Оҕолорго аналлаах литэрэтиирэ тирэҕэ Саха норуотун баай уус-уран айымньыта буолар, саҥа үөскээн эрдэҕинэ, ааҕыы түгүрүмтэтэ букубаарга, хрестоматияҕа, ааҕарга анаммыт кинигэлэргэ эрэ баар айымньылартан турбут. 1934 сыллаахха Саха сирин Суруйааччыларын союһун бастакы конференцията буолбута. Бу конференция ыйааҕынан, олохтоох кинигэ издательствотыгар оҕо литературатын отдела аһыллыбыта. 30-с сыллар бүтүүлэригэр Саха сирин бастакы оҕо Суруйааччыларын ааттарын сүкпүттэрэ: Вера Дмитриевна Давыдова, Калисфена Ивановна Платонова, Николай Кирикович Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап и Анна Денисовна Неустроева.
Араас дойдулар литератураларын уонна кэмнэрин, суруйааччылар айымньыларын тэҥнээн үөрэтии, кинилэр хардарыта сибээстэрин олохтооһун литературоведческай чинчийии биир саамай тутаах ньыматынан буолар. Маарыннаһар өрүттэрдээх айымньылары холоон көрөн айымньы ис хоһоонун, проблематын, жаанырын эбэтэр стилистиическэй характерын түмэр, ону кытары хас биирдии айымньыны дириҥэтэн, тута хас даҕаны өттүттэн көрдөрөр.
«Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» Суорун Омоллоон оҥоруутугар икки версиянан суруллубут эбит: кэпсээн уонна хоһоон жаанырынан. Биһиги хоһоонунан суруллубутун ырыттыбыт, тоҕо диэтэр Чаҕылҕан «Туллуктай» айымньыта эмиэ хоһоон жаанырынан суруллубут. Саха фольклоругар баар остуоруйалары сүнньүнэн үс суолга араараллар уонна эбиитин ис номохторуттан, кинилэр туттар ньымаларыттан көрөн үс суолга наардыыллар. Итини болҕомтоҕо ылан, түмүккэ кэлэбит: бу икки айымньы Саха бэйэтин остуоруйаларыгар уонна дьиктилээх-алыптаах остуоруйаларга киирсэллэр.
Суорун Омоллоон оҥоруутугар «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» 1944 сыллаа5ы кинигэ таһаарыытыгар буолар буолла5ына, Чаҕылҕан «Туллуктай» айымньы 1938 сыллаахха суруллубут.
Биһиги икки айымньы сюжеттарын, геройдар ахсааннарын, сүрүн геройдар ааттарын, кээмэйин, ону кытары ааптардар суруйар уратыларын тэҥнээн ырыттыбыт.
Норуот остуоруйата Суорун Омоллоон оҥоруутугар айымньы 178 этииттэн турар буоллаҕына, Чаҕылҕан айымньыта 87 этиилээх. Геройдар ахсааннарынан көрдөххө, Суорун Омоллоон 16 геройдаах, онтон Чаҕылҕан 11. «Туллуктай» айымньы кээмэйинэн кыра, суруйуутугар уустук соҕус тыллардаах. Суорун Омоллоон айымньытыгар геройдар хамсаныыларын ойуулааһына элбэх буоллаҕына, Чаҕылҕан киэнэ герой таһыгар, герой туһунан элбэх ойуулааһыннаах. Биһиги икки айымньы геройдар ааттарын тэҥнээн көрдүбүт уонна үксүгэр майгыннаһаллар диэн түмүккэ киирдибит.
Чаҕылҕан айымньытыгар бастакы этиитигэр «бээгэй» диэн тылы туттубут, «бээгэй» диэн тугун билээри, тылдьыкка көрдүм, манык суолталаах эбит: БЭЭГЭЙ — коротконогий; низкорослый; коротышка;
Норуот остуруйатын Суорун Омоллоон оҥоруутугар «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» Чаҕылҕан «Туллуктай» айымньытын кытары сюжеттарын, композицияларын тэҥнээн көрдүбүт, алта майгыннаспат өрүтү буллубут. Холобурдар:
«Туллуктай» айымньыга Бэйбэрикээн эмээхсин оту «түптэ кулун оннугар» булан ылар буоллаҕына, «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» айымньыга Бэйбэрикээн эмээхсин «Алаас сыһыытын // Хаба ортотунан // Хааман истэҕинэ» булан ылар. Ону кытары бастыкы айымньыга ото хамсаабыт буоллаҕына: «түптэ кулун оннугар // Туох эрэ хамсаабыта..», иккиһигэр – суох.
Бэйбэрикээн эмээхсин оту булан ылбытын кэннэ, икки айымньы салҕыыта эмиэ араастык суруллубуттар, «Туллуктай» айымньыга Бэйбэрикээн эмээхсин: «Эмээхсин туура тардан, // Эриҥэҕин хоонньугар // Ылан уктан кэбиһээт,.. Бэттиэмэтин киллэрэн // Бэриинэтин үрдүгэр // Биэс салаатын бэрийэн // Бииргэ ууран кэбиспит.» буолаҕына, «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» айымньыга: «Адьаһын диэн // Алдьаппакка эрэ, // Сэрэнэн-сэрэнэн, // Түһэхтээн олорон // Түөрэн ылбыт, // Сүрэҕэр сыһыарбыт, // Тыыныгар ириэрбит // Дьиэтигэр аҕалбыт; Суорҕаныгар суулаабыт, // Сыттыгар кыбыппыт». Манна биир түгэни араастык көрдөрбүттэр.
