Баай Байанай ыйыгар булт тэриллэрин туһунан биһиэхэ Орто Халыма улууһун Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ билиһиннэрэллэр.
Туут хайыһар
Биһиги нэһилиэкпитигэр кыраайы үөрэтэр түмэл баар. Байанай ыйыгар анаан «Эдэр кэрэспэдьиэн» куруһуок оҕолоро салайааччыбытын кытта баран булт тэриллэрин көрдүбүт.
Түмэл биир хоһугар былыргы мал-сал, туттар тэриллэр бааллар. Онно биһиги мас хайыһары көрдүбүт. Бу хайыһар аата — туут хайыһар диэн эбит. Былыр техника суох кэмигэр тоҥуу хаарга булчуттар туут хайыһарынан сылдьан бултууллара. Маннык хайыһар билиҥҥи биһиги хайыһарбытынааҕар кэтит, атахха кэтиллэр быата тирииттэн оҥоһуллар эбит. Оттон саамай дьиктитэ – хайыһар аллара өттө тириинэн бүрүөһүннээх. Бу тирии хайыһар хаарга сыыдамнык иннин диэки сырылыырыгар аналлаах, оттон кэннинэн халыйбат. Тоҕо диэтэххэ, түү туормастыыр эбит.
Маннык хайыһары былыр өбүгэлэрбит бэйэлэрэ оҥостон сылдьыбыттарын туһунан кэпсээни истэн, олус да мындыр уонна уус дьоннор эбит дии санаатыбыт.
Эля Сухомясова, Люба Еремеева, 6 кылаас үөрэнээччилэрэ,
14 №дээх «Эдэр корреспондент» пост юнкора
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.
Уоһунан иитиллэр саа
Биһиги олохтоох түмэлбитигэр сылдьарбытын олус сөбүлүүбүт. Онно сырыы аайы саҥаттан саҥаны билэбит, көрөбүт.
Байанай ыйыгар анаан, булт тэриллэрин көрө тиийбиппит. Онно былыргы саалар баалларын биһирээтибит. Истиэнэ муҥунан араас саа ыйаммытыттан саамай былыргы саа уоһунан иитиллэр саа эбит. Маннык саанан ытарга буораҕы, доруобунньугу туспа илдьэ сылдьыахтаах эбиккин, ытарыҥ иннинэ саа уоһунан кэмнээн кутан ииттэҕин. Санаан көрдөххө, олус табыгаһа суох эбит. Хаһан ииттэ туруоххар дылы булдуҥ куоттаҕа дии. Ол гынан баран мас ох саалаах кэмҥэ маннык эстэр саа кэлбитэ үчүгэйэ буолуо.
Саалары кытта буорах куттар анал хаалар бааллар. Бу хааны ынах муоһуттан оҥороллор эбит. Синньиир уһуктаах өттүнэн саа уоһугар кутарга аналлаах хайаҕастаах уонна тохтубатын диэн хаппахтанар бүөлээх.
Оттон буулдьа сааларга буулдьаларын эмиэ иитэллэр эбит. Ол буулдьа хааларын араастарын бэркэ сөҕө көрдүбүт. Билиҥҥи буулдьаларга холоотоххо, сорохтор улахан баҕайылар, сорохтор арыый да кыралар.
Урукку булчуттар барытын кэмнээн, ааҕан-суоттаан сылдьыбыттарын сөхтүбүт.
Аполлон Винокуров, 5 кылаас үөрэнээччитэ,
14 №дээх «Эдэр корреспондент» пост юнкора.
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.
Тайыы
Кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сылдьарбын наһаа сөбүлүүбүн. Хас сырыттахпыт аайы онно баар тыатааҕы чуучалатын сөҕө көрөбүт. Билигин тыатааҕыны бултуурга сааны тутталлар. Оттон былыр саа кырыымчык, суох да кэмигэр араас албастарынан бултууллар эбит.
Биир оннук булт тэрилинэн тайыы буолар. Дьэ, бу тугуй диэххит. Бу атырдьахха маарынныыр тимир тэрил. Икки эрэ тиистээх. Бу тайыыннан арҕахха сытар эһэни бултуурга тутталлара. Саамай сымса, түргэн киһи арҕах үрдүгэр тахсан турара. Эһэни уһугуннаран баран, арҕаҕыттан тахсарын саҕана төбөтө быктарын кэтээн туран, моонньун туһаайан батары анньара. Оччоҕо, таба астаран, тохтуу түһэр кэмигэр бэлэм турааччылар үҥүүннэн быраҕан өлөрөллөрө.
Эһэ күүстээх, адьырҕа кыыл буоллаҕа, онно дэлэ хорсун, күүстээх уонна сымса киһи итинник булт тэрилинэн бултуурун туһунан кэпсэттибит.
Мирослав Винокуров, 6 кылаас үөрэнээччитэ,
14 №дээх «Эдэр корреспондент» пост юнкора.
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.