Саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын II сийиэһин дэлэгээтэ — Матрёна Пантелеймоновна Андреева Исидор Никифорович Барахов аатынан бастакы нүөмэрдээх орто оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала.
«Биһиги кэммитигэр төрөөбүт тылга сыһыан лаппа үчүгэй өттүгэр уларыйда. Тылга эрэ буолбакка, өбүгэбит үтүө үгэстэрин сөргүтэн, ыччаты иитиигэ хайыһыннарбыттара олус хайҕаллаах.Тыл, култуура, духуобунас сайдыытыгар үгүс үлэ барда. Саха дьоно-сэргэтэ өрө көтөҕүллэн туран, Олоҥхо ыһыахтарын ыытыылара итини кэрэһэлиир. Сүүрбэ биирис үйэҕэ саха оҕото төрөөбүт тылынан лоп бааччы саҥарарын истэ үөрэҕин. Билиҥҥи кэм сайдыыта, ыччаттан үс тылынан толору кэпсэтэри ирдиир. Ол иһин оҕолорго этиэхпин баҕарабын, оҕолоор төрөөбүт тылгытынан, ону таһынан нууччалыы, аангылыйалыы сөпкө толору саҥара, кэпсэтэ, суруйа үөрэниҥ.
Саха тыла сайда турара, саҥаттан саҥа саҕахтары арыйан, сайдан, үүнэн иһэрбитин олох хаамыыта ирдиир. Буолаары турар сийиэстэн, тус бэйэм, элбэҕи эрэнэ кэтэһэбин. Тылбыт, сайдыыбыт атын омуктартан итэҕэһэ суох иннин диэки хардыылыырыттан үөрэбин, астынабын», — диэн этэр сийиэс дэлэгээтэ М.П. Андреева.
«Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.