В.Н. Оконешников аатынан Павловскай орто оскуолатыгар “Кэрэли” эбии үөрэхтээһин киинин педагогтара, айар дьоҕурдаах оҕолору үҥкүүгэ, маһы оһуордаан оҥорууга, артыыс идэтигэр уонна да атын сатабылга үөрэтэллэр, талааннарын сайыннараллар. Олортон биирдэстэрэ эдэр, кэскиллээх педагог Наталья Николаевна Оконешникова «Юный турист» уонна «Ай-Туой» куруһуок үлэтин, үөрэнээччилэр ситиһиилэрин сырдатта. Оҕо саһан сыппыт талаанын хайдах арыйыахха сөбүн сиһилии кэпсээтэ.
— Маҥнай билсиһии сиэринэн бэйэн тускунан ааҕааччыларга сэһэргээ.
— Мин эбии үөрэхтээһин педагога буолабын, «Юный турист» уонна «Ай-Туой» куруһуок салайааччытабын. Хорообут нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, ийэм Жиркова Мария Петровна, аҕам Жирков Николай Васильевич. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сөбүлээн дьарыктаммыт дьарыктарбын идэ оҥостон үлэлии-хамныы сылдьабын, тус олохпор туттабын, туһанабын.
— Оҕолору кытта улэҕэ хайдах кэлбиккиний? Туох санааттан сиэттэрэн ылсыбыккыный?
— Кыра эрдэхпиттэн бырааттаах балтыбын үөрэтэрбин сөбүлүүр этим. Дьиэм таһыгар ыаллыы олорор оҕолору муһан «Полоса препятствий» оҥороммун, сүүрдэн дьарыктыыр этим. Аан маҥнай туризм куруһуогар 4 кылааска сылдьыбытым (салайааччым Игнатьев Афанасий Егорович, билигин да ситиһиилээхтик улэлии сылдьар). Онтон оскуолабын бүтэрэн Намнааҕы педагогическай колледжка үөрэммитим. Билигин «Юный турист» куруһуокпар – 30 оҕону, «Ай-Туой» куруһуокпар – 17 оҕону сөбүлээн дьарыктыыбын.
— Чопчу ылсыбыт хайысхаҕар оҕолору дьарыктыыр хайдаҕый? Оҕолор өттүлэриттэн төһө интэриэс баарый?
— Оҕолор миигин көрөн «Наталья Николаевна» диэн ыраахтан сүүрэн кэллэхтэринэ, наһаа үөрэбин уонна идэбин сөпкө талбыппын диэн сананабын. Аныгы оҕо аныгылыыы көрүүлээх, ол эрэн киниэхэ сөптөөх ньыма булан таба тайаннахха оҕо арыллар, куруһуокка интэриэһэ улаатар. Күрэхтэргэ сылдьан сайдаллар, бэйэлэрин сыаналыы, атын өттүттэн көрө үөрэнэллэр, өссө күүһүрэр.
«Үөрэнээччи ситиһиитэ — учуутал ситиһиитэ» диэн мээнэҕэ эппэттэр.
— Уһуйуллааччыларын туох ситиһиилэрдээхтэрий?
— Араас таһымнаах күрэхтэргэ, научнай-практическай конференцияларга, быыстапкаларга кыахпытынан кыттабыт, ситиһиилэрдээхпит. Ол курдук, «Юный турист» куруһуокпар республиканскай спортивнай ориентирование, спортивнай туризм курэхтэргэ Васильев Саша, Петрова Нарыйа, Васильева Уйгууна, Васильева Лиана, Катаев Айтал, Егоров Толя үрдүк ситиһиилэрдээхтэр. «Ай-Туой» куруһуокпар Всероссийскай НПК-аҕа, «Северное сияние» республиканскай выставка күрэҕэр, «Молодые профессионалы», «Оһуор мандар» выставкаҕа үрдүк ситиһиилээх иитиллээччилэрим — Колесова Айыына, Попова Сандаара, Романова Алина.
— Билиҥҥи оҕо потенциалын (талаанын, дьоҕурун, кыаҕын) хайдах арыйыахха сөбүй? Бэйэҥ тус көрүүҥ.
