Маҥан хаар аргыстаах, тоҥ былыт доҕуһуоллаах, чэбдик тымныы салгыннаах, өрө устар сүүрүктээх, Өлөөн эбэ үрдүк туонатыгар, табалаах хотугу кыраайга ахсынньы 5-8 күннэригэр “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһатын икки үлэһитэ кэтэһиилээх командировкаҕа баран кэллэ. Маны сэргэ, ахсынньыга хоту улуустары хабар сыалтан Орто Халыманы уонна Сааскылааҕы анаан-минээн оҕо бэчээтин таһаарыыларын сырдатар элбэх үлэни ыытыахтаах.
Өлөөн сирэ туундара, ойуурдаах туундара уонна соҕуруу өттө тайҕа. Кыһыҥҥы түүн дьүкээбил оонньуур, саас туундара сибэккилэрэ киһи сөҕүөн курдук кэрэтик көстөллөр. Манна Өлөөн уонна кини салааларын кытылларыгар айылҕа оҥорбут кэрэ сирдэрэ, таас киспэлэр бааллар: Киһи Таас, Эбиэн мас, Тиис Хайа, Мэрчимдэн, Сенькю. Былыр-былыргыттан дьон олорон ааспытын туоһулуур ытык сирдэрэ, суруктаах хайалара бааллар. Олохтоохтор таба иитиитэ, булт, балык курдук төрүт дьарыктарын илдьэ сылдьаллар. Маны таһынан, сир баайын хостуур промышленность баар. Алмаас хостууллар. 1959 сыллаахха Томтор Таас диэн сиргэ ниобий уонна тантал үөскээбит бөдөҥ сирдэрэ булуллубут.
Өлөөн өрүс олус уһун уонна киэҥ. Букочаан томтороот аттынан устар. Баһын диэки кыараҕас хочолоох, элбэх таас харгыллаах. Аллараа сүүрүгэр Кыстык хаптал хайалаах сири быһа охсон ааһар. Лаптевтар байҕалларыгар Өлөөн хомотугар түһэр. Элбэх балыктаах: уомул, муксун, бил, тууччах уонна тугунуок. Тугунуок балык олус таптаан үөскүүр сирэ. Ол да иһин буолуо, сыл ахсын тугунуок күнэ диэн үөрүүлээх бырааһынньыга ыытыллар эбит.
Өлөөн улууһа – эбэҥки национальнай статустаах, Саха сирин иэнинэн саамай улахан, киэҥ улуус буолар.
Командировка бастакы күннэриттэн түөрт хонуктаах “Кэскил” оҕо бэчээтин күннэрэ үлэлээн барда. Өлөөн улууһун үөрэҕин салалтата уонна Х.М. Николаев аатынан Өлөөн орто оскуолата бу тэрээһиҥҥэ улахан көмөнү оҥордулар.
Саҥа сылы хайдах көрсөбүт? Оҕолорбутугар тугу бэлэхтиибит?
Тэрээһин маҥнайгы хардыылара “Подари подписку детям” диэн аахсыйаттан саҕаланна. Тэрилтэ салайааччылара, учууталлара элбэх оҕолоох ыал оҕолоругар “Кэскил” оҕо бэчээтин таһаарыыларыгар сурутуу оҥорон бэлэхтээтилэр. Саҥа сылга ый ахсын «Колокольчик», «Чуораанчык», «Юность Севера:Arctic ideas», «Бэлэм буол» сурунааллар, «Кэскил» хаһыат дьиэлэригэр күндү ыалдьыт, бэлэх буолан киириэ. Оҕолору үөрдүө, саҥалыы санааны киллэриэ, саҥа сылга сүрдээх үчүгэй бэлэх буолуо.
