П.А. Ойуунускай суруйан хаалларбыт айымньылара бүтүн саха норуотугар номох буолан хааллаҕа.
Кулун тутар 29-30 күннэригэр Емельян Ярославскай аатынан мусуойга П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын көрсө “Дорҕоонноох тылым хоһооно долгутар алгыстаах” диэн куонкурус үрдүк таһымҥа ааста.
Бу маннык күрэх оҕону бары өттүнэн сайдыылаах буоларга үөрэтэр. Икки күн устата 95 оҕо икки бөлөххө арахсан кытынна. Кинилэр элбэх кинигэни ааҕар буолан, тылларын саппааһа баайа тута биллэр. Дьүүллүүр сүбэ кыттааччы хайдах тутта-хапта турарыттан саҕалаан, хоһоонун ис тутулун төһө итэҕэтиилээхтик биэрэрин көрөн сыаналаата.
Эдуарда АФАНАСЬЕВА, VII “Е” кылаас, Дьокуускай 33 №-дээх орто оскуолата:
– Мин кырабыттан хоһоон эйгэтигэр сыстаҕас соҕуспун. Үксүгэр нууччалыы хоһооннору ордоробун. Айар-тутар иэйиим киирдэҕинэ, бэйэм эмиэ суруйабын. Мин төрөппүттэрбин кытта Үөһээ Бүлүү Дүллүкү бөһүөлэгиттэн көһөн кэлбиппит. Онно сылдьан миигин хоһоон алыптаах эйгэтигэр уһуйбут учууталым Мария Осиповна Софронованан киэн туттабын. Кини миигин сыанаҕа толлубакка ааҕарга үөрэппитэ. Ханнык баҕарар киһи хоһоон ис тутулун үчүгэйдик билэр буоллаҕына, тыла-өһө бэйэтэ тахса турарга дылы. Ол курдук, П.А. Ойуунускай хоһоонноро киһи ис дууһатын таарыйар тыллардаахтар.
Нууччалыы хоһоон сахалыыттан олус ураты эбит. Холобур, нууччалыы көнөтүнэн этиллэр эбит буоллаҕына, сахалыы бу биир тыл, уустаан-ураннаан уһатыллар буолан, үөрэтэргэ олус уустук.
Дьокуускай 26 №-дээх орто оскуолатын уолаттара:
– Биһиги оскуолабыт иһинэн историческай мусуой үлэлиир. Онно сылдьаммыт биһиги өбүгэлэрбит хайдах олорон ааспыттарын үөрэтэбит. Христина Ивановна Чусовская диэн салайааччылаахпыт. Оскуолабытыгар саха тылын үөрэппэттэр. Бэйэбит саха тылын билэр буолан, Христина Ивановна салалтатынан, хоһоон куруһуогар сылдьабыт. Бу куонкуруска кыттарбытыгар таҥаспытын салайааччыбыт булан биэрбитэ. П.А. Ойуунускай “Көҥүл ырыата” диэн хоһоонун аахтыбыт. Ону таһынан Владик Скиба “Андаҕар” диэн хоһоонунан кытынна. Бу маннык таһымнаах куонкурустар өссө да ыытылла турдуннар диэн бэйэбит баҕа санаабытын этэбит.
Саха сирин араас улуустарыттан хоһоону дорҕоонноохтук ааҕар оҕолор түмсэннэр айар куттарын арыйдылар, элбэх саҥаны биллилэр. Улуу поэттарбыт суруйан хаалларбыт хомоҕой тыллаах хоһоонноро үйэ-саас тухары ахтылла турдуннар.
Иннокентий ВЛАДИМИРОВ.