Бэрдьигэстээххэ П.Д. Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ РФ Конституциятын күнүгэр медиа-уруоктары ыытта.
Россия үтүөлээх юриһа, судаарыстыбаннай тутул эйгэтигэр Максим Аммосов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Россия прокуратуратын бочуоттаах үлэһитэ, Россия үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, Государство куттал суох буолуутун Бочуоттаах сотруднига, Горнай улууһун, Атамай, Октябрьскай нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо Макар Макарович Яковлевка анаммыт киин бибилэтиэкэ иһинэн үлэлиир правовой иһитиннэрии киинэ бэлэмнээбит видеокиинэтин, слайдатын Бэрдьигэстээх оскуолаларыгар көрдөрдүлэр, кэпсээтилэр.
Макар Макарович СӨ Конституциятын төрүттэниитигэр үлэлэспит уопуттаах юрист. СӨ Конституциятын (Төрүт Сокуонун) бэлэмнээһиҥҥэ уонна чочуйууга сүрүннүүр докумуоннары ырытан оҥорууга уһулуччулаах кылаатын киллэрбитэ. 1992-1994 сс. СӨ Конституционнай суутун судьуйатынан үлэлээбитэ.
М.М. Яковлев РФ сүрүн докумуонугар барылларын үөрэтэр уонна сокуоннар итэҕэстэрин-быһаҕастарын туоратар туһугар этии киллэриигэ күүстээхтик үлэлэһэр, санаатын аһаҕастык тириэрдэр. Оҕолор киэн туттар биир дойдулаахтарын Макар Макарович үлэлээн ааспыт олоҕун, үлэтин өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа сайдыытыгар, сокуон, быраап өттүгэр дьоһун кылаатын киллэрбитин туһунан элбэҕи биллилэр, үөрэттилэр.
Айталина Санникова,
П.Д. Аввакумов аатынан киин бибилэтиэкэ бибилэтиэкэрэ.