Сэтинньи 7 күнүгэр Бүлүүтээҕи И.М. Гоголев — Кындыл аатынан Бүлүү улууһун киин библиотекатыгар Улуу Өктөөп 105 сылын үөрүүлээх быһыыга – майгыга бэлиэтээтилэр.
Бүлүү куоратын аҕа састаах көлүөнэтигэр анаан “Ааспыт кэм ахтылҕана” диэн истиҥ көрсүһүү буолан ааста. Тэрээһини иилээн — саҕалаан И. М. Гоголев — Кындыл аатынан киин библиотека ыытта. Манна мустубут дьон В. В. Васильев салайааччылаах Бүлүүтээҕи норуодунай хорун толоруутугар “Махтал ырыата”, “Сахам Сирэ”, “Колхуостаахтар ырыалара”, “Былааһы Сэбиэккэ” ырыалары иһиттилэр, бэлэмнэммит кинигэ быыстапкатын уонна слайданан урукку хаартыскалары көрдүлэр, урукку кэм ырыаларын толордулар уонна үнкүүлээтилэр. Кырдьаҕас Бүлүү историятынан боппуруостарга эппиэттээһин уонна манан сиэттэрэн ырытыһан кэпсэтии ордук интэриэһи тартылар.
Тэрээһини бары олус сөбүлээтилэр уонна көрсүһүүнү бэрт сэргэхтик ыыппыт Софья Мартыновна Саввиноваҕа махталларын тиэртилэр. СӨ МВД бэтэрээнэ Дмитрий Сергеевич Седалищев маннык тыл эттэ: “Бу тэриллибит тэрээһин барыта ыччакка олоҕу сыаналыырыгар, олоҕу өйдүүрүгэр олус суолталаах. Онон маны кинилэргэ тиэрдиэххэ наада диэн толкуйдуубун. Бүлүү ыччата инникигэ сүрдээх эрэллээх, саҥа олоҕу тутарга улахан баҕалаах, олох сайдыытыгар улахан кылааты киллэриэ диэн эрэллээхпит”.
Джулианна Дорофеева, Н.И. Протопопова аатынан “Кэскил” киин,
“Репортер” медиа-киинин эдкора, Бүлүү куорат.