Мин үөрэнэр 7 кылааһым Ороһу оскуолатыгар нуучча тылын, литературатын учууталынан үлэлээбит, филологическай наука кандидата Георгий Романович Кардашевскай аатын сүгэр.
Тоҕо кини аатын сүгэрин интэриэһиргээн ааҕыларга кыттыбытым. Салайааччыларым С.Н. Васильева, А.И. Ушатова. Докладым тиэмэтэ: «Удивительные открытия из переписки внучки Чернышевского и якутского учителя».
Бу тиэмэни арыйаары «Юность Севера» хаһыат урукку нүөмэригэр тахсыбыт ыстатыйаны аахпытым. Хаһыат кэрэспэдьиэнэ Мария Решетникова Ефросинья Георгиевна Кардашевская улуу суруйааччы Николай Гаврильевич Чернышевскай сиэн кыыһа, Нина Михайловна Чернышевская, Саратов куораттан Ороһу оскуолатын учууталыгар Георгий Романовичка анаан икки суругу суруйбутун туһунан кэпсэнэр. Ыстатыйаттан Георгий Романович «Чернышевский в Вилюйске» диэн улахан үлэни үлэлээбитин билбитим. Уонна Г.Р. Кардашевскай 1950 сыллаахха «Чернышевский в Вилюйске» диэн драманы саҕалаабыт. 1955 с. «Вилюйский узник» диэн кинигэни суруйбутун биллим.
Үөрэтэр-чинчийэр ааҕыыга кыттаммын, Г.Р. Кардашевскай туһунан элбэҕи биллим уонна кылааһым кини аатын сүгэриттэн киэн тутуннум.
Сайаан ПАВЛОВ, «Тымтык» эдкорпост, Ороһу орто оскуолата.