Ураты бырайыактар
“Кэскил” оҕо бэчээтэ тиийбит сүрүн сыала саҥа бырайыактарын сырдатыы. “Чуораанчык алта дьарыга” тиэмэнэн “Кэнчээри” уонна Харыйалаах нэһилиэгин оскуола-саадын иитээччилэригэр семинар ыытылынна. Иитээччи методическай сүбэлэри үлэтигэр хайдах туһанарын, үлэлэһэрин биллэ. “Кэнчээри” оҕо саадын иитээччитэ Екатерина Павловна Степанова “Чуораанчык” сурунаал сэтинньи ыйынааҕы нүөмэрин хайдах туһанар уопутун аһаҕас дьарыга буолла. Сурунаалга бэчээттэммит матырыйаалларга олоҕуран оонньуурдары, остуоруйаҕа мультфильм оҥорбута сөхтөрдө. Ол аата кырдьык, сурунаал иитээччи үлэтигэр тирэх буолар эбит диэн өссө биирдэ итэҕэйдибит.
Оскуола учууталлара, улахан кылаас оҕолоро, нэһилиэк салалтатын үлэһиттэрэ “Мин дойдум инники дылҕата” диэн форсайт-сессияҕа кытыннылар. Дойдуларын инникитин ырыттылар, торумнаатылар. Саҥа туох хайысханы сайыннаран сайдыы суолун тобулары толкуйдаатылар.
Оҕолорго “Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа” быыстапка, “Кэлэр кэм редакцията” диэн оруолларынан оонньуу, “Төрүччү” сторителлинг семинар олус көхтөөхтүк уонна сэргэхтик ааста.
“Кэскил” оҕо бэчээтин директора Ольга Ивановна Семенова “Саас” диэн саҥа, сонун бырайыагы тиэрдэр улахан миссиятын сырдатта. Дьон олус сэҥээрдэ уонна соһуйда. Учууталларга, оҕолорго анаммыт сыһыары киэҥ биһирэбили ылыа дуо? Сатаныа дуо? диэн мунаарыы-толкуйдатыы да баар буолан ылла. Ол эрэн, бу бырайыак номнуо үлэтэ бара турарын, медиа оскуола арыллан 40 оскуола бырайыак иһинэн хабан үлэлии-хамсыы сылдьалларын бигэргэттэ. “Эһиги эмиэ ылсан кыттыһын, хаалан хаалыаххыт”, — диэн санаатын эттэ, бииргэ үлэлииргэ ыҥырда.
Чуораанчык ааҕааччылара
“Чуораанчык” сурунаал куруук сурунаалларыгар бэчээттэнэр ааптардарын сибээскэ тута сылдьар. Ол курдук, Өлөөн оскуолатын үөрэнээччитэ Сайаана Соломонова эбэҥкилии алфавита хартыынан бэчээттэнэн турар. Салайааччыта Туяна Николаевна Прокопьева. Нэһилиэк библиотекатыгар ааптары кытта олус сэргэх көрсүһүү буолла. Кэлбит ыалдьыттар Сайаана тирэхтээх үлэни үйэтиппитин көрөн астыннылар, махтаннылар.
Инники кэскил олуктара
Быйыл 2022 сыл ааҕыы сылынан биллэриллибитэ. Ол иһин, ааҕыы үлэтигэр араас хабааннаах элбэх үлэ ыытылынна. Өлөөн улууһун олохтоохторо оҕо аахпат буолуута үксээтэ, аныгылыы хайысха наада этэ диэн тус санааларын, толкуйдарын этиннэ. “Кэскил“ оҕо бэчээтэ урукку халыыбыттан тосту уларыйбытын сэргээтилэр. Кумааҕынан эрэ буолбакка интернет ситимин, сыыппара эйгэтин нөҥүө үлэтэ күүскэ сайдан эрэрин биһирээтэ. Саҥа бырайыактар нөҥүө оҕо ааҕыыта, үөрэххэ тардыһыыта күүһүрүө диэн эрэллэрэ күүһүрдэ.
Бу курдук, ыраах Өлөөн дьоно-сэргэтэ, хоту дойду эрчимэ, күүстээх санаата саҥа аартыктары, үгүс умнуллубат түгэннэри, хас биирдии киһини толкуйдатар соруктары үөскэттэ, иннибит диэки хардыылыырга, аартыктарбыт аанын арыйарга кыым сахта.
Нюргуяна Захарова
1
Наьаа да учугэй дойду, сылдьыахпын ба5ардыыым, маладьыас ар!