Россия улуу ыраахтааҕыта Петр 1 төрөөбүтэ 350 сылыгар аналлаах орто уонна улахан сүөһөх кылаас үөрэнээччилэригэр «Символы России» олимпиада бүттүүн Россия үөрэнээччилэрин хабар улахан бырайыак буолар.
Олимпиаданы Россия библиотекалара бары иилээн-саҕалаан сэтинньи 16-18 күннэригэр ыыттылар. Уйбаан Ороһуунускай аатынан олохтоох библиотека ити хамсааһынтан хаалсыбакка, Ороһу орто оскуолатын үөрэнээччилэрин түмтэ.
Олимпиадаҕа 5,6 уонна 9 кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар. Тэрээһин саҕаланыан иннинэ үөрэнээччилэр Петр 1-гэ аналлаах быыстапканы уонна тэттик киинэни көрдүлэр. Олимпиада уопсайа Петр 1 олоҕугар, үлэтигэр сыһыаннаах10 боппуруостан турар, бүтэһик боппуроуска оҕолор биир толору эппиэти биэрэллэрэ ирдэнэр. Саамай бастыҥ үлэлээх 5 кылаастан Габышева Алина, 6 кылаастан Иванов Гена, 9 кылаастан Таныков Владик буоллулар. Библиотекаҕа буолар тэрээһиннэргэ оҕолор көхтөөх кыттыыны ылан тулалыыр эйгэ туһунан билэллэрэ-көрөллөрө элбиир.
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу оскуолата