Орто Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл бөһүөлэгэр кулууп иһинэн тэриллэн үлэлиир «Аргыс» драматическай түмсүү ахсынньы 17 күнүгэр Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 130 сааһыгар уонна «Аргыс» драмтүмсүүбүт 25 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан «Хачыгыр» кэпсээни туруорда.
Бу саха литературатын классикатыгар киирбит айымньы ханнык да кэмҥэ ааҕааччыны уйадыппыта, аһыннарбыта, абатытан дууһатын аймаабыта саарбаҕа суох. Ама ким тулаайах оҕо ыар дьылҕатын, атаҕастанан айманарын, кыыллыы кырбанан өлөрүн ааҕаат умнан кэбиһиэй…
Кулууппут сыанатыгар бу айымньыны эдэр ыччаттарбыт олус итэҕэтиилээхтик оонньоон көрдөрдүлэр. Көрөөччүлэр биир тыынынан туруорууну көрдүбүт, сэҥээрдибит.
Туруорууга саамай кырачаан артыыс маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ Айсен Слепцов Чооруос оруолун оонньоото. Кини быстах оруолга да оонньоотор оруолун олус таба биэрдэ. Айсен эһэтэ сыанаттан түспэт артыыс этэ. Онон эһэтин утумнаан кини эмиэ артыыс буолууһу диэн көрөөччүлэр сыаналаатылар.
Оттон Айсен бэйэтэ оруолун олус сөбүлээбитин, сыанаҕа оонньуур диэн үчүгэй эбит диэн кэпсиир. Инникитин да ыҥырдахтарына кыттыан баҕалааҕын эттэ. Онон кырачаан артыыспытыгар саҥа суол арыллан сырдыкка кынаттаатын, бииртэн биир арылла илик арыйыыларга сирдээтин.
И. Ноговицына, Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.