— Баҕалаах оҕону хайдах баҕар чочуйан таһаарыахха сөп дии саныыбын. Кини бу туой буор курдук, киниттэн тугу баҕар оҥорон таһаарыахха сөп. Манна оҕо, педагог, төрөппүт оруола күүстээх. Оҕо потенциалын арыйарга, аҕа саастаах коллегам Александра Андреевна Дмитриева «Үс муннук» диэн ньыматын сэҥээрэбин уонна олохпор тутта сатыыбын.
— Туризымынан хаһааҥҥыттан дьарыгыраҕын? Саамай өйгөр хатаммыт айаҥҥыт, күрэххит?
— Олох оҕо эрдэхпиттэн тыаҕа сылдьарбын сөбүлүүрүм. Мыраан анныгар олорбут буоламмыт, күнү быһа тыаҕа оонньуурум, аны атах сыгынньах мырааҥҥа дабайан тахсар этим да, атаҕым ыалдьарын өйдөөбөппүн. Эти-сиини тупсарыы ньымата буолар эбит диэн кэнники саныыбын. Оскуолаҕа сылдьан сатыы айаҥҥа туруммут походпут — саамай өйбөр хаалан хаалбыт түгэним буолар. Ыам ыйыгар “Суола үрэх баһыгар сытар дэриэбинэлэринэн” диэн ааттаах сатыы айаҥҥа туруммуппут. Амма Эмиһиттэн — Хорообукка дылы маршрутунан (Эмис, Алтан, Сатаҕай, Бүтэйдээх, Өлөчөй, Суола Моорук, Хорообут дэриэбинэлэри барытын ааһаҕын). Манна киһи быһыыта-майгыта, тулуура, хаачыстыбата дьэ, биллэр-көстөр эбит.
— Туойунан ылбычча киһи сатаан дьарыктаммат. Сэдэх дьарыкка хантан үөрэммиккиний?
— Туойунан дьарыкка эмискэ кэллим диэххэ сөп. Бэйэм үөрэхпинэн сыһыаннаах буоламмын ылыстым. Бастаан олох ыарырҕаппытым, туой кистэлэҥин өр көрдөөбүтүм уонна биир сайын дьаныһан туран үлэлэспитим. Айылҕа биэрбит матырыйаала – «тыыннаах» дииллэр күөсчүттэр (ред. туойунан айар-тутар дьону күөсчүттэр дииллэр). Туох эрэ санааҕа ыллаттаран, тугун эрэ табыллыбакка сырыттаҕына, оҥоһугун эмиэ табыллыбат эбит диэн санааҕа кэллим. Онтон оҕо санаата чэпчэки буолан, хайдах курдук ыллыы-туойа таптайан кэбиһэр, оннук курдук табыллан хаппырыыстаабакка буһар-хатар эбит. Ыл да оҥор диэн толкуйдууллар сорох дьон, ону дьэ, сүрэхтээх буоллаххына биирдэ ылсар эбиккин. Туойунан бэлэм маасса оҥорон таһаарага аҥардас төһөлөөх бириэмэ барара буолуой? Онтон дьэ, уруһуйдаан, сыбаан, таптайан, куурдан, буһаран таһаарааһына бэйэтэ остуоруйа.
— Үлэлэриҥ төһө элбэхтэрий? Быыстапкаларга кыттаҕын дуу?
— Наһаа элбэх буолбатах. Оҕону үөрэтэр буоламмын, бэйэбэр бириэмэ аттарбакка хаалабын. Ол эрэн, кэлин (сааһырдахпына) тугунан дьарыктанарбын билэбин диэххэ. Сылын аайы ыытыллар эстафета культуры и спорта быыстапкаҕа кыттыыны ылабын, кэнники икки сылларга – лауреат хаһаайына буолбутум уонна «Мэҥэ Уус» быыстапкатыгар эмиэ биһирэбил ылбытым.
— Баҕа санааҥ, инникигэ былааныҥ.
— Хаһан да саарбахтаамаҥ, инникигит диэки баран иһиҥ! Санаабыккытын ситиһиҥ, барытын кыайыаххыт, ситиһиэххит.
— Наталья Николаевнаҕа сэргэх кэпсэтииҥ иһин махтал! Дьон биһирэбилин, оҕо махталын ылан, үүнэ-сайда, айа-тута тур!
Кэпсэттэ Валерия Барабанова, XI кылаас үөрэнээччитэ, Павловскай.