Норуот остуоруйатыгар Суорун Омоллоон оҥоруутугар Бэйбэрикээн эмээхсин ынаҕын ыы олордоҕуна иккитэ «Хобо чуораан хоҥкунаабыт, // Кыптыый тыаһа // Кыҥкынаабыт», дьиэтигэр киирэн тугу да булбат, иккиһигэр дьиэтин хаҥас өттүгэр « Түктэри бэйэлээх үчүгэй // Кыыс оҕо олорор эбит». Онтон «Туллуктай» айымньыга бастаан «Хобо тыаһа хоҥкунаата, // Кыптыый тыаһа кылырдаата // Ньирэй оҕо саҥата // Ньиккирэччи ытаата» , иккиһигэр эмиэ оҕо ытыырын истэр даҕаны, эмиэ тугу да булбат, үсүһүгэр эһээхэй оҕону булан ылар. Эһээхэйэ : «Күндү айыы оҕото..». Эһээхэй сылынан улааппахха, күнүнэн улаатар эбит. Манна үс түгэн уратылаах: суруйуута; эмээхсин дьиэҕэ сүүрэн кэлэр ахсаана; бастыкы айымньыга тута кыыһы булан ылар буоллаҕына, иккиһигэр эһээхэй оҕону булан ылар.
«Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаҕа Харахсын-Бэргэн Айыы кыыһын көрөн баран тута аҕатын көрдөһө барар, кэргэн ылаары. «Туллуктай» остуоруйаҕа Харалай Бэргэн дьиэтигэр тиийэн тугу да саҥарбат, аһаабат, испэт буолар, дьонун аймыыр. Онуоха аҕата туох наадатын этэрин көрдөспүтүгэр, барытын толоруом диэбитигэр: « — Оҕом туохха баҕараҕын? // Ону барытын оҥоруом, // Туохтан бу айылаах буоллуҥ, // Тоойуом, этиий да?..» биирдэ баҕатын эппит.
Норуот остуоруйатыгар Харахсын-Бэргэн Айыы Кыыһын кийииттии илдьэ баран истэҕинэ суол аҥарыгар кыыһын сирдээн баран саһыл уйатын көрө барар буолллаҕына, Чаҕылҕан айымньытыгар аллараа дойдуга тиийэн хаалаллар, ону эр киһитэ Туллуктайы хаалларан куотан хаалар.
Чаҕылҕан айымньытыгар Туллуктай ата — Айыы дьөһөгөй оҕото бэйэтэ кистээн киһилии туох буолбутун кэпсээн киирбит буоллаҕына, норуот остуоруйатыгар Хотун иччи ат буолан саҥаран эмиэ туох буолбутун кэпсээн биэрбит, эбиитин хайдах Харахсын-Бэргэни этигэр-хааныгар иҥмит үөнтэн-көйүүртэн хайдах ыраастыырга эппит.
Маны кытары айымньылар кыра уратылаахтар, холобура Суорун Омоллоон оҥоруутугар айымньыга Дохсун дьоно кыыһы көрөөт уҥан түһэллэр, онтон Чаҕылҕан айымньытыгар – суох. Бастакы айымньыга Бэйбэрикээн эмээхсин кыыһа кэргэн тахсарыгар тута сөбүлэспит буоллаҕына, иккис айымньыга – суох. Өссө холобур курдук, норуот остуоруйатыгарАйыы Кыыһыгар сөптөөх суолу Эрэ этэн биэрбит буоллаҕына, «Туллуктай» айымньыга — эмээхсин.
Түмүктээн эттэххэ, айымньы үксүн ис хоһооно хаалбыт, кыра авторскай уларытыылардаах: сюжетыгар уонна композициятыгар, дьон ахсааныгар уонна геройдар ааттарыгар, уонна биллэн турар суруйар стиллэригэр.
Литэрэтиирэ:
Винокуров. А.И, Сабарайкина Л.М. Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээн, тылбаас: Орто саастаах оскуола оҕолоругар / Чаҕылҕан. — Дьокуускай: Бичик, 2004. — 136 с.
Посельская В. Д. Поэтическая сказка И.Д.Винокурова – Чаҕылҕана «Туллуктай»: Особенности интерпретации фольклорных традиций / В.Д.Посельская // Международный научно-исследовательский журнал. — 2021. — №12 (114) Часть 5.
Саха остуоруйатын Суорун Омоллоон оҥоруутугар, . М. Туралысов худож. Ойуулара. Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин : [орто саастаах оҕолорго]: Якутскай : САССР Госиздата, 1944. — 41, [1] с.
Билим салайааччыта — Егорова С.И., бил.б.х., саха литэрэтиирэтин учуутала.
Е.А. Алексеева, Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлиннэй үнүбэрсэтиэт
АБ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын үнүстүүтэ,
Саха литэрэтиирэтин хаапыдарата.