Дуобат — саха дьоно уруккуттан сөбүлүүр оонньуута. Кыра оҕоттон саҕалаан кырдьаҕас дьоҥҥо тиийэ дуобатынан умсугуйаллар. Билиҥҥи кэмҥэ дуобакка улахан болҕомто ууруллар, ол да иһин саха дуобатчыттара Аан дойду таһымыгар күүстээхтэр, үгүс ситиһиилээхтэр. Дуобат – Саха сиригэр биир саамай сайдыбыт спорт көрүҥэ.
Биһиги Кэбээйибит оскуолатыгар дуобат куруһуога баар. Элбэх оҕо сөбүлээн дьарыктанар, араас күрэхтэһиилэргэ кыттар. Быйыл пандемия кэнниттэн, Мэҥэ Хаҥалас Мэлдьэхситигэр Академик А.В. Чугунов аатынан оскуолаҕа биллиилээх тренер Василий Василий Куприянов салалтатынан Алик Завгородний уонна Ангелина Андреева үөрэнэ барбыттара.
Бу күннэргэ Василий Васильевич Иркутскай уобалас Ангарск куоратыгар Мэлдьэхситтэн 8 оҕону дойду таһымнаах дуобат күрэхтэһиигэ кытыннара сылдьар. Россия 7 регионуттан 238 оҕо “Ангарская осень” дуобат турнирыгар кэлбит. Кэбээйи оҕолоруттан 5 кылаас үөрэнээччитэ Алик Завгородний нуучча дуобатын саамай түргэн (молниеноснай) көрүҥэр бастакы миэстэ уонна классикаҕа үһүс миэстэ буолла. Биһиги Аликпыт кыайыытыттан олус үөрэбит уонна өссө да үгүс ситиһиини баҕарабыт.
Диана Кобякова, 11 кылаас, “Нуклеус” пост, Кэбээйи