Мин эбэм — Ороһу орто оскуолатын математика учуутала Александра Спиридоновна Прокопьева. Кини сэтинньи сэттистиир күнүн — Өктөөп күнүн маннык ахтар: «Оҕо саастан Өктөөп бырааһынньыга өйбөр-сүрэхпэр дириҥник иҥэн хаалбыт эбит. Параакка бараары тэринии, долгуйуу, парааттан кэлэн, ийэм минньигэс бэрэскиитин сиирим, итии үүттээх чэйин иһэрим —туохтааҕар да күндү этэ!
1964-65 үөрэх сылыгар, Өктөөп бырааһынньыгар төрдүс кылааска, Дүллүкүгэ үөрэнэ сылдьан, кылааһынан пионер кэккэтигэр киирбиппин улахан бырааһынньык курдук саныыбын. Пионерга киирбит үөрэнээччи хаалтыһын мэлдьи баана сылдьар. Кыһыл хаалтыс — оҕону бэрээдэктиир, сырдыгы сыдьаайар, кэрэҕэ сирдиир. Ийэ дойдуга бэриниилээх патриоттар үүнэн тахсалларыгар олук уурбута. Онон билигин даҕаны Өктөөп бырааһынньыгын олус истиҥник саныыбын. Уруй-айхал буоллун, сэтинньи сэттистиир күнүгэр!».
Сиэнэ Васиан КРИВОШАПКИН, Ороһу нэһ.