Эhэм Байбал Сиркуоп-Бѳҕѳ Байбал оҕо эрдэҕиттэн ураты күүстээх, толуу эбитэ үһү. Уончалааҕар улахан киһи саҕа буола улааппыт. Кини туһунан биһиги аймахха бэрт кэрэхсэбиллээх кэпсээннэр хаалбыттар.
Биирдэ эһэм (уон иккилээҕэр-үстээҕэр) тыаҕа туhахтарын кэрийэ тахсыбыт. Ол дьыл күhүнүгэр Сыымах тулатынааҕы тыа иhэ туртаҥнас куобах үhү. Куобах барахсан, кус курдук буолуо дуо, бойум булт буоллаҕа эбээт. Үс-түѳрт киһилээх дьиэ кэргэҥҥэ биир куобахтан тотоойу күѳс тахсар. Дьон сохсолоон, туhахтаан, куобаҕы хото бултаан, бэркэ абыраммыт дьыла үһү.
Байбал эмиэ, үөлээннээхтэрин курдук, күн өрүү-өрүү, астаах ампаартан аҕалардыы, үстүү-түөртүү табысхааны аҕала турар эбит.
Арай биир киэһэ бэркэ үөрэн-көтөн, дьэргэстэйдэнэн кэлбит. Сүгэhэрин балаҕан аанын аттыгар саайыллан турар көхөҕө ыйаабыт. Ийэлээх аҕата кѳрдѳхтѳрүнэ, уоллара уоhа ыпсыбат гына ыртайбытынан балаҕаныгар кѳтѳн түспүт. Оһох иннигэр тымтык тыыра олорбут аҕата Соппуруон: «Баатыгарын, туhаҕыттан саhылы ылбыт буоллаҕа дуу?» – дии санаабыт. Ол эрээри таhыгар быктарбатах, ыйыппатах. Тымтыктарын хомуйа тутан ылан, ардьаах үрдүгэр кэлиилииргэ бэлэмнээн хатарылла турбут бурдук сүүмэҕин аттыгар уурбут. Онуоха күѳх даба ырбаахытын киэҥ бэлэнньиктээх сиэхтэрэ, кѳтѳѳрү гыммыт боруллуо дабыдалыныы, ѳрүтэ сапсынарга дылы гыммыттар.
Остуолга лэппиэскэ тиэстэтин мэһийэ турбут ийэтэ Дьэлиэнэ уолуттан:
– Хайа, тукаам, туох баарый бүгүн? – диэн сэмээр ыйыппыт. Бурдук буолбут харытынан сүүһүн үрдүнэн бычыгыраабыт дьэҥкир таммахтары туора соттубут.
– Ийээ, аҕаа, эhиэхэ мааска аҕаллым! – уоллара күүтүллүбэтэх сонунун төлө биэрбит.
– Тыый, хайалара ол биэрдэ? – Дьэлиэнэ чуолкайдаhыан баҕарбыт. Ытыстарын иhит сотор ѳрбѳҕѳр соттоот, дьэс чаанньыгын оһоҕун холумтаныттан чох үрдүгэр көһөрбүт. Аҕалара кыпсыыны ылан иһэн, дьиктиргээн уолун диэки эргиллибит: үйэлэригэр куосканы ииттэн кѳрбѳтѳхтѳрѳ, хайа ыал биэрбитин аҕаллаҕай?
– Ээ, оттон ойууртан тутан киирдим эбээт. Көрүүй, куобахтарбын сүгэн, дьиэлээн истим, – Байбал таҥаһын уста- уста кэпсээн ѳрүкүнэйэн барбыт. – Быдараах Тумулун кэриитигэр кэлэрбэр, арай, ойдом тиит алын лабаатыгар күрэҥ өҥнөөх мааска олорор. Сүүнэ улахан. Бочугураһы туппут, түүтүн бурҕаппыт, сиэн тунайдыыр. Көрүүй, миигин көрөн, көҥөнөн, көхсүн иhигэр киҥинэйэн, курдьугунаан сүр! Хараҕын уота сытыыта диэн! Ол эрээри мин толлубатым, доҕор! Үгүhү-элбэҕи эргитэ саныы барбатым, курбар кыбынан испит чохорооммун сулбу таhыйан ылаат, кыыратты-ам!
