Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Саха сиригэр Хомус күнэ бэлиэтэнэр.
Саха хомуhун туhунан бастакы бэлиэтээhиннэр 19 үйэ аҥарыгар нуучча айанньыттарын, чинчийээччилэрин үлэлэригэр булуохха сөп. Историяҕа өҥөйөн көрдөххө, Н. Щукин, Р. Маак, академик Миддендорф, Иохельсон, В. Серошевскай, В. Трощанскай, Э.К. Пекарскай, И. Черскэй, В. Шкловскай этнографическай үлэлэригэр ахтыбыттар.
Ол курдук, Иван Алексеевич Худяков «Краткое описание Верхоянского округа…..» кылгас хомуурунньугар сахаларга мас уонна муос хомус баарын, хомуска элбэх буолан оонньооhун туhунан суруйбута. Онтон В.Л. Серошевскай «Якуты» монографиятыгар сахаларга кырыымпа, хомус баарын туһунан суруйан хаалларбыттар.
Хомус — музыкальнай инструмент. Бу саха эрэ норуотугар буолбакка, бары норуокка үгүстүк тарҕаммыт тэрил буолар. Ол эрээри, саха курдук, хомуһу өрө туппут омук суох. Саха хомуһа нарын-намчы, тыаһа ырааһынан, тыына уһунунан аан дойдуга аатырыан аатырар.
Хомус көстөр дьүһүнүнэн судургу курдук эрээри, музыката баай, киэҥ, дириҥ. Кинини ытыска бигии, уоска-тиискэ даҕайа тутулуннаҕына, тардааччы тыыныттан тыын ыллаҕына, киһи ис айылгытын арыйар ураты иэйиилээх музыканы үөдүтэр.
Саха төрүт музыкальнай инструмена туохха туһалааҕый? Оҕо тыына уһууругар, сайдарыгар, норуот аатын ааттатарыгар наадалаах. Өбүгэлэрбит түҥ былыргыттан бүөбэйдээн илдьэ кэлбит, куттарын-сүрдэрин туттарбыт инструменнара биһиэхэ сахаларга хахха-көмө буола туруохтун.
Оҕолоор, хомуһу таптааҥ, харыстааҥ, оонньооҥ!
Дуолан ПАВЛОВ, 6 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.
Видеоҕа: Кэбээйи орто оскуолатын 7 кылаас үөрэнээччилэрэ хомус туһунан хоһоонунан эҕэрдэлииллэр.