Ахсынньы 9 күнүгэр Күүкэй оскуолатын кэлэктиибэ тэрийиитинэн «Төрөөбүт тылы сайыннарыыга куолаан ньыманы туттуу” диэн тиэмэлээх саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталларыгар сэминээр ыытылынна. Сэминээргэ Сунтаар улууһун 11 оскуолатыттан 33 учуутал кэлэн кыттыыны ылла.
Сэминээр сыала: үөрэнээччигэ төрөөбүт тылы иҥэриигэ, үөрэтиигэ оскуоланан куолаан, саҥа ньымалар уопутун туттуу, тарҕатыы, атастаһыы.
Күүкэй оскуолатын учууталлара төрөөбүт тылы сайыннарыыга оскуолаҕа куолаан туох үлэ барарын кэпсээтилэр. Ол курдук, саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Ангелина Петровна Евсеева дьоҕурдаах оҕолору кытта хайдах үлэ барарын билиһиннэрдэ, араас таһымнаах олимпиадалар, ыраахтан олорон үөрэнии кэмигэр оҕону төрөөбүт тыл умсулҕаныгар уһуйууга куйаар ситимин туһаныы, “Саха этигэн тыла” өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар, суруйар дьоҕурун сайыннарар сайт тустарынан бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ. Оскуола соцпедагога Сардана Львовна төрөөбүт тылы иҥэриигэ оҕоҕо кыра сааһыттан төрөппүт улахан оруоллааҕын эттэ. Хас биирдии оҕо ситиһиитэ учуутал төрөппүтү кытта ыкса сибээһигэр кситэнэ сытарын быһаарда.
11-с кыл үөрэнээччитэ Анжелика Егорова бэртээхэй маастар-кылаас биэрдэ. Ырытыы араастарын, олимпиадаларга хайдах бэлэмнэнэр үчүгэйин көрдөрбүтүн учууталлар астыннылар. Бэйэтэ оҥостубут таблицаларын тарҕаталаан, көрдөрдө. Ырытыыны олимпиадаҕа хайдах ирдииллэрин эҥин сырдатта. бэйэ бэйэлэригэр сүбэ-ама бэрсэн, бэйэлэрин опыттарын тарҕатан, санаа атастаһан, инникитин төрөөбүт тылы сайыннарыыга күргүөмнээхтик үлэлииргэ сыал-сорук туруорунан бардылар.
Оскуола иһинэн үлэлиир «Кустук» пресс-киин үлэтин салайааччы Олимпиада Андреевна Федорова кэпсээтэ. Ыйга иккитэ хаһыат таһаараллар эбит. Хаһыат сүрүн сыаллара: оскуола үлэтин-хамнаһын киэҥ эйгэҕэ (нэһилиэнньэҕэ, улууска, республикаҕа) сырдатыы, үөрэнээччилэр айар дьоҕурдарын сайыннарыы, ааҕыыга интэриэһи үөскэтии. Пресс-киин үлэтэ оҕоҕо төрөөбүт тылы иҥэриигэ улахан суолталааҕа бэлиэтэннэ.
Оскуола бибилэтиэкэрэ Ксения Егоровна Саввинова бибилэтиэкэ оҕо тылын саппааһын байытыыга оруола улаханын, ол туһугар үлүгэрдээх үлэ барарын көрдөрдө.
Ираида Михайловна Герасимова Саха тылын, литэрэтиирэтин уонна култууратын учууталларын II сийиэһин туһунан кэпсээтэ.
Алын кылаас учууталларын холбоһуга “Арылы кустук” диэн тохтобулларынан айан-оонньууну презентациялаата.
Сааскылаана Альбертовна Ильина «Олоҥхо кэскилэ ыччакка» диэн теманан «Олоҥхо дойдутун оҕотобун» сайыҥҥы лааҕыр үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ. Бу лааҕыр тэриллибитэ номнуо 17 сыл буолбут эбит.
Төгүрүк остуолга учууталлар бэйэ бэйэлэригэр сүбэ-ама бэрсэн, бэйэлэрин уопуттарын тарҕатан, санаа атастаһан, инникитин төрөөбүт тылы сайыннарыыга күргүөмнээхтик үлэлииргэ сыал-сорук туруорунан бардылар. Бордоҥ оскуолатын учуутала Сусанна Николаевна Павлова “Ситиһии суолун тобулан…” диэн осуолалаларын 90 сылыгар таһаарбыт кинигэлэрин бэлэх уунна. Онтон Элгээйи оскуолатын учуутала Павлова Людмила Николаевна анал байыаннай операцияҕа сылдьар дьоммут оҕолоругар “Кэскил” хаһыаты сурунарга тыл көтөҕөн биир санааны ылынан, ааҕыы сылыгар бэртээхэй бэлэх буолла.
