Сэтинньи 19 күнүгэр оскуолабыт үөрэнээччилэригэр ОБЖ олимпиадата ыытылынна. Далыр, Хоро, Хомустаах, Дүллүкү, Маҥаас оскуолатын үөрэнээччилэрэ күрэхтэстилэр.
Аан бастаан кыттааччылар суругунан сорудахтарга эппиттээтилэр, онтон 7-8 кылаастар бастакы көмөнү оҥорорго, узеллары баайыыга, пожарнай форматын кэтэргэ күрэхтэстилэр, 9 кылаастар хааны тохтоторго бастакы көмөнү оҥорорго, баһаарынай таҥаһын кэтэн, туохтан баһаар саҕаламмытын билэн сөптөөх огнетушители таларга куоталастылар. Оттон 10-11 кылаастар уокка оҕустарбыт киһиэхэ көмөнү хайдах оҥорорго, автомат ыһарга, хомуйарга, ууттан киһини быыһыырга, салгын саатынан ытарга күрэхтэстилэр.
Олимпиада кыттыылаахтарын кытта кэпсэттим. Коля Кухотов, Хомустаах 8 кылааһын үөрэнээччитэ: «Үчүгэйдик кытынным дии саныыбын. Син бэлэмнэммитим. Учууталым — Борис Владимирович Тарасов. Мин бу күрэхтэһиигэ узелы баайыыны ыарырҕаттым».
Степа Дазарев, Далыр орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ: «Эрчиллибитим, учууталым Егор Семёнович Иванов. Мин бу күрэхтэһиигэ узелы баайарга уонна костёрга (маһы сөпкө ууруу, холуодьас, таежнай, звездочка) ыарырҕаттым. Таёжнай сорудаҕын өйдөөбөтөҕүм».
Бу курдук оҕолор араас уустук сорудахтаах ОБЖ олимпиадатыгар кыахтарынан кытыннылар, билиилэрин тургуттулар. Түмүк таҕыстаҕына, финалга киирбит оҕолор улуустааҕы олимпиадаҕа кыттыахтара.
Гульнара Тобохова, 8 кылаас, «Эрчим» эдкорпост,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү.