Улахан Аан — чаҕылхай, умуллубат Александр Самсонов-Айыы Уолун дойдута. Манна олорор ыччат кини айыы тыынынан, алгыһынан айа-тута сылдьаллара буолуо диэн эрэнэбин. 2 Малдьаҕар орто оскуолата «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын үтүө доҕоро буолар. Бүгүҥҥү ыалдьытым — Спартак Федоров, 9 кылаас үөрэнээччитэ.
Алтыһыы, бодороһуу — ситиһии, толкуй төрдө
-Медиа-кииҥҥэ 13 сааспыттан дьарыктанабын. Салайааччым Надежда Петровна Громова. Кини идэтин баһылаабыт, таптыыр киһи. Сааскы медиасменаҕа сылдьан испитим эрээри, ыалдьан дьиэлээбитим. Доҕорум Алина Григорьева ситиһиилээхтик икки сменаҕа сылдьыбыта. Хас биирдии оҕо талааннаах, хатыламмат өрүттээх. Саамай сөбүлүүрүм — оҕолору кытта алтыһыы, бодороһуу.
Айарбын-тутарбын астынабын. Үҥкүүлүүбүн.
Мин араатар, интервьюер, ыытааччы быһыытынан сайдыахпын баҕарабын.
Саха тылын утумнаахтык үөрэтиини саҕалыыр былааннаахпын. Тоҕо диэтэххэ, ыччат билигин саҕалаабатахпытына, онтон кэлин кыаллыа суоҕа. Тыл-норуот өлбөт күүһэ!
Биология, обществознание, алгебра, физкультура — сөбүлүүр предметтэрим. Хоспор ырыаны холбоон үҥкүүлүүрбүн таптыыбын. Киэһэ ийэбин кытта хаама тахсабын. Элбэҕи кэпсэтэбит.
Суруналыыс тулалыыр эйгэтин билиэхтээх, анаарыахтаах. Олох элбэх, кистэлэҥ, өрүттэрин таба көрүөхтээх, интэриэһиргиэхтээх.
Краснослав Васильев ,
«Медиавызов» смена