Түргэн уларыйыылаах, араас омук алтыһыылаах аныгы олохпутугар кэнчээри ыччаты төрөөбүт сиргэ-уокка, төрүт тылга, өбүгэ үгэһигэр сыһыаран иитии норуот уһун үйэлэниитин оҥкула буолар. Саҥа саҕахтары арыйыы уруккуну үөрэтииттэн, төрүөтү чинчийииттэн саҕыллар.
Нам улууһун «Түөлбэ» оҕо киинин «Кыраайы үөрэтии» куруһуогар үөрэнээччилэр ырааҕы ырыҥалыыр киэҥ көрүүлээх, дириҥ толкуйдаах дьоһун дьон буола үүнэн-сайдан таҕыстыннар диэн төрөөбүт сирдэрин, ытыктанар чулуу дьоммут олохторун, үлэлэрин үөрэтэллэр, чинчийэр, бырайыактыыр үлэ суруйаллар.
Куруһуок чэрчитинэн үөрэнээччилэри бу далааһыннаах үлэҕэ сыһыарыы үс хайысханан ыытыллар:
1. Историческай пааматынньыктарынан, ытык сирдэринэн экскурсиялар.
2. Саха Республикатын, Нам улууһун сайдыытыгар тус кылааттарын киллэрбит ытык дьоммут олоҕун үөрэтии, чинчийии.
3. Чинчийэр, бырайыактыыр үлэни суруйуу, кэмпириэнсийэлэргэ кыттыы.
Үөһэ ыйыллыбыт хайысхалар ыкса ситимнээхтэр, оҕо чинчийэр, ырыҥалыыр, санаатын үллэстэр дьоҕурун сайыннарыыга туһуланаллар.
Биир оннук кэрэхсэбиллээх бырайыагынан «Айан педагогиката» диэн төрөөбүт улууспут устун экспедиция буолар. Үөрэнээччилэр сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр «Сайдыс» лааҕырга сылдьан «Төрөөбүт улууһум устун айан» диэн кыраайы үөрэтэр экспедицияҕа кытыннылар. Бу сырыы төрөөбүт дойдубут историятын үөрэтэр, чинчийэр сыаллаах тэрилиннэ.
Биир дойдулаахпыт, саха чулу уола, Максим Кирович Аммосов 125 сылыгар уонна Саха АССР төруттэммитэ 100 сылыгар ананна. Сырыыбыт Нам-Модут-«Чэбдик» лааҕыр-Хатырык-Үрдүк иирэ-Нам хайысханан туһуланна. Үөрэнээччилэр бу нэһилиэктэр олохторун-дьаһахтары, оскуолалар үлэлэрин уратытын, лааҕырдарын, бэлиэ сирдэрин, историятын уратытын кытта билистилэр. Модут агро хайысхалаах оскуолатыгар үөрэнээччилэр үлэҕэ сыстан улааталларын сэргээтилэр. Оскуола оҕолору оҕуруот үлэтигэр, дьиэ кыылын иитиигэ сыһыарар «Чэбдик» диэн дэриэбинэттэн 3 км тэйиччи турар лааҕырдаах эбит. Манна үөрэнээччилэр хортуоппуй олордоллор, сыыс оту үргүүллэр, тээпкэлииллэр. Лааҕыр чэрчитинэн идэни талыы хайысхатыгар туһуланар дириҥ ис хоһоонноох дьарыктарга кытынныбыт.
Салгыы Хатырык нэһилиэгэр «Үрдүк Иирэ» диэн этнографическай-архитектурнай комплекса сырыттыбыт. Музей үлэһитэ Станислав Дьяконов Түбэттэн аҕалыллыбыт кириэс туһунан кэпсээтэ. Салгыы Максим Кирович Аммосов төрөөбүт, оҕо сааһа ааспыт Аччыгый Арыы диэн алааһыгар сырыттыбыт. Үөрэнээччилэр сыл устата олоҕун, үлэтин кэрэхсии үөрэппит чулуу киһибит төрөөбүт сирин илэ харахтарыран көрөн олус долгуйдулар, кини туһунан чинчийэр үлэлэригэр туох саҥаны эбии киллэриэхтэрин сөбүн былааннаатылар.
Төрөөбүт улууспут устун айан түмүгүнэн, үөрэнээччилэр чинчийэр үлэлэрин хомуурунньуга бэчээттэннэ. Экспедиция оҕолорго саҥа билиини-көрүүнү бэлэхтээтэ, айымньылаах үлэҕэ кынаттаата.
Бу курдук, кэнчээри ыччат төрөөбүт дойдубут уруккутун, ытык дьоммут олохторун үөрэтэн саҥа саҕахтары арыйаллар, ситиһиигэ куорсун анньыналлар.
Надежда Семенова, «Кыраайы үөрэтии» куруһуок салайааччыта