Аныгы кэм үөрэнээччитэ, киинтэн төһө ыраах олороруттан тутулуга суох, төһө кыалларынан барытын билэ-көрө сатыахтаах. Олоҕу көрүүтэ, анаарыыта бэйэтин кэмигэр сөп түбэһиэхтээх. Толкуйдаан, тобулан, араас өттүнэн сайдан, бэйэтин инники олоҕун оҥостуохтаах. Оннук оҕонон биһиги Кэбээйи орто оскуолатын 11 кылаас үөрнээччитин Егор Даниловы ааттыыбыт.
Егор алын кылаастан туйгун сыанаҕа үөрэнэр, барыга бары көхтөөх, туохтан да толлон турбат үөрэнээччи быһыытынан сыаналанар. Ол курдук, орто сүһүөх кылаастан, математика, естественнэй предметтэр, саха тылын уонна литературатын өйү тургутар олимпиадаларыгар сылы көтүппэккэ кыттар, миэстэлэһэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы», «Интеллектуальный потенциал молодежи – селу XXI века», «Ксенофонтовские чтения» НПК хас да төгүллээх призердара.
Үөрэҕи таһынан улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ чэпчэки атлетикаҕа эмиэ утумнаахтык дьарыктанар. Араас күрэхтэһиилэргэ эмиэ кэккэ ситиһиилэрдээх.
Маны таһынан, улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Уолан» ааҕыыларын хас да төгүллээх призёрдара, кыттыылааҕа.
Быйыл Кэбээйи улууһугар «Сыл бастыҥ үөрэнээччитэ» күрэххэ кыайан, өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ ситиһиилээхтик кытынна.
Онон Егор бэйэ туһаайыылаах, бэйэни салайыныы, билии-көрүү уонна бодоруһуу сатабыллара толору сайдыбыттар диэххэ сөп.
Егор — бииргэ үөрэнэр оҕолор, учууталлар уонна төрөппүттэр киэн туттуулара, холобурдара буолар.
«Дьоҕур» пресс-центр, Кэбээйи орто оскуолата.