Ахсынньы 19 күнүгэр улуустааҕы «Агрохакатон-2022» IT күрэх I түһүмэҕэ түмүктэннэ. Оскуолабыт хамаандата «БордоҥСошАгро» бочуоттаах 2 миэстэни ылла (Билалов Платон 10 кыл, Докторова Анна 10 кыл, Александрова Диана 10 кыл.).
Итини тэҥэ, ахсынньы 19 күнүгэр, улуус баһылыгын гранын күрэҕэр биһиги үөрэнээччилэрбит Максимова Алена, Черепанов Тимур «Өбүгэ оонньуулара» бырайыагынан кытыннылар.
Ахсынньы 21 күнүгэр, учууталларга, оскуола үрдүкү кылааһын оҕолоругар «Знание» общество чилиэнэ, журналист, тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ, учуонай Борис Афанасьевич Потапов «Сылгы салаатын сайдыытыгар наука уонна племенной үлэ кэрчиктэрэ» диэн кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла. Борис Афанасьевич кинигэтин сэгэтэн, араас интэриэһинэй түгэннэри, тус олоҕуттан кэпсээтэ. Кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар кэс тылын эттэ, элбэх сүбэни-аманы биэрдэ.
Улуустааҕы «Идэһэ-2022» быыстапка-ярмаркаҕа биһиги оскуолабыт ситиһиилээхтик кытынна. Ол курдук, эмис эт, убаһа ойоҕоһо, хаан хамаҕатык атыыланна. (Эппиэтинэстээхтэр: Омукова О.Н., Михайлова К.В.). Түмүккэ, «Саҥыйахтаах алаадьы» номинация кыайыылааҕа буоллулар. Бу дьаарбаҥкаҕа Бордоҥ орто оскуолатын «Тэтим» образцовай үҥкүү ансаамбыла аһыллыытыгар кыттыыны ылла. (сал. Еремеева Ю.В.)
Кылаастар икки ардыларыгар «Государство символларын төһө билэҕин?» диэн тиэмэҕэ интеллектуальнай марафон ыытылынна. Марафоҥҥа Сивцев Сергей VII кыл, Черепанов Тимур VIII кыл, Максимова Алена IX кыл, Данилов Павел X кыл, Яковлев Сережа XI кыл күрэхтэстилэр. Түмүккэ, «Бастыҥ оонньооччу» аатын Тимур Чепепанов, «Бастыҥ хапытаан» аатын Сережа Яковлев ыллылар.
Ороһуоспатааҕы ИЛ Дархан Харыйатыгар биһиги оскуолабыт бастыҥ үөрэнээччитэ, спортсмена, XI кылаас үөрэнээччитэ Гриша Алексеев кыттыыны ылла.
Ахсынньы 23 күнүгэр, Бордоҥ орто оскуолатын аактабай саалатыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи мас тардыһыыга күрэҕэ үрдүк таһымҥа ыытылынна. Барыта 13 хамаанда, 121 оҕо кытынна. Үөһээ Бүлүүттэн, Ньурбаттан, күүстээх мадьынылар кэлэн күрэҕи күүркэттилэр. Бу курэххэ оскуолабыт мас тардыһыытын тренерэ Акулина Павловна Уарова элбэх оҕону (уолаттары, кыргыттары) бэлэмнээн, үс уол чемпион аатын ылла: Роберт Удин 10 кыл, Дьулус Прокопьев 8 кыл, Никита Лукин 9 кыл. Призердар: Тихонов Кирилл 8 кыл, Игнатьева Сахалина 10 кыл, Николаев Дамир 11 кыл буоллулар.
Бордоҥ орто агрохайысхалаах оскуолата