«Добун» дьыалабыай оонньуу уолаттарга уонна аҕаларга ананан ыытыллар. Оонньуу уһулуччулаах политическай деятель, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы президенэ М.Е. Николаев 85 сааһын туолар үбүлүөйүгэр ананна. Оонньуу иннинэ оҕолор кылааска Михаил Николаев биографиятын, үлэтин, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр оҥорбут үтүөлэрин дириҥник билсибиттэрэ.
Добун оонньууну былааннаабыт директоры иитэр үлэҕэ солбуйааччы И.И. Ефимоваттан ыйыталастыбыт:
— Иванна Ивановна, бу «Добун» оонньуу сыала-соруга ханныктарый уонна ооннььуу хаамыытын туһунан, баһаалыста, билиһиннэр эрэ.
— «Добун» оонньуу дьыалабыай оонньуу буолар. Онон сыала-соруга онтон таҕыста:
- Уол о5ону сахалыы сиэр-майгы, өй-санаа өттүнэн сайыннарыы;
- Уол оҕо оруолун уопсастыбаҕа үрдэтии, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, билиһиннэрии;
- Түмэр, салайар дьоҕурдаах оҕолору үүннэрии;
- Оҕолорго бэйэ-бэйэлэригэр истиҥ доҕордуу сыһыаны үөскэтии;
- Төрөөбүт дойдуга үтүө сыһыаҥҥа, тапталга иитии.
Оонньуубут 5-11 кылааска диэри уолаттар уонна аҕалар өйдөрүн-санааларын, билиилэрин-көрүүлэрин тургутуу буолар. Кылаас 4 уолаттара уонна 2 аҕа хамаанда тэринэн аат талынан күрэххэ бэлэмнэннилэр. «Мохсоҕоллор» хамаанда 5 кылаас уолаттара – Алексеев Алан, Дмитриев Эрчим, Егоров Айсен, Матвеев Айхаан, аҕалар — Кычкин С.С., Шарин Ю.В.
«Гризли» хамаанда 6 кылаас уолаттара – Адамов Виктор, Григорьев Эрчим, Ларионов Ларион, Терентьев Аман, аҕалар — Васильев В.В., Ефремов И.И.
«Дьулуур» 7 кылаас уолаттара — Кычкин Ариан, Николаев Илья, Неустроев Вадим, Семенов Коля, аҕалар — Афанасьев Е.Е., Яковлев О.В.
«Арылхай ахсыстар» 8 кылаас уолаттара — Васильев Сарыал, Кузьмин Володя, Никифоров Слава, Назаров Владиан, аҕалар — Васильев Д.Н., Тордуин Е.Е.
«Кедр» хамаанда 9 кылаас уолаттара — Егоров Ваня, Гермогенов Айан, Максимов Айтал, Неустроев Стас, аҕалар — Максимов М.Д., Семенов Е.П.
«Манчаары сиэттэрэ» хамаанда 10-11 кылаас уолаттарын хомуур хамаандата — Афанасьев Павел, Павлов Юра, Мартынов Тит, Дьячковскай Айтал, аҕалар — Семенов В.А., Власов В.В.
Оонньуу дьүүллүүр сүбэтэ :
- Терентьев А.Е, Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоох дьаһалта баһылыгын солбуйааччыта, «Мохсоҕол» нэһилиэк эр дьонун түмсүүтүн салайааччыта.
- Зыков П.И, Хаптаҕай орто оскуолатын хайыһарга тренерэ.
- Дмитриев И.П., Аҕа сүбэтин бэрэссэдээтэлэ, Хаптаҕай орто оскуолатын физкультураҕа учуутала.
Оонньуу 4 түһүмэҕинэн барда, ол курдук, бэйэни билиһиннэрии, «Мин баһылык эбитим буоллар», «Айыы умсулҕана», «Өркөн өй».
Бэйэни билиһиннэрии түһүмэххэ хамаандалар бэйэлэрин билиһиннэрдилэр уонна эҕэрдэ нүөмэрдэри көрдөрдүлэр.