Итини истэн, ийэтэ айаҕын атан кэбиспит уонна соһуйбуттуу уҥа ытыһынан онтун саба туттубут. Аҕата түһэҕэр ытыстарын сууралаабыт, ѳгдөҥнөөн ылбыт. Байбал салгыы кэпсээн күлүбүрэппит:
– Көр, сымсата сүр, илин атаҕын тоhуйан биэрдэ эрээри, түөрэ бэрдэрдэ, лабааттан аллара суулунна. Сиргэ тиийиэр диэри ыстанан тиийэн, хабан ыллым. Куоскам ньааҕынаан бөҕө, туттарымаары. Мөхсөрө күүhэ диэн! Нэhиилэ хам тутан, оройго иккитэ-хаста сутуруктаатым. Уҥан налыс гынна. Тута чороччу кэлгийэн, манаагыбар сүгэн аҕаллым. Туох ааттаах бѳдөҥѳ эбитэ буолла, ыт саҕа дии! Бу, тутан ыларбар сонум сиэҕин тыҥыраҕынан хайа тардан кэбистэ эбээт!
Дьоно, сон тырыттыбыт сиэҕэр кыhаммакка, таhырдьа ойбуттар. Тахсан көөртөрө, арай, доҕоор, көхөҕө аарыма бэдэр хороччу кэлгиллэн баран, көрөн чоҕулуҥната олорор эбит эбээт! Көхсүн иhэ кырдьыгынас, кулгааҕын түүтэ хороҥнос.
– Нохоо, бу куоска буолбатах! Үүс диэн кыыл. Атыннык бэдэр дииллэр. Сүрдээх күүстээх. Хайдах кини эйиэхэ туттарбыта бэрдэй! – Соппуруон сөҕөн, чыпчырынан эрэ кэбиспит.
– Тыый, бэдэр диэн бу баҕайы дуо-а?! – уоллара соhуйбут. – Оттон мин туох улахан мааскатай, хата, дьиэбэр илдьэн ииттиэм, хонууга күтэри туттарыам диэн тутан аҕаллым дии!
…Ити кыhын Байбал ийэтэ бэдэр бэргэhэлэммит. Оттон Соппуруон уолугар тыаҕа эһэттэн, бѳрѳттѳн ураты атын сиэмэх кыыллар баалларын туhунан кэпсиир буолбут. Буолумуна даҕаны, аны сиэгэни көрөн, бэйдиэ сылдьар ыт диэн, бэдэри куоска диэн туппутугар дылы, тута сатыаҕа дии.
Эhэм туhунан итинтэн ураты араас кэпсээн Сыымахха элбэх. “Били, Бѳҕѳ Байбал үүhү тутан киирбит дьылыгар” эбэтэр “Байбал бѳдѳҥ тааhы тыаҕа таhаарбыт сыла этэ” диэн кэм-кэрдии бэлиэлэрэ дэлэҕэ үөскүөхтэрэ дуо?
Бөдөҥ, сүүрбэччэ бууттаах сымара таас Боппуоктар ходуhаларын кытыытыгар өрдөөҕүттэн сыппыта үhү. Биир буут 16 киилэ, ону 20 төгүл ыллахха 320 киилэ буолар. Ядрихинскай Ньукулай диэн Фрунзеттан (оччолорго Нам оройуонун нэhилиэгэ) кэлэ сылдьыбыт сэниэлээх киhи сэрии иннинэ ол тааhы кэрии диэки, түhэҕэр көтөҕөн, уонча хаамыыны сыҕарыппыта кэпсээҥҥэ сылдьыбыт.
Харчы уларыйарын эргин, ол аата 1948 сыл иннэ-кэннэ, аармыйаҕа сотору ыҥырыллыахтаах, оту-маһы тардан кѳрѳ сылдьар Байбал ол тааска холоммут. Көтөҕөн илдьэн кэриигэ уурбут. Ол аата отучча миэтэрэҕэ илдьибит. «Ядрихинскай рекорда» куоhарыллан, сыымахтар “биhиги да кыахтаах уоллаах эбиппит” дэспиттэр, үөрбүттэр.
“Тутарга соччо табыгаһа суох этэ. Бэркэ мындырдаан, эргитэн баран, эрэйинэн кѳтѳхпүтүм”, – диэн кэлин аллар атаһа Мѳлѳкүүрэп Миитэрэйгэ кэпсээбитэ үһү.
Эhэм сүрдээх дьээбэлээх, оонньуулаах буолааччы. Мин оҕо эрдэхпинэ тугу эмэ дьээбэрдэхпинэ, мэниктээтэхпинэ, кырдьаҕастар: «Ити эhэтин хаана оонньуур», – дэhээччилэр.