспа личность буолан ситэн-хотон тахсар кэмэ олус кылгас. Бу кэм устата оҕоҕо көмөлөһөөччү олус элбэх – дьиэ кэргэнтэн саҕалаан оҕо саада, оскуола, былаас бары уорганнара, туһааннаах тэрилтэлэр. Ол гынан баран «биһиги оҕоҕо көмөлөһөр үлэбит төһө хаачыстыбалааҕый?» диэн, кырдьык, тохтоон, толкуйдаан, кэннибитин хайыһан көрүнүөхпүтүн наада. Биһиги көмөбүт хаачыстыбатыттан нэһилиэкпит, улууспут, өрөспүүбүлүкэбит инники сайдыыта улахан тутулуктаах. Бу кылгас биэс күн иһигэр «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата ыытар үлэтин туһунан элбэҕи биллибит. Тус бэйэм бүгүҥҥү күҥҥэ сөптөөх хайысханы тутуһан үлэлии олорор тэрилтэ эбит диэн сыаналаатым. Оҕо сурунаалларыгар, хаһыаттарыгар сурутууну манна миэстэтигэр өйөөн, үлэбит сүрүн хайысхатын быһыытынан ылыныахпытын наада, – диэн Сааскылаах баһылыга Алексей Петрович Николаев чопчулаан эттэ уонна 2023 сыллааҕы бюджетыттан «Чуораанчык» оҕо сурунаалыгар 100 устуука сыллааҕы сурутууга анаан 150 тыһ. солк. биэрэрин туһунан эттэ.
Сардаана МАТВЕЕВА.