«Мин баһылык» эбитим буоллар түһүмэххэ, тиэмэлэринэн тус санааларын, билиҥҥи кэмҥэ тыҥаан турар боппуруостарга эппиэт биэрдилэр.
«Айыы умсулҕана» түһүмэххэ ханнык баҕарар тиэмэҕэ хоһоон айан холоннулар уонна доргуччу аахтылар.
«Өркөн өй» түһүмэх Президент Михаил Ефимович Николаев олоҕун, айар үлэтин, бэлиэ түгэннэрин билиигэ өйү тургутар блиц-ыйытыыга хоруйдаатылар.
Күрэх түмүгэр дьүүллүүр сүбэ уолаттар «Добун» оонньуу ис сыалын өйдөөн сөптөөхтүк бэлэмнэммиттэрин, түөрт тургутукка өйдөрүн, санааларын чуолкайдык, чопчу эппиэттэри биэрбиттэрин бэлиэтээтилэр. Маннык оонньууга уолаттар билбит билиилэрэ, өссө эбиллэн, билиигэ-көрүүгэ, дьулуурга, инники күөҥҥэ сылдьыылара үрдээн иһэригэр баҕардылар. Инникитин бу «Добун» оонньуу бырайыага сыллата ыытыллыах тустааҕын эттэ.
Күрэх түмүгүнэн «Добун» оонньуу Муҥутуур кыайыылааҕынан «Дьулуур» 7 кылаас хамаандата, 1 үктэллээх диплому «Кедр» 9 кылаас хамаандата, 2 үктэл диплому, «Арылхай ахсыстар» уонна «Манчаары сиэттэрэ» хомуур хамаанда, 3 үктэл диплому «Гризли» 6 кылаас уонна «Мохсоҕоллор» хамаандалара ыллылар. Уолаттар маннык билии-көрүү, тургутуу оонньууну сэргээтилэр.
Бу хамаанда актыыбынай кыттааччыта Илья Николаев маннык кэпсээтэ:
— Биһиги бу күрэххэ кыттарга бэлэмнэммиппит, ол курдук дьиэбитигэр «Төрөөбүт дойдуга таптал», «Сахабыт сирин айылҕатын харыстаа», «Мин төрөөбүт дойдум» диэн тиэмэлэргэ өйтөн суруйбйппут. Ону таһынан бастакы президент М.Е. Николаев олоҕун, үлэтин үөрэппиппит. Бу оонньууну мин сөбүлээтим. Ордук бэйэни билиһиннэрии түһүмэҕин, хоһоон айыытын уонна блиц-ыйытыыны ордордум. Маннык күрэххэ өссө да кыттыам этэ.
Дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлиy А.Е. Терентьевы кытары кэпсэттибит.
— Альберт Егорович, бу бырайыагы, күрэҕи туох дии санаатыгыт?
— Бу сүрдээх үчүгэй бырайыак дии санаатым. Оҕолор төрөөбүт дойдуларын историятын билэллэрэ наада. Дойдутун историятын билбэт киһи инникитэ суох диэн мээнэҕэ эппэттэр. Биһиги бастакы президеммыт Михаил Ефимович үлэтин-хамнаһын, дойдубутугар тугу оҥорбутун үөрэтэ-билэ сатаабыттар. Ол үчүгэй. Уол оҕону өрө тутан, киниэхэ эрэнэн, итэҕэйдэхпитинэ, инники сайдыыбытыгар туһалаах буолара саарбаҕа суох. Кини сайдарыгар, билиитэ-көрүүтэ кэҥииригэр, салайар дьоҕура сайдарыгар кыах биэриэххэ. Маннык күрэҕи салгыы ыытар наада дии саныыбын.
Онон «Добун» бырайыак оонньуута сыалын ситтэ уонна сөптөөҕүнэн ааҕылынна.
«Кустук» медиа-киин, Хаптаҕай орто оскуолата.