Оҕолор, эһиги тиискитин суунаҕыт дуо? Ханнык паастанан суунаҕытый? Хаһан эмит тиискитин сууна туран, «Бу туохтан оҥоһуллубута буолуой?” дии санааччыгыт дуо?
Г. Г. Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ Аполлон Винокуров оннук эрэ санаабакка, тиис сууйар паастаны бэйэтэ оҥорон көрөргө санаммыт. Кини биология, химия учууталынаан Дияна Максимовна Винокуровалыын үс араас паастаны оҥорон холоммуттар.
Пааста оҥоһуллуутугар, сүрүннээн, мас күлэ, суода, үрүҥ туой, эфирнэй арыы, глицерин туһанылларын уонна амтанын тупсарарга мятаны, ароматизаторы эбиэххэ сөбүн туһунан Аполлон билбит. Маны таһынан, эмтээх оту эбиэххэ сөп эбит. Оччоҕо пааста туһата улаатар диэн кэпсиир Аполлон.
Дьиэтигэр бастакы паастатын илдьэн боруобалаппыт. Дьиэтээҕилэр пааста амтанын олус биһирээбиттэр. Арай кыра быраата Максимка өҥө харатыттан сирбит.
Аполлон бу чинчийиитинэн дакылаат бэлэмнээн оскуолатааҕы конференцияҕа кыттаары бэлэмнэнэ сылдьар. Онон күһүҥҥү сынньалаҥын олус туһалаахтык атаарда.
И. Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.