Манна даҕатан эттэххэ, Сунтаар улууһун аҕа баһылыга Григорьев А.В. 2023 сылы Төрөөбүт тыл сылынан биллэрдэ.
Сэминээр кыттыылаахтарыгар билигин сытыытык турар маннык боппуруоһу ыйыттыбыт: «Билигин тыа сирин оҕолоро аһара нууччалыы саҥарар буоллулар, эһиги оскуолаҕытыгар ити кыһалҕаны туоратарга туох үлэни ыытаҕытый?».
Анна Алексеева, Сунтаар 3-с нүөмэрдээх оскуолатын учуутала: – Саха култууратын билиһиннэрэбит, саха үгэһин толоробут уонна сахалыы тыл баайын иҥэрэбит. Сыл аайы төрөөбүт тылбытыгар аналлаах араас оонньуулар, кэпсэтиилэр ыытыллаллар. Холобур, Олоҥхо уонна Хомус күннэригэр.
Варвара Егорова, Илимниир ситэтэ суох орто оскуолатын алын кылааһын учуутала: – Онтон тэрээһиннэри үксүн сахалыы тылынан ыыта сатыыбыт уонна оҕолору элбэхтик сахалыы кинигэлэри ааҕарга ыҥырабыт. Мин кылааспар 4 оҕо үөрэнэриттэн 2 оҕо нууччалыы саҥарар. Нууччалыы кылааска үөрэммит буоланнар, ааҕары ыарырҕаталлар, ол иһин эбии дьарыктары ыытабын уонна кинилэр кыахтарынан көрөн саха тылын олимпиадаларыгар кытыннарабын.
Елена Архангельская, Кутана орто оскуолатын учуутала: – Биһиги үксүн 3 хайысханан үлэлиибит. Бэйэбит оскуолабытыгар «Тыл холбоһуга» диэн ааҕыы бырайыагын ылынаммыт, онно грант олохтообуппут. Саха классик суруйааччыларын айымньыларын саас испииһэктээн оҕолорго биэрбиппит. Ол айымньыларынан экзамен курдук оҥоробут. Элбэх сөптөөх эппиэти суруйбут оҕо кыайыылаах буолар. Ону таһынан, Мария Павловна Афанасьева салайыытынан кылааһынан олоҥхо толоруута буолар. Уонна араас хайысхалаах тэрээһиннэр, викториналар, олимпиадалар ыытыллаллар.
Сусанна Павлова, Бордоҥ орто оскуолатын учуутала: – Билигин уһуйаантан саҕалаан барыта нууччалыы тылынан барда, ол иһин биһиги оскуолабытыгар араас тэрээһиннэри төһө кыалларынан сахалыы тылынан ыыта сатыыбыт. Түмэлгэ оҕолору гид быһыытынан үлэлэтэн, сахалыы саҥарарга-иҥэрэргэ үөрэтэбит. Оччоҕо кинилэр кэпсиир дьоҕурдара, тыллара-өстөрө сайдар. Ону таһынан өбүгэ оонньууларынан дьарыктаныы оҕолор өйдөрүн-санааларын сааһылыыр.
Мария Кондратьева, СПТЛ-И учуутала: – Кырдьык, билигин оҕолор нууччалыы саҥараллара элбээтэ. Биллэн турар, онно төрөппүтү кытта өйдөтөр үлэ барыахтаах, оччоҕуна оҕо ханнык тылы таларын билэр буолар. Билиҥҥи сокуону ылан көрдөххө, төрөппүт быраап, оҕото ханнык тылы таларын быһаарар диэн. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөөбүт тылын иҥэриммит буолуохтаах. Ол иһин оскуола сахалыы тыыны иитиигэ улахан оруолу оонньуур. Холобур, төрүт култуураны үөрэтии, ыйдарынан туомнары толорон ыытыы оҕо бэйэтин омугун билэригэр көмөлөһөр. Ону таһынан оҕо тулалыыр эйгэтэ сахалыы тылынан буолуохтаах.
Любовь Титова, Түбэй-Дьаархан орто оскуолатын учуутала: – Элбэхтик ааҕыҥ, сахалыы сурунааллары, биэриилэри көрүҥ дии сатыыбыт. Олунньуга тыл күнүгэр араас тэрээһиннэри, оонньуулары ыытабыт уонна уруоктарга оҕолор интэриэстэрин көҕүтээри туһалаах матырыйааллары кыбыта сатыыбыт.
Анжелика Егорова, Ньургуйаана Сидорова
“Кустук” пресс-киин, Күүкэй, Сунтаар.