Мин аатым Эмилия Заболоцкая, Г.Г.Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэбин. Хас биирдии киһи бэйэтин төрүччүтүн, туох удьуордааҕын, дьарыктааҕын билиэхтээх, онон киэн туттуохтаах.
Маннык санаанан салайтаран, «Тимир кыыс – Кэтириинэ» диэн кимин туһунан чинчийэр үлэни ыыттым. Бу үлэм практическай суолтата — мин төрүччүм историятын бэйэм кэлэр көлүөнэбэр тарҕатааччы буолуо. Ханнык биллэр, чулуу дьоннор биһиги аймахха олорон, үлэлээн ааспыттарын билиэхтээхпит.
1898 сыллаахха этнограф, Хоту дойдуну чинчийээччи Владимир Ильич Иохельсон «Нива» диэн сурунаалга суруйбут ыстатыйатыгар хаар анныгар тоҕус хонукка тибиллэн сыппыт кыыс туһунан суруйар. Ол кыыс аата Кэтириинэ диэн эбит. Кини туундараҕа тибиигэ атын куоттаран, сатыы тоҥуу хаары оймоон муна сылдьыбыт. Сэниэтэ эстэн сыппытынан хаарга тибиллибит. Тоҕус хонугу быһа аһаабакка, испэккэ, үлүйэн да хаалбакка тыыннаах сыппытын буурҕа бүппүтүн кэннэ көрдөөн-көрдөөн булбуттар. 17 эрэ саастаах эдэркээн кыыс айылҕа моһолун тыыннаах туораабытыттан Тимир кыыс диэн аат биэрбиттэр.
Ити кыыс мин хос — хос — хос — хос эбэм Явловская Екатерина Васильевна буолар эбит. Кини кэргэн тахсан, оҕо-уруу төрөтөн Явловскайдар диэн киэҥ удьуору тарҕаппыт.
Мин бу үлэни оҥорон кимтэн кииннээхпин, хантан хааннаахпын ийэм өттүнэн 5-ис көлүөнэ дьоммун биллим.
Мин хос — хос — хос — хос эбэм уонна эһэм 8 оҕолоруттан 34 сиэн, 88 хос сиэн тарҕаммыт. Оттон хос — хос сиэннэрин ааҕан сиппэтибит. Ону мин салгыы чинчийиэм.
Хос — хос — хос — хос эбэбит айылҕаттан «баардаах» эбит диэн өйдөөтүм. Тоҕо диэтэххэ, хаарга тибиллэ сытар кэмигэр киниэхэ тоҕус оҕо кэлэн буспут ынах этинэн аһаталлар эбит. Бу кэмҥэ дьиэтигэр хотоҥҥо турар кини анала бургунас эмискэ өлөн хаалбыт. Кэлин Екатерина Васильевна тоҕус оҕоломмута. Өбүгэбит ити ураты дьоҕура, туундараҕа мунан баран тыыннаах хаалбыта, кини ыччаттарыгар бэриллибитэ эмиэ дьикти дии саныыбын.
Үөрэнэр оскуолабар Тимир Кэтириинэ ыччаттара 12 оҕо үөрэнэ сылдьаллар эбит. Кинилэргэ өбүгэлэрин туһунан ыйытык ыытан, үгүстэрэ билбэт эбит диэн түмүккэ кэллим. Онон мин үлэм суолтата улахан буолла дии саныыбын.
Үлэм сыалын ситтим. «Тимир кыыс — Кэтириинэ» диэн кимин биллим, өбүгэм төһө ыччаты хаалларбытын чинчийдим. Элбэх уруулаахпын-аймахтаахпын билэн наһаа үөрдүм.
Эмилия Заболоцкая, 5 кылаас
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.
14№-дээх «Эдэр корреспондент» пост эдкора