Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн сэтинньи 21 күнүттэн Олоҥхо декадата саҕаланар.
Кэбээйи улууһун Мукучутугар Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетников – Көһөҥө Бүөтүр “Айыы Дьураҕастай” олоҥхотуттан быһа тардыыны — Көһөҥө Бүөтүр аатынан стипендиат, Олоҥхо ыһыаҕын (2014с.) тойук күрэҕэр кылаан бириис хаһаайката, СӨ үөрэҕириитин, култууратын туйгуна Раиса Семеновна Маркова — Жиркова Мукучуга Арчы дьиэтигэр кэлэн толордо.
Аан бастаан сахалыы сиэринэн Аал уоту, норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Д.Н.Николаев алгыс тылынан аһатта. Ол кэннэ Раиса Семеновна олоҥхотун саҕалаата. Кини бөдөҥ тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта, Үлэнэн Албан аатырбыт биир дойдулаахпыт Семен Гаврильевич Жирков орто оҕото. 35 сыл оскуолаҕа химия, биология учууталынан үлэлээбит. Онтон бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран олоҥхонон дьарыктаммыт.Тас дойдуларынан сылдьыбыт, дириҥ ис уйулҕалаах киһи. Өр сыл учууталлаабыт буолан тыла-өһө чөллөркөй. Киһи иһиттэр истэн олоруох курдук. Кыралыын-улаханныын олоҥхону биир тыынынан иһиттибит. Раиса Семеновна “төрүт дьонум көмөлөстүлэр быһылаах” – диэн бэйэтэ да астынна.
Олоҥхобут декадата, мантан төрүттээх олоҥхоһут олоҥхотунан арыллыбыта. Быйыл ИЙЭ-ОЛОХ- ОЛОҤХО -диэн ааттаах олоҥхо декадатын чэрчитинэн оскуолабытыгар олоҥхоҕо анаммыт уруоктар, олоҥхону истии,олоҥхоҕо анаммыт хаартыскаҕа түһэр сир, олоҥхо дьыктаана, сахалыы остуол оонньууларыгар,мас тардыһыытыгар күрэхтэр ыытыллыахтара.
“Арылы” – пресс-бөлөх, салайааччы –
Новикова К.Е.
Кэбээйи улууһа, Мукучу. И.Е.Левин
аатынан Танара орто